Саха хомуһун туһунан бастакы бэлиэтээһиннэр 19 үйэ аҥаарыгар нуучча айанньыттарын, чинчийээччилэрин үлэлэригэр бааллар. Н.Щукин, Р.Маак, академик Миддендорф, Йохельсон, В.Серошевскай, В.Трощанскай, Э.Пекарскай, И.Черскэй, В.Шкловскай уонна да атыттар бэйэлэрин этнографическай үлэлэригэр ахтыбыттара.
Хомус диэн музыкальнай инструмент. Бу саха эрэ норуотугар буолбакка, бары норуокка үгүстүк тарҕаммыт тэрил буолар. Ол эрээри, саха курдук, хомуһу өрө туппут омук суох. Саха хомуһа тыаһа ырааһынан, тыына уһунунан аан дойдуга аатырыан аатырар.
Өксөкүлээх суруйбутунуу, саха дьонугар хомус тардыыта сүргэни көтөҕөр, санааны чэпчэтэр, ыарыыны ыраах кыйдыыр,киһи айылгытын толору арыйсар сүдү күүстээх дьарык быһыытынан үтүмэн үгүс үйэлэри уҥуордаан, үүнэн-сайдан кэллэ.
Кэнники сылларга анаан дьарыктанар, айар талааннаах толорооччулар элбээтилэр. Олортон биирдэстэринэн Ньурбалар киэн туттар ыччаппыт, виртуоз-хомусчут, ырыаһыт Айсен Аммосов буолар. Кини 1993 сыллаахха Маалыкай сэлиэнньэтигэр күн сирин көрбүтэ. Ийэтин да, аҕатын да өттүнэн эһэлэрэ ырыаҕа-тойукка олус талааннаах дьон этилэр. Уһуйааҥҥа сылдьар кэмигэр Айсены биэс сааһыгар Розалия Егоровна Львова олоҥхоҕо уһуйбута. Онтон ыла кырачаан уол төрүт култуураҕа уһуйуллуута саҕаламмыта.
Айсен 2000 сыллаахха Маалыкай орто оскуолатыгар маҥнайгы кылааска үөрэнэ киирэр. Оскуолаҕа үөрэнэ сылдьан музыкальнай оскуола фольклор салаатыгар киирэн Таисия Мартыновна Новгородоваҕа күүскэ дьарыктанар.
Любовь Николаевна Васильева, кылаас салайааччыта кэпсиир: «Мин Айсеҥҥа бэһистэн тохсус кылааска диэри кылаас салайааччытын быһыытынан үлэлээбитим. Айсен сүрдээх бэһиэлэй, дьээбэлээх буолааччы. Хас биирдии киһи настарыанньатын көтөҕөр оҕо этэ. Оскуолаҕа да, кылааска да эҕэрдэ нүөмэр наада буоллаҕына, Айсен кыттара. Кини олус элэккэй майгылааҕа. Аан бастаан бэһис кылааска Ийэ күнүгэр бэйэтэ тылланан хомуска оонньоон, ырыа ыллаан, туойан бииргэ үөрэнэр оҕолорун куттарын туппута. Ийэтэ Матрена Константиновна эмиэ олус үчүгэйдик ыллыыр, үҥкүүлүүр этэ. Матрена Айсенын дьиэтигэр хас биирдии киһиэхэ төрөөбүт күнүгэр ас астаан, ыллаан-туойан бырааһынньык тэрийэр идэлээх диэн кэпсиирэ. Айсен сэттис кылааска үөрэнэ сылдьан: «Хотугу сулус күрэххэ кыттарбар олоҥхото суруйан биэр. Элбэх персонажтаах олоҥхону толоруохпун баҕарабын» — диэн көрдөспүтэ. Ол иһин икки нэдиэлэни быһа түбүгүрэн «Дьулуруйар Ньургун Боотур» олоҥхону кылгатан, суруйан биэрбитим. Олоҥхо ис хоһоонун кылгастык кэпсээн биэрдим. Бэйэтэ баҕарбытын курдук, сэттэ оруоллаах олоҥхо буолбута. Олоҥхотун барытын үөрэтэн «Хотугу сулус» күрэххэ ситиһиилээхтик кыттан 1 степеннээх лауреат үрдүк аатын ылбыта. Миэхэ тута үөрүүтүн кэпсээн туран, улаханнык махтанарын биллэрбитэ. Ити сайыныгар тохсус кылаас кэнниттэн музыкальнай колледжка үөрэнэ барар эбиппин диэн быһаарыммыта. Айсен кыра сааһыттан, эрдэттэн бэйэтин олоҕун, айар үлэтин оҥостубут, былааннаммыт эбит дии саныыбын. Билигин оҕобунан киэн туттабын. Инникитин айар талаанын өссө сайыннаран сахалыы сайаҕас санаатынан дьонун үөрдэ турдун диэн баҕа санаабын этэбин».
2009 сыллаахха тохсус кылаас кэнниттэн Дьокуускай куоракка музыкальнай колледж студена буолар. Үөрэҕин 2013 сылга ситиһиилээхтик бүтэрэр. Студенныыр кэмигэр «Айархаан» этно-бөлөххө хомусчут быһыытынан сылдьар. 2014-2016 сс. эстрада театрыгар ырыаһытынан үлэлиир. Айсен 2013 сылтан – виртуоз-хомусчут. Кини 2015 с. «Үрдэл» музыкальнай бириэмийэ лауреата. 2016 с. «Саҥа ырыа» интерактивнай күрэх кыттыылааҕа. Барытыгар талааннаах уол 2017 с. «Гордость России» кинигэҕэ киирэр. 2018 с. «Биир күн» эрэгийиэннэр икки ардыларынааҕы күрэххэ кыттан кыайыылаах буолар. 2021 сыллаахха «Саха Өрөспүүүбүлүкэтин Култууратын туйгуна» уонна «Саха Өрөспүүбүлүкэтин ыччат бэлиитикэтин туйгуна» диэн бэлиэ хаһаайына буолар. Онтон 2023 сыллаахха Саха сиригэр эдэр ыччат ортотугар «Бастыҥ хомусчут» үрдүк аатын сүгэр. Ити курдук, Айсен Аммосов айылҕаттан бэриллибит талаанын бэйэтэ кыра сааһыттан сайыннаран, дьарыктанан норуот таптыыр ырыаһыта, идэтийбит хомусчут буолан таҕыста.
Билигин тапталлаах төрөөбүт дойдутугар Маалыкайга кэлэн, «Айар киин» норуот айымньытын дьиэтигэр уус-уран салайааччынан айымньылаахтык үлэлии сылдьар.
«Күндү оҕобут, Айсен, айар-тутар талааныҥ аартыгын аана тэлэччи арылыннын, ыарахаттартан чаҕыйбакка инниҥ диэки дьулуурдаахтык айаннаа! Чугас дьоҥҥун уонна үөрэппит-такайбыт уһуйааччыларгын үгүс элбэх ситиһиилэргинэн куруук үөрдэ тураргар баҕарабыт!
Баҕа санааҥ барҕара турдун,
Ыра санааҥ ыпсан истин,
Олоҕуҥ санаа хоту уһуннун,
Дьол-соргу тосхойо турдун!
Айар дьоҕуруҥ уостубатын!», — диэн биир дойдулаахтарыҥ баҕа санаабытын тиэрдэбит.
Вера Аммосова,
Маалыкайдааҕы модельнай бибилэтиэкэ сэбиэдиссэйэ.
Бүгүн, ахсынньы 4 күнүгэр, “Классное руководство - ядро единого образовательного пространства” кылаас салайааччыларын өрөспүүбүлүкэтээҕи бастакы…
Ааспыт сайыҥҥы сезоҥҥа Саха сирин санаторийдарынан ситиһии бэлиэтэннэ, ол курдук нэһилиэнньэҕэ путевкаларга наадыйыы ирдэбилин көрдөрүүлэрэ…
Саҥа дьыл бырааһынньыгын иннинэ хас биирдии хаһаайка аһылыгын эрдэттэн атыылаһан хаһаанар уонна астаан тоҥоро уурар…
Саха сириттэн Саҥа дьыл бырааһынньыктааҕы бородуукта набордарын анал байыаннай дьайыы зонатыгар байыастарга ыытыы саҕаланна. Бу…
Ахсынньы 4 күнүгэр, «Имя твоё неизвестно, подвиг твой бессмертен» диэн Биллибэт саллаат күнүгэр «Патриотическое воспитание…
Ахсынньы 4 күнүгэр Дьокуускайга доруобуйа харыстабылын эдэр исписэлиистэрин үөрүүлээхтик эҕэрдэлээтилэр. Быйыл Саха сирин мэдисиинэ училищетын…