Айылгы айар айана
От ыйын 10 күнүттэн 17 күнүгэр диэри Ньурба улууһуттан “Эйгэ ситимэ” биир өйдөөх-санаалаах, билиэн-көрүөн баҕалаахтар 12 (биир киһи Бүлүү Хампатыттан) буолан айылгы айаныгар туруннубут.
Айаммыт бастакы күнүгэр Чочур Мыраан чугаһыгар аартыктарбытын арыйан “Бу итэҕэл тула үлэлиир дьон” диэбиттии сэттэ өҥнөөх кустугунан нөрүөн-нөргүйэ көрүстэ. Кэмниэ кэнэҕэс кустук иһинэн айаннатан Дьокуускай куоракка айхаллаан киллэрдэ. Маннык түгэни киһи тылынан да, суругунан да хайдах хоһуйуон билбэт оннук эриэккэс дьикти көстүү буолла.
Иккис күммүтүгэр Аллараа Бэстээхтэн аһыыр аспытын хааччынаат, мааны Майа сиригэр Масаха Мэхээс ыҥырыытынан киэн туттар түмэллэрин сиһилии көрдүбүт, улуус историятын, экспонаттар тустарынан түмэл үлэһитэ Эверстов Александр Владимирович ымпыгар-чымпыгар тиийэ толору кэпсээтэ, Масаха ыҥыран ылан тыа сирин сайдыытыгар туох ханнык көрүүлэр баалларын туһунан санаабытын иһиттэ, бэйэтин санаатын сайа эттэ уонна атырдьах ыйыгар булгуччу Ньурбаҕа тиийиэхпит, олус истиҥ, санааҕытын аһаҕастык этинэр, туруорсар дьоҥҥут диэн түмэли кытары үлэбитин түмүктээтэ. Дьэ, бу кэннитэн биир дойдулаахпыт Тамара Ивановна Петрова олохсуйан олорор сиригэр-уотугар Бүтэйдээххэ тимир көлө аппытынан айаннатан тиийдибит. Тиийээппитин кытары тобус-толору астаах остуолга ыҥыран чэйдэттилэр, дойду туһунан кэпсэтии буолла, күммүт былаанын торумнаатыбыт уонна “Сырдык” итэҕэл түмсүүтүн салайааччытыгар Варвара Федорова балаҕан дьиэтигэр кыргыттарынаан арчылааһын сиэрин-туомун толору ыыттылар, хас биирдиибитин кытары үлэлэстилэр, баҕа санаабытын дьөлөҕөстөөх тааһынан көтүттүлэр.
Ытык дойдуга кэлэн арчыланыы сиэрин-туомун кэнниттэн хотугулуу-илиҥҥи федеральнай уокурукка суос соҕотох, Арассыыйа историческай пааматынньыктарыттан биирдэстэригэр, уруккута уонна билиҥҥитэ үс этээстээх, мастан тутуллубут таҥара дьиэтигэр ыалдьыттаатыбыт. Киһи диэн мындыр да эбит, санаатын-оноотун уурдаҕына, үйэлээх буоллун диэн анаан туттаҕына биир аарыма мас тутуу үс киһи олоҕун уҥуордуон сөп эбит. Таҥара дьиэтин иһигэр киирэммит толору көрдүбүт-иһиттибит, билиибитин хаҥаттыбыт. Бу сылдьан кириэстэрин саха харыс бэлитигэр дьүөрэлии тутан көрдүм, үөһэ куупалын үрдүгэр турбут кириэстэригэр саха көҕүөр ойуута уонна биэс харах харыс бэлиэлэр бааллар. Онон арааһа саха итэҕэлэ бастакы итэҕэл, кини аан дойдуга тарҕанан Крест – харыс, церковь – сиэри кут, библия – бии билии, аллах – аалы аах (алгыс) диэн буолуохтарын сөп диэн өйгө-санааҕа тиэрдэр. Маны сэргэ Бүтэйдээх оскуолатын түмэлин көрдүбүт, уон араас дьиэлээх, барыта тус туһунан тиэмэлэрдээх. Чахчы устуоруйаларын харыстыыр, хас биирдии киһи билэрин курдук сиһилии кэпсиир, үөрэтэр туруу үлэһиттэрдээхтэрэ сөхтөрөр.
Салгыы үөһээ ытык мырааннарыгар тахсаммыт эйгэ ситимин олохтуур алгыс тэрийдибит, алгыс кэмигэр эйгэнэн араас дьиктилэри көрдүлэр, илдьиттэри иһиттилэр. Дьарыктаах дьон истиитинэн дойду иччилэрэ эйгэ ситимин олохтообуттарын иһин үөрбүттэр-көппүттэр, махтаммыттар, алҕаабыттар.
Бүтэйдээхтэн салгыы Өлөчөй (Алтан) нэһилиэгэр тиийэн онно олохсуйбут биир дойдулаахпыт Маартан Татьяна Аркадьевна Билюкина, баһылык Матчитов Николай Егорович тэрийэннэр саха балаҕаныгар хоннубут. Сахалыы ас арааһын тардан маанылаан көрүстүлэр. Нөҥүө күн нэһилиэк аҕа баһылыга кыттыылаах түмсүүбүт үлэтин-хамнаһын көрдөрөр, “Ньурба ытык сир” диэн историческай суолталаах уонна ытык миэстэлэрин кэпсиир бэсиэдэ буолла, алгыс тэрийбит. Уруккута атыы-эргиэн, киэҥ сиргэ айан “Улуу суол” айанын аартыгар тутуллубут дойду буолан ытык аар мастарыгар, суон тииттэригэр тиийэн сүгүрүйүү туомун толордубут, ыраастаатыбыт, эйгэнэн ситимнээтибит. Бу түгэҥҥэ дьону итэҕэтэн алгыс олохтоммутун кэнниттэн Сүҥ Дьааһын дүҥүрүн тыаһа лүһүгүрээтэ, тыына тахсыбыттыы дохсун ардах түстэ уонна саҥа тыын ылбыттыы үрүҥ күммүт хараҥа былыты үтэйэн күөрэс гынна. Өлөчөй нэһилиэгин баһылыга дойдутун историятын сырдатан, киэн туттар сирдэригэр Абалаахха сырытыннарда. Олус бэрт, дьикти эриэккэс көстүүлээх сир. Көстүүлээҕин ааһан урукку кэмнэргэ санаторий, курорт буолан турбут сири астына-дуоһуйа көрдөрдө, сир анныттан алаас уутугар сүүрүгүрэн киирэр эмтээх уутун амсатта. Урут манна санаторий баар эрдэҕинэ сэриититтэн бааһыран кэлбит дьон үтүөрэн, ыалдьыттаабыт дьон аҥардас бу дойду салгынын тыынан, уутун иһэн, бадараанынан суунан эмтэнэн-үтүөрэн бараллар эбит. Төһө да билигин урукку дьиэлэр эрэ хааллаллар дьон-сэргэ кыһалҕаланнаҕына уутуттан ылан, бадарааныттан бэриһиннэрэн эмтэнэллэр эбит. Маннык сэдэх миэстэни харыстааҥ диэн баҕа санаабытын этэн туран Манчаары уонна Манньыаттаах алаастарынан айаннаатыбыт. Дьэ, урут кинигэ эрэ нөҥүө билэр буоллахпытына билигин илэ харахпытынан көрдүбүт-иһиттибит, илиибитинэн тутан-хабан ыллыбыт, махтанныбыт! Манньыаттаах алааһыгар, дьиэтигэр-уотугар аныгы дьон сиэринэн баайы-дуолу үлүннэрэр туому толордубут, аал-уоппутун аһатан күндүлээтибит.
Киэһэ күн киириитэ Уус Алдаҥҥа айаннаатыбыт. Күн тахсыыта Тойон Мүрү сиригэр-уотугар тиийэн кэллибит, күнү көрсөн күүс ылынан, алгыһы олохтоотубут уонна радио-тумулга сыыр үөһэ тахсаммыт балаакка тардынан айылҕаҕа, ойуур иһигэр утуйан турдубут, сарсыарда эрдэ уһуктан Оллонов Геннадий Николаевич саха сирин кыылларын бэйэлэрин уҥуохтарын кээмэйинэн оҥорбут скульптураларын көрдүбүт, сөхтүбүт, киһи диэн талаан да буолар эбит. Эбиэт саҕана тэрилтэ үлэһиттэрэ төһө да уоппускаҕа сырытталлар ыраахтан мустан кэлбит ыалдьыттарга Сэһэн Ардьакыап аатынан түмэл үлэһиттэрэ түмэллэрин аанын арыйаннар, олохтоох кыраайы үөрэтээччи, экскурсовод улуус историятын, үлэтин-хамнаһын, экспонаттарын туһунан сиһилии кэпсээтэ уонна аара баран иһэн улууспут бастакы тутууларын, тэриллибит сирин Томтору көрөн ааһын диэн сүбэлээтэ. Томтору кэрийэ көрөн баран Уһун Күөл Бөрөлөөх алааһыгар Аппанааһыйап баай кыыһын уонна баайын Манчаарыттан куоттаран, кистээн саһыарбыт ампаарын, дьиэтин-уотун көрдүбүт. Бу туһунан сирдьиппит Андрей Сивцев дойдута буолан сиһилии кэпсээтэ уонна үһүйээннэрин туһунан ахтан-санаан сырдатта. Киһи хараҕынан көрөрүн курдук өстүөкүлэ таастыы дьэҥкир, көҕүрүмтүйэн (изумруднай) көстөр үҥкүрдэрдээх, ытык күөлгэ Алыһардаахха тиийэн икки түүннээх, үс күннээх, Ытык эбэ барахсан ыҥырыытын ылынан алгыс олохтоотубут. Бу икки түүн, үс күн устатыгар санаабытын сааһылаан, ураты эйгэни тэрийдибит, ылынныбыт. Былааннаабыт үлэбитин, сиэрбитин-туоммутун толору толордубут, эйгэ ситимин олохтоотубут.
Түүҥҥү туом кэнниттэн дойдубут диэки айаҥҥа Суоттуга Д.К.Сивцев – Суорун Омоллоон тэрийбит “Доҕордоһуу” түмэлигэр ыалдьыттаатыбыт, өрөбүл күн биһиэхэ анаан-минээн дириэктэр Надежда Новоприезжая, администратор Варвара Гоголева уонна экскурсовод Марк Местников түмэл үлэтин тэрийдилэр, бары-барытын көрдөрдүлэр, сиһилии кэпсээтилэр. Дьэ, онтон дириҥ махталбытын биллэрэн Суотту Ытык мыраанын чыпчаалыгар дабайаммыт эйгэни кытары ситимниир, абы айыһары олохтуур алгыһы тэрийдибит. Киэһэ Туймаада Чочур Мырааныгар «Сү кү үүн» диэн туом толорулунна.
Бу сылдьарбыт тухары биһигини куобах, саһыл, ытык табалар, оҕолоох тыатааҕы, бөрө уонна элиэ арыаллыы сырыттылар. Айаммыт 13 туомун «Эйгэ ситимэ» бөлөх кыттыылаахтарын кытары Ньурба куоратыгар, Бүлүү эбэ кытылыгар сылаас тыыны иҥэрэн, сылдьыбыт сирбит-уоппут алгыһын эйгэ ситиминэн олохтооммут махтаныы туомун толордубут. Дириҥ махталбытын тиэрдэбит суоппарбытыгар Алексей Егоровка, айылгы айанын тэрийбит Нуона Архаҥҥа, сылдьарбыт тухары суолбутун арыйан, эйгэ ситимин олохтообут бахсыбытыгар Сэргэн Лэкээриҥҥэ уонна биһиги айаммытыгар ситэ-хото кэлбит аргыстарбытыгар, Майа уонна Уус Алдан көрсүө-сэмэй дьонугар! Бу айан тохтообот, салгыы Өксөкүлээх Үс кут сэргэлэринэн, Ытык дойдуларынан уонна Ньурбабыт историческай миэстэлэрин көрдөрөр, билиһиннэрэр айан күүтэр!
Айыына Куо
Хаартыскаларга Нуона Архан түһэриилэрэ
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: