Айылҕа оҕолорун туһунан уйаҕастык
Уһун кэмҥэ салайар үлэҕэ таһаарыылаахтык үлэлээн, ордук тыа хаһаайыстыбатын сайдыытыгар улахан кылаатын киллэрэн, дьон-сэргэ ытыктабылын ылбыт, Амма уонна Үөһээ Бүлүү улуустарын бочуоттаах олохтооҕо, Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуотун хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ Дмитрий Федосеевич Наумов сааһыран баран айар үлэҕэ хоннохтоохтук ылсан, ааҕааччы кутун-сүрүн тутан, Саха норуодунай суруйааччыта буолбутун бары билэбит.
Уһун сылларга тыа сиригэр үлэлээн, тыа дьонун кытта киэҥник алтыһан, кинилэр олохторун уйгутун, майгыларын-сигилилэрин мындырдаан көрүүтүн-билиитин, дьонугар-сэргэтигэр уйаҕас тапталын айымньыларыгар хоһуйа туппута ааҕааччы бэйэтигэр ханыылыы, чугастык, истиҥник тутан ааҕар айымньыларыгар кубулуйда. Салайар үлэттэн илиитин араарбакка, суруксуттуур эрэ туһунан санаабакка сылдьыбыт Дмитрий Федосеевич айылҕаттан суруйар-бичийэр эмиэ аналлаах, оннук дьоҕурдаах, талааннаах иитиллэн сылдьыбыта кини кэнники сылларга быыстала суох тахсыбыт айымньыларыгар илэ чахчы көһүннэ.
Норуодунай суруйааччы Дмитрий Наумов бу күннэргэ үбүлүөйдээх 75 сааһыгар үктэннэ. Бэлиэ сааһын “30 кэпсээн “ диэн саҥа кинигэлээх көрүстэ. Отут кэпсээн хомуурунньугун сүрэхтээһин бу кинигэ оҥоһуллан, көрүллэн-истиллэн, биэбэйдэммит сиригэр — Былатыан Ойуунускай аатынан литэрэтиирэ түмэлигэр буолан ааста. “Буруолуу сылдьар” саҥа кинигэ сүрэхтэниитигэр суруйааччы айар үлэтин саҕалыырыгар алгыс тылларынан кынаттаабыт, айымньыларын ырыппыт, айымньы ааҕааччыга тиийиитигэр утумнаахтык үлэлэспит тыл учуонайдара, артыыстар, бииргэ үлэлээбит доҕотторо, Амматтан биир дойдулаахтара кытыннылар.
Кинигэ “Анаабыр алмаастара “ хампаанньа уонна “Саха сирин суруйааччылара “ ассоциация үбүлээһининэн, Новосибирскайдааҕы “Деал “ типографияҕа 1200 ахсаанынан бэчээттэнэн тахсыбыт.
“Миитэрэй Наумов маастарыстыбатын биир ураты көстүүтэ кини кыыллары чаҕылхайдык ойуулууругар чаҕылхайдык көстөр. Ааптар кыыллар ураты быһыыларын, эйгэлэрин табан ойуулуур. Ол барыта ааҕааччыны олоҕу киэҥник өйдүүргэ, таптыырга үөрэтэр. Дьэ, ытыктабыллаах ааҕааччы, эн, чахчы, элбэх көтөр-сүүрэр, кыыл-сүөл уус-ураннык ойууланан, биир “күрүөлэммит-хаһааламмыт “ кинигэтин тутан олороҕун. Сатахха онтуларбыт сорох-сорохторо сахалыы саҥараллар, киһилии кэпсэтэллэр! “ диэн билиһиннэрэр кинигэҕэ киирии тылын суруйбут суруйааччы Афанасий Гуринов-Арчылан.
Кинигэ сүрэхтэниитин филологическай наука доктора Валентина Семенова салайан ыытта.
—Миитэрэй Наумов айар үлэтэ саха дьонугар чугас. Кини айымньытын ааҕа олорон бары дойдубутун саныыбыт, кини айымньыларыгар— саха киһитин кэрэ, сырдык санаата, үөрүүтэ-көтүүтэ хоһуллар. Кинини уопсастыбаннай-судаарыстыбаннай диэйэтэл, суруйааччы да быһыытынан саха дьоно ытыктыыр,— диир “Саха сирин суруйааччылара “ ассоциациятын бэрэссэдээтэлэ Олег Сидоров.
Биир дойдулаахтарын туһунан иһирэх-истиҥ тылы Амма улууһун баһылыга Степан Кузьмин салайааччылаах дэлэгээссийэ эттэ. Кинилэр төрөөбүт дойдуга тапталы, кинини үрдүктүк тутууга үөрэппит-такайбыт суруйааччы Миитэрэй Наумовынан өрүү киэн тутталларын эттилэр. Миитэрэй Наумов суруйааччы быһыытынан айар суолун ырытан, саҥа кинигэ туһунан филологическай наука доктора Варвара Окорокова, ХИНТуоКИ дириэктэрэ Гаврил Торотоев, саха биллиилээх лингвиһэ Михаил Алексеев-Дапсы, норуодунай суруйааччы Наталья Михалева—Сайа, литэрэтиирэ түмэлин дириэктэрин солбуйааччы Линда Иванова, тыйаатыр эйгэтиттэн Үүнэр көлүөнэ тыйаатырын режиссера Валентина Якимец, кылаабынай режиссера Александр Титигиров, Тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтигэр бииргэ үлэлээбит доҕоро, бастакы айымньыларын сыаналааччыта Анатолий Копырин о.д.а эттилэр. Артыыстар суруйааччы айымньыларын дорҕоонноохтук ааҕыылара биһирэбили ылла.
Олоҕу уруйдуур, тулалыыр эйгэҕэ харыстабыллаахтык, тапталынан сыһыаннаһарга ыҥырар тыынынан илгийэр, суруйааччы уу сахалыы, киэҥ холку бэйэлээхтик, уйаҕастык, буоларын курдук, кэмиттэн кэмигэр көрү-күлүүнү, дьээбэни-хообону да кыбытан суруйбут саҥа айымньыта ааҕааччыга хайаан да биһирэниэ.
Галина НЕЛЬБИСОВА
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: