«Улуу ойуун күүһэ биэс үйэ өһүллүбэт» дииллэр эбит. Чачыгыр Таас Ойуун 1500-1600 сс. кэмҥэ, олорон ааспыт улуу ойуун.
«Былыр Чолбону, үөһээҥҥи мэһэйдэри суох оҥорорго тимири таһаарбакка, сүөһү, тайах лаппааккытынан, кыыл муоһунан кэрдэллэрэ, суох оҥороллоро үһү… Аҕам кыратыгар ийэтэ ыалдьыбытыгар ойууну ыҥыран аҕалан кыырдарбыттар. Арай ойууннара биир муннукка туран оҕустаҕын аайы, уот сардыргыыр үһү. Кырдьык, кыыдаан тымныыга сылдьыбыттыы, ойууннара бүтүннүү кырыаран хаалбыт. Таҥаһа бүтүннүү муус чопчу буолбут. Хараҕы баайар диэҕи, харах баайыыта буолбатахха дылы үһү, дьиэлэрин үрдэ аһаҕас диэххин, бүтүннүү сабыылаах үһү. Хор, оннук күүстээх кырдьаҕастар бааллара диэн кэпсиирэ аҕам. Кини хаһан да «ойууннар» диэбэт этэ, «кырдьаҕастар» диирэ. «Оннооҕор оҕо ойууну кырдьаҕас диэн ааттыыллара», — диирэ.
А.С.Федоров «Төлкө түүллээхтэр, билгэ биттээхтэр» кинигэтиттэн.
«Бичик», 2014 с.
Уус Алдан улууһугар Тиит Арыыга 16 сылын доҕордуу көрсүһүү үрдүк тэрээһиннээхтик ыытылынна. Манна Тиит Арыыттан…
Бу күннэргэ дойду бары сиригэр-уотугар өтөрүнэн бэлиэтэммэтэх сылыйыы буола турарын туһунан Арассыыйа Гидромет киинин научнай дириэктэрэ…
Былыр аныгы курдук аптека да, балыыһа даҕаны диэн суох. Онон хас эмэ үйэ тухары көлүөнэттэн…
Байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар уонна кинилэр дьиэ кэргэттэригэр психологтар көмөлөрө, өйөбүллэрэ салҕанар. Ааспыт нэдиэлэҕэ, ону сэргэ…
Сорохтор уонунан, сүүһүнэн миэтэрэ үөһэ ытталлар, атыттар саастыылаахтарын кырбыылларын видеоҕа усталлар. Бу барыта биир эрэ…
Ким этэҥҥэ сылдьыан, уһун үйэлэниэн баҕарбат буолуой? Бары да уһуннук, дьоллоохтук олорору сэргиир, сэҥээрэр буоллахпыт.…