Айыл Дьулурха: «Байыастар өрөспүүбүлүкэ хаһыаттарын сөбүлээн ааҕаллар»
Бу туһунан бүгүҥҥү брифинг кэмигэр ыстаап салайааччыта Айыл Дьулурха иһитиннэрдэ.
«Өрөспүүбүлүкэ хаһыаттарын байыаннай дьайыыга сылдьар байыастарга ыыппыппытын тутаннар, олус үөрбүттэрэ, сэргээбиттэрэ. Хаһыаттары бары сэргээн, интэриэһиргээн ааҕаллар. Онон бэҕэһээ ыыппыт таһаҕаспыт улахан бырыһыанын саха бэчээтэ ыллылар. Владивостокка уонна Хабаровскайга 1 туонна эми-тому уонна чөлүгэр түһэриигэ көмөлөһөр тэриллэри ыытыахпыт», – диэн ыстаап салайааччыта бэлиэтээн эттэ.
Билигин уоппускаҕа сылдьар байыастар ыстааптан кэлэн эбии экипировканы ылаллар. «Кинилэргэ утуйар мөһөөччүктэри, атах таҥаһын, экипировканы биэрэбит. Туһааннаах малга-салга наадыйыы элбэх», – диэтэ Айыл Дьулурха.
Санатан эттэххэ, гуманитарнай көмөнү хомуйар пуун Дьокуускай куоракка, Орджоникидзе уул., 10-гар баар. Пуун 10:00-19:00 ч диэри үлэлиир.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: