Бүлүү Хотун кытылыгар «Абааһы балаҕана», «Сир хараҕа», «Соколинай» курдук дьикти кытыллар бааллар. Бу күннэргэ эмиэ бэрт дьикти таастыйбыт мастарга маарыҥныыр көстүүнү буллулар.
Сааскы халаан уута Бүлүү өрүһү суурайан, кытылга араас айылҕа дьиктилэрин таһаарар. Бу күннэргэ сир кырсыттан 30-ча миэтэрэ аллараа былыргы үйэтинээҕи таастыйбыт бөдөҥ мастар тахсыбыттарын буллубут.
Аҕыйах хонуктааҕыта Ойуур хаһаайыстыбатын салайааччыта Василий Козлов үлэтинэн рейдэ оҥоро сылдьан, бу дьикти таас мастары булбута. Бу таас мастардаах сир Уустуйа аннынан Бүлүү Эбэ уҥа кытылынан 3 килэмиэтирдээх чугас сиргэ баар. Кытыл сирэйин быһа анньан тахсыбыт таастар былыргы мастарга маарыҥныыллар. Археолог Вильям Яковлев видеонан көрөн, ону эмиэ бигэргэтэн былыргы көстүү диэн сабаҕалаата.
Дьэ, дьикти аны мастар биир таһымҥа сыталлара, киһи эрбээбитин курдук бысталаммыттара киһини сөхтөрөр. Бэл, сорох көрбүт «Нуой ковчега» дэһэллэр. Аны бу таастар аттыларыгар хайа хаспаҕыттан икки күрүлгэн үрүйэлии сүүрэ сытара кэрэхсэтэр.
Онтон Түбэйгэ өрүс кытылын Үрүҥ Хайатыгар бэлэм суорунаҕа маарыҥныыр элбэх таастары булаллар. Дьон ону ылан туһаҕа да таһаарар түгэнэ баар.
Бу айылҕа дьиктилэрин дьиҥ кырдьыгын анал чинчийээччилэр эрэ быһаардахтарына буолуо… биһиги таас, мас диэбиппит сабаҕалааһын буоллаҕа. Хата кэлиҥ уонна үөрэтиҥ!
Тускулаана ГОРОХОВА-КОБЕЛЬЯНОВА
Оҕо эрдэххэ дьаабылыка сыта, мандарин амтана наһаа да минньигэс уонна ураты буолара. Саҥа дьыл үөрүүтүн,…
Сыл – хонук. Номнуо үйэ чиэппэрэ ааһа охсубут. Оттон киэн туттан бүгүн кэпсээри оҥостор киһибит …
Горнай улууһун Одуну нэһилиэгэр айрширскай боруодалаах ынах бастакы ньирэйин төрөппүтүн туһунан "Үлэ күүһэ" хаһыат телеграм-ханаала…
"Сахафильм" киинэ хампаанньата уонна СӨ Национальнай бибилэтиэкэ 10 сахалыы киинэни босхо көрдөрөллөр. "Киинэни ааҕабыт!" аахсыйа…
Саха киинэтэ 1990 сылтан силис-мутук тардар. Бу сыл “Северфильм” киинэ устуудьуйата тэриллибитэ, ол 1992 сыллаахха…
Нейросеть Дьыл Оҕуһун оҥордо диэн ЯкутияDaily иһитиннэрэр: https://t.me/yakutiadaily/45038