Айылҕа дьиктитэ: Саха сирин Аарыма тиит маһа
Сахабыт сирин кэрэ айылҕата араас ураты көстүүлэринэн сөхтөрөр, күндүлүүр. Бу күннэргэ Горнай улууһугар Мытаах нэһилиэгэр саамай улахан аарыма тиит үүнэр диэн сонун социальнай ситимнэринэн тилийэ тарҕанна.
Бу туһунан Арассыыйа географическай уопсастыбатын чилиэнэ, кыраайы үөрэтээччи Владимир Прокопьевич Парфенов иһитиннэрдэ. Кини этэринэн, аарыма тиит мас эргимтэтэ 4 миэтэрэ 45 см. Аҥардас тиит мас хатырыгын саамай кэтит өттө 20 см дылы тиийэр. Бу ураты ботаническай суолталаах эбийиэк Саха сирин исписэлиистэрин болҕомтотун тардыахтаах диэн Владимир Парфенов этэр.
Аны туран дьикти ураты көстүүлээх аарыма тиит мас сааһа чопчу биллибэт. Номнуо бу маһы көрөөрү ыалдьыттар Саха сирин кэккэ улуустарыттан эрэ буолбакка, араас туристар Арассыыйа атын эрэгийиэннэриттэн кэлэн бардылар диэн «Үлэ күүһэ» хаһыат суруйар. Кинилэри эмиэ аарыма мас хас саастаах буолара олус интэриэһиргэтэр. Холобур, Урал тайҕатыгар 800 саастаах аарыма тиит булуллубутун туһунан куйаар ситимигэр үгүс элбэх сонун тарҕаммыт эбит буоллаҕына, оччотугар Мытаах аарыма тиитэ хас саастааҕа буолуоҕай?
Василий Алексеев
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: