Салгыы
Айылҕаттан иэйии ылар тыа сирин худуоһунньуга

Айылҕаттан иэйии ылар тыа сирин худуоһунньуга

23.11.2024, 12:15
Елена Потоцкая хаартыскаҕа түһэриитэ.
Бөлөххө киир:

Айылҕаттан айдарыылаах айар куттаах худуоһунньуктар тыа сиригэр үгүстэр.

Биир оннук, нууччалыы эттэххэ, “самородок” худуоһунньугунан Хаҥалас улууһун 2-с Дьөппөн нэһилиэгиттэн төрүттээх Игорь Константинов буолар.  Кэрэхсэбиллээҕэ баар, сэбиэскэй кэмҥэ тыа сирин уолчаанын бастакы уруһуйа “Ньургун Боотур” олоҥхо буҕатыыра эбит. Уруһуйдуон баҕарар эбит да, худуоһунньук анал идэтигэр үөрэммэтэх. Аармыйаттан кэлээт, СГУ-га ИТФ-га үөрэнэ киирбит. Баар баара өтөн, айар кута биэнсийэҕэ тахсыбытын кэннэ уһукта биэрэн, билигин 60 сааһын туолар үбүлүөйүгэр Игорь Константинов бэйэтигэр дьоһуннаах бэлэҕи оҥоһунна. Бастакынан, үлэтэ тахсыылаах — 200-тэн тахса хартыынаны суруйда, иккиһинэн, быйыл муус устарга РФ Суруйааччыларын сойууһун чилиэнэ буолар дастабырыанньаны тутта. Биллэн турар, бу сойууска ылбычча киһи ылыллыбата чахчы. Маныаха биир дойдулаахтара Күөрдэм сэлиэнньэтин Акулина Сидорова аатынан култуура дьиэтин дириэктэрэ Саргылана Федорова уонна Күөрдэмнээҕи Роберт Захаров аатынан «Самартай» түмэл дириэктэрэ Матрена Захарова улахан өйөбүлү оҥорбуттар. Ол курдук, быйыл нэһилиэгиттэн саҕалаан, Игорь Константинов 30-ча хартыыната улуус, онтон өрөспүүбүлүкэ таһымнаах быыстапкаларга тиийэн кэлбиттэр. Быһата, быйылгы сылы быһа Игорь Гаврильевич быыстапканан олорбут. Онон бу икки  төрөөбүт дойдуларын туһугар ис дууһаларыттан ыалдьар салайааччылар  туһааннаах инстанциялары кытта сатабыллаахтык кэпсэтэн, талааннаах биир дойдулаахтарын өйөөн, кыалыннаҕына, космос да куйаарыгар көтүтүөххэ сөп холобуру көрдөрдүлэр. Сырдыкка, кэрэҕэ тардыһар, киһини толкуйдатар бэртээхэй хартыыналарынан 60 үбүлүөйдээх сааһыгар тыа сирин худуоһунньуга Игорь Константинов А.С. Пушкин аатынан Национальнай бибилэтиэкэ 3-с этээһин фойетын соҕотохто толорон кэбистэ.

Скорпион бэлиэлээх буолан дуу, уу тиэмэтэ миэхэ ордук чугас. Онон өрүс, үрэх, муора хартыыналара элбэхтэр. 

Хартыыналарым сырдыкка, үтүөҕэ тардар тыыннаах буолан, хамаҕатык атыыга бараллар. Бэйэм да сырдык өҥү сөбүлүүбүн, бэркэ аһыллан суруйабын.

Ордук сөбүлүүр тиэмэм – киһини сырдыкка сирдиир, тардар толкуй, философскай санаа уонна айылҕа, кыыл-сүөл. Ол да иһин үлэлэрим быыстапкатын «Айылҕам абылыыр күүһэ» диэн ааттаатым, — диэн санаатын үллэстэр худуоһунньук.

Игорь Константинов кэргэнин Изабелла Афанасьевна үөрэнээччитэ, Ил Түмэн дьокутаата Тихон Скрябин оҕо сааһын ахтан ылла, Константиновтар дьиэ кэргэттэрэ айар куттаах ыал буолалларын бэлиэтээтэ.

Дьиэ кэргэн сылыгар Константиновтар төрөөбүт нэһилиэктэригэр, улуустарыгар уонна киин куоракка үс быыстапканы тэрийэн, бар дьоҥҥо бэртээхэй бэлэҕи оҥордулар.

РФ худуоһунньуктарын сойууһун чилиэнэ Александра Бочкарева-Сууралдьыма «айылҕа киһиэхэ сүрүн күүһү биэрэр, дьолу биэрэр, тапталы иҥэрэр, иитэр, үөрэтэр, такайар. Дьэ бу айылҕаны кыта алтыһан, ис туругун киэҥ араҥаҕа таһаарар худуоһунньукка барҕа махталбын тиэрдэбин» диэн бэлиэтээтэ уонна айар куттаах табаарыһыгар анаабыт хоһоонун аахта.

Быыстапкаҕа Игорь Константиновы  киин куоракка олорор биир дойдулаахтара, табаарыстара, айар куттаах доҕотторо кэлэн эҕэрдэлээтилэр, истиҥ тыллары эттилэр, баҕа санааларын тиэртилэр.

Ол курдук, суруйааччылар уонна бэйиэттэр “Айар кут” эрэгийиэннээҕи сойуустарын чилиэннэрэ  Прасковья Тумусова-Туску, Зоя Данилова-Кэкэрдэ, Валентина Яковлева-Чэгийээнэ социальнай ситимнэргэ бэйэлэрин сөбүлүү көрбүт хартыыналарыгар хоһоон айбыттар.

Зоя Данилова-Кэкэрдэ бу «Аттаах кыыс» хартыынаҕа маннык хоһоону анаабыт:

Айар атым үрүҥ күүс

Аһар тыыммын ситэн куус!

Хоһоон кутуллуо араас

Хоһуйар кутум чараас!

Мааны атым ыҥыырдаах

Маҕан ахсым кынаттаах

Атым миэнэ айдарыы

Алып тыла алҕыаҕа!

Үрүҥ кутум тумана

Үрдүк күҥҥэ тунаара

Үрэр силлиэ быыһынан

Үөһээ сиэллэр былыкка!

Айаас сиэлэ ыһылла

Үрүҥ Айыы кыырайар

Айар суолбун ытыйа

Үүнэр күммэр ыҥырар!

Сипсий кэлэр тыалынан

Силбиэм кэрэ тылларын

Сырдык айыы хоһуллуо

Сиргэ айыам хоһоону!

Айар кутум сэрэнэн

Аргыый кууһан сэгэйэр

Хоһоон тылын тэлгэтэр

Хонуу тыллар тэтэрэн!

Атым миэнэ айдарыый

Алгыс тылы анаарыый

Үүт ураннаан симээриий

Үрдүккэ ат сиэллэриий!

Кэкэрдэ.

14.11.2024 с 20 ч.

Оттон бу хартыынаны Прасковья Тумусова-Туску маннык хоһуйбут:

Уоскулаҥ наҕылга уйдаран
Устар уу сүүрүгэ чуумпуран
Иһиллиир тулатын көрүнэн
Дьэҥкирэ мууһурбут кытылын

Айылҕа маанытын ситэрэн
Көҥүлгэ көөчүктүү көтүһэн
Сыһыыга сырсыһар сылгылар
Үрэхтэн уу иһэ киирдилэр

Дьэс өҥө оһуордаах кытылга
Дьиктитин алыптаах айылҕа
Сүүрүктээх үрэхпит көстүүтэ
Сүргэбин үөртэҕиэн көтүтэ.

Туску.

    Валентина Яковлева-Чэлгийээнэ  худуоһунньук Игорь Константинов холустаҕа үйэтитиллэр хартыынатыгар маннык хоһоону анаабыт.

Бу хартыына көрдөрөр
Худуоһунньук холустаҕа
Дьиҥ баары «хоһуйар».
Кини бэйиэт дууһалаах
Санаатын ситимэ тиһиллэр.
Ойуу-дьарҕаа быыһыттан
Айылҕа тыына иһиллэр.
Чуумпу нуурал киэһэҕэ
Туруук Хайа сынньанар.
Үөһэттэн өрүс уутугар
Ыйбыт күлүгүн көрүнэр.
Сахам сирэ кэрэтиэн —
Хоһоон айыллар, ырыа ылланар.
Худуоһунньук киистэтинэн
Холустаҕа үйэтитиллэр.

СӨ Национальнай художественнай музейын генеральнай дириэктэрин научнай үлэҕэ солбуйааччыта, РФ  култууратын үтүөлээх үлэһитэ Галина Неустроева: «Худуоһунньук Игорь Константинов хартыыналара поэтическай дууһалаахтар, ол да иһин бу тэрээһиҥҥэ хартыыналарга анаммыт бэрт элбэх хоһоон ааҕылынна. Айар үлэнэн ис дууһаттан дьарыктаныы —  бу киһи тыынын таһаарар өрүтэ«, — диэн эттэ.

Быыстапка ыалдьыттарыгар биир дойдулаахтара, күөрдэмнэр, айар Куттаах Игорь Константинов биир хартыынатынан торт оҥорон аҕалан күндүлээтилэр.

Ыалдьыттар бэртээхэй тэрээһиҥҥэ сылдьан, санаалара көнньүөрэн, астынан тарҕастылар.

+1
20
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
1
Бары сонуннар
Салгыы
7 декабря
  • -22°C
  • Ощущается: -28°Влажность: 77% Скорость ветра: 2 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: