Айыл Дьулурха: «Байыастар өрөспүүбүлүкэ хаһыаттарын сөбүлээн ааҕаллар»

Share
«Якутия с тобой!»  өрөспүүбүлүкэтээҕи уопсастыбаннай  хамсааһын активистара  уочараттаах  гуманитарнай көмөнү байыаннай дьайыы сиригэр ыыттылар.  Нэдиэлэ бүтүүтэ волонтердар Илиҥҥи байыаннай уокурук медсанчааһыгар эми-тому ыытыахтара.

Бу туһунан бүгүҥҥү брифинг кэмигэр ыстаап салайааччыта  Айыл Дьулурха иһитиннэрдэ.

«Өрөспүүбүлүкэ хаһыаттарын  байыаннай дьайыыга сылдьар байыастарга ыыппыппытын тутаннар, олус үөрбүттэрэ, сэргээбиттэрэ. Хаһыаттары бары сэргээн, интэриэһиргээн ааҕаллар. Онон бэҕэһээ ыыппыт таһаҕаспыт улахан бырыһыанын  саха бэчээтэ  ыллылар. Владивостокка уонна  Хабаровскайга 1 туонна эми-тому уонна чөлүгэр түһэриигэ көмөлөһөр тэриллэри ыытыахпыт», – диэн ыстаап салайааччыта бэлиэтээн эттэ.

Билигин  уоппускаҕа сылдьар байыастар ыстааптан кэлэн эбии экипировканы ылаллар.  «Кинилэргэ утуйар мөһөөччүктэри, атах таҥаһын, экипировканы биэрэбит. Туһааннаах малга-салга наадыйыы элбэх», – диэтэ Айыл Дьулурха.

Санатан эттэххэ,  гуманитарнай көмөнү хомуйар пуун Дьокуускай куоракка,  Орджоникидзе уул., 10-гар баар. Пуун   10:00-19:00 ч диэри үлэлиир. 

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Чэгиэн

Чэгиэн-чэбдик буол

Бэйэбитин көрүнүөҕүҥ, доруобуйабытыгар туһалааҕы оҥостуоҕуҥ. Ытыстары бэйэ-бэйэлэригэр аалан сылытыллар уонна сырдык киирбэтин курдук тарбахтары бэйэ-бэйэлэригэр…

30 минут ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

«Биисинэс-Экспо» быыстапкаҕа Ньурба урбаанньыта бииргэ үлэлэһэр дьонун булла

Икки күн устата ыытыллыбыт "Биисинэс-Экспо 2024"   Саха сирин урбаанньыттарын, бэйэ дьыалатынан дьарыктанар дьону түмэр, көҕүлүүр…

1 час ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Бороҕоҥҥо сэргэх тэрээһин буолла

Уус Алдан улууһугар бибилэтиэкэ тэриллибитэ 100 сылыгар, РФ Конституциятын күнүнэн С.С. Васильев-Борогонскай аатынан оройуоннааҕы киин…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Улахан муҥкулар байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар көмөлөһөллөр

Өлүөхүмэ улууһун Улахан Муҥку сэлиэнньэтигэр “Биһиги бииргэ” аһымал кэнсиэр буолла. Кэнсиэр Малдьаҕар начаалынай оскуолатын-уһуйаанын кэлэктиибин,…

2 часа ago
  • Куонкурус
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Космоска Саха сирин уонна Бүлүү куоратын гербэлэрэ ойуулаах аракыата көтүөҕэ

2024 сыл ахсынньы 25 күнүгэр "Союз2.1б" аракыата-носитель "Байконур" космодромуттан Саха Өрөспүүбүлүкэтин уонна Бүлүү куоратын гербэлэрэ…

3 часа ago
  • Сонуннар
  • Үөрэх

Биэс “тоҕо?”: Сыымах оскуолатын холобура

Оскуола агролабораториятыттан репортаж. Кыһыҥҥы суол аһыллан, илин эҥээр бастакы командировкабыт Мэҥэ Хаҥалас Сыымаҕар туһаайылынна. Эрэдээксийэ…

3 часа ago