Айылҕа Уола: «Былыр, быйыл»
05.11.2022, 19:55
Бөлөххө киир:
“Саха сирэ” хаһыат (sakha-sire.ru) хорсун-хоодуот буойуттарбытыгар анаан, дойдуга бэриниилээх буолууга иитэр соруктаах хоһоон куонкуруһун биллэрбитэ.
Куонкуруспут 64-с кыттааччыта Сунтаар Күүкэйиттэн Львов Данил Прокопьевич-Айылҕа Уола:
Былыр, быйыл
Былыргы боотурдар,
Быйылгы буойуннар
Сэптэрин сүгэннэр,
Сэриигэ бэлэмнэр.
Ыстапаан Бандера
Ыаматын самнара,
Тостубат санаалаах
Тус арҕаа бардылар.
Амербыт куомуна,
Арҕааҥҥы клоуна
Болуодьа Зеленскэй,
Бу сиртэн симэлий!
Хаанымсах фашиһы,
Халбархай былааһы
Барытын кыайыахха,
Былааҕы ыйыахха!
Этэҥҥэ боотурдар,
Эргиллиҥ уолаттар!
Уруйдуу көрсүөхпүт,
Уһуннук үөрүөхпүт!
+1
+1
+1
+1
+1
+1
+1
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: