Айылҕа дьиктитэ: Саха сирин Аарыма тиит маһа

Share

Сахабыт сирин кэрэ айылҕата араас ураты көстүүлэринэн сөхтөрөр, күндүлүүр. Бу күннэргэ Горнай улууһугар Мытаах нэһилиэгэр саамай улахан аарыма тиит үүнэр диэн сонун социальнай ситимнэринэн тилийэ тарҕанна.

Бу туһунан Арассыыйа географическай уопсастыбатын чилиэнэ, кыраайы үөрэтээччи Владимир Прокопьевич Парфенов  иһитиннэрдэ. Кини этэринэн, аарыма тиит мас эргимтэтэ  4 миэтэрэ 45 см. Аҥардас тиит мас хатырыгын саамай кэтит өттө 20 см дылы тиийэр. Бу ураты ботаническай суолталаах эбийиэк Саха сирин исписэлиистэрин болҕомтотун тардыахтаах диэн Владимир Парфенов этэр.

Хаартыска: Алена Санникова

Аны туран дьикти ураты көстүүлээх аарыма тиит мас сааһа чопчу биллибэт. Номнуо бу маһы көрөөрү ыалдьыттар Саха сирин кэккэ улуустарыттан эрэ буолбакка, араас туристар Арассыыйа атын эрэгийиэннэриттэн   кэлэн бардылар диэн «Үлэ күүһэ» хаһыат суруйар. Кинилэри эмиэ аарыма мас хас саастаах буолара олус интэриэһиргэтэр. Холобур, Урал тайҕатыгар 800 саастаах аарыма тиит  булуллубутун туһунан куйаар ситимигэр үгүс элбэх сонун тарҕаммыт эбит буоллаҕына, оччотугар Мытаах аарыма тиитэ хас саастааҕа буолуоҕай?

Дьикти мас Дьиикимдэ-Өрт муниципальнай суолтан ырааҕа суох сиргэ үүнэр. Кини аттыгар эмиэ хас да улахан тиит баар. Ол аата бу сир бэйэтэ айылҕалыын дьикти дьайыылаах, таабырыннаах буолуон сөп… Мытаахтар бу тиит мас бары өттүнэн  «Арассыыйа сыл бастыҥ маһа» Бүтүн Арассыыйатааҕы куонкуруска кыттар толору кыахтаах диэн иһитиннэрдилэр.

Василий Алексеев

What’s your Reaction?
+1
12
+1
1
+1
3
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Сүрүн

Олох амтанын сүтэримэҥ

Оҕо эрдэххэ дьаабылыка сыта, мандарин амтана наһаа да минньигэс уонна ураты буолара. Саҥа дьыл үөрүүтүн,…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Өлүүнү кыайбыт улуу саллаат

Сыл – хонук. Номнуо үйэ чиэппэрэ ааһа охсубут.  Оттон киэн туттан бүгүн кэпсээри  оҥостор  киһибит …

3 часа ago
  • Сонуннар
  • Тыа хаһаайыстыбата

Одунуга айрширскай боруодалаах бастакы ньирэй күн сирин көрдө

Горнай улууһун Одуну нэһилиэгэр айрширскай боруодалаах ынах бастакы ньирэйин төрөппүтүн туһунан "Үлэ күүһэ" хаһыат телеграм-ханаала…

4 часа ago
  • Култуура
  • Сонуннар

ОНЛАЙН: Сахалыы киинэлэри босхо көрүҥ

"Сахафильм" киинэ хампаанньата уонна СӨ Национальнай бибилэтиэкэ 10 сахалыы киинэни босхо көрдөрөллөр. "Киинэни ааҕабыт!" аахсыйа…

4 часа ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Саха киинэтэ салгыы хайдах сайдыаҕай?

Саха киинэтэ 1990 сылтан силис-мутук тардар. Бу сыл “Северфильм” киинэ устуудьуйата тэриллибитэ, ол 1992 сыллаахха…

4 часа ago
  • Сонуннар

ВИДЕО: Нейросеть Дьыл Оҕуһун оҥордо

Нейросеть Дьыл Оҕуһун оҥордо диэн ЯкутияDaily иһитиннэрэр: https://t.me/yakutiadaily/45038

4 часа ago