Айыы далбар кымньыы
Олоҥхо шедевр буолуоҕуттан элбэх ырытыыны, чинчийиилэри, туруоруулары истэн, көрөн, ааҕан да кэллэхпит. Оҕо сылдьан мин көлүөнэм дьоно араадьыйанан олоҥхону истэн улааппыппыт. Ордук Гаврил Колесов «Дьулуруйар Ньургун Боотур» олоҥхото араадьыйанан кэлэр чааһа чугаһаатар эрэ ийэм, аҕам: «Араадьыйаҕытын улаатыннарыҥ, билигин кэлиэ», – диэн оҥостон, долгуйан санаталлара уонна бары истэрбит. Билигин сааһыран олорон өйдөөтөххө, бу маннык бүтүн дьиэ кэргэнинэн истии олоҥхоҕо сыһыаны үөскэтэр, иитэр уонна кэлин улааттаххына, өйгүн туттаххына кэлэр өйдөөһүннэргэ бэлэмниир эбит. Онтон сааһыран, үөрэхтэнэн, өссө интэриэһиргээн өйдөөн истэҕиҥ аайы, тус бэйэҥ көрүүҥ кэлэр эбит.
Мин аҕам Роман Евстафьевич Кириллин туойар, оһуокайдыыр, дойдутугар ыһыахтарга алгыс түһэрэр, уопсайынан саха култууратын киһитэ этэ, ол быһыытынан биһигини олоҥхону сэҥээрэр, кэрэхсиир буоларга ииппит. Мин омук тылын үөрэхтээҕэбин эрээри, кэлин олоҥхону истиэхпин баҕарар уонна учууталлары, салайааччылары сайыннарар, идэлэрин үрдэтэр эйгэҕэ үөрэх салалтатыгар үлэлиирбэр, кинилэри лиичинэс быһыытынан сайыннарыыны, өйү сытыылааһыны эмиэ тэҥҥэ тутан, сайыннарар ньыма оҥостоммун, кини ис хоһоонуттан элбэх быһаарыылары көрдүүрбэр, буларбар оҕо эрдэҕинээҕи иитиим тирэх буолбута. Онтон Эмис нэһилиэгэр Күөрэлэ алааска Чээбий «Саҥарар саҥам сататын сабаҕалааҥ, этэр тылым эгэлгэтин эридьиэстээҥ» диэн тыллара сымара тааска оҥо быһыллыбытын көрөн баран, бу кэс тыл эбит диэн өйдөөбүтүм, биһиги тугу этэн хаалларбыппытын, олоҥхо ис хоһоонун өйдүү, билэ сатааҥ диэн ыҥырыы, сорудах курдук ылынан олоҥхо ис хоһоонун ырытар сорук туруоруммутум.
Олоҥхо туһунан суруйуулартан О.Г. Сидоров «Үтүө дьон олохторо» диэн сиэрийэнэн 2016 с. Москваҕа тахсыбыт «Платон Ойунский» диэн кинигэтиттэн олоҥхо – тиэкис диэн быһаарыыны булбутум: «… Ойунский начал познание эпоса, этого якутского супертекста, ниспосланного с небес» (Сидоров О.Г. Платон Ойунский / Олег Сидоров. – М.: Молодая гвардия, 2016. ).
Тиэкис (текст) диэни латыынныыттан тылбаастаатахха «ткань, сплетение» диэн, быһаарыыта буоллаҕына «человеческая мысль» диэн. Оттон «супер» диэни “наивысший уровень” диэни ыллахха олоҥхо саха норуот быһыытынан бүтүн, чөл хааларын этэн биэрэр, бэлиэлэргэ, мифологическай дьүһүүлэргэ укпут өй-санаа уһулуччу сааһыламмыт кодированнай билиитэ эбит диэн санаанан салайтарыым үлэбэр көмөлөспүтэ.
Онон супертекст диэни ылынар буоллахха, бу билигин, күн бүгүн туох быһыы-майгы буола турарый, ону хайдах өйдүүбүт, онуоха олоҥхо тиэксигэр этэн, өйдөтөн биэрэр туох баарый? Билиҥҥи олорор кэммитин уустук кэм диибит, ол астыйыыта 90-с сылларга саҕаламмыт, билигин төлө биэрэн эрэр быһыылаах. Оннук эбит буоллаҕына тугу гыныахтаахпытый, тугу гыныа суохтаахпытый, туох сөбүй, туох сыыһаный?
Итиннэ «Айыы намыһын ырыаһыттар» диэн учууталлары, оҕолору кытта үлэлэппит бырайыагым билиҥҥи кэмҥэ наадалаах быһаарыылары, өйдөбүллэри, түмүктэри олоҥхоттон көрдөөн булбут уопуппуттан үллэстиэхпин баҕарабын.
Бу көрдүүрбэр, мунаарыыларбар оҕолору кытта бииргэ үлэлээһини тэрийэн, олоҥхо тиэксин биирдии тылынан ааҕа-ааҕа көмөлөөн быһаарыылары, өйдөбүллэри оҥоро сатаабыппыт. Онтон табыллыбыттара манныктар. Олоҥхо тиэксин ааҕа – ааҕа «Туску» эбэтэр «Уһун туску» диэн уһун кэмҥэ эйэлээхтик, туохтан да куттаммакка холкутук үлэлээн – хамсаан, дьиэ – уот туттан, сүөһү – ас иитэн, оҕо – уруу төрөтөн олоруу эбит диэн быһаарыы таһаарбыппыт. 5 кылаас оҕолоро «ийэм, аҕам ыалдьыбакка сылдьаллара буоллар, дьиэбитигэр харчыбыт, аспыт элбэх буолара, дьиэбит сылаас буолара, сайын элбэхтик оттуурбут, сынньанарбыт, бу уһун туску буолар» диэн суруйаллар этэ. Үчүгэй дии, оҕолор баҕа санаалара уһуннук маннык буолара буоллар диэн, оруобуна тахсар дии. Оттон ол уһун тускубут тас күүстэртэн тутулуктаах аҕай эбит. Эбэтэр бэйэҥ сыыһа – халты туттан, олоххун, дьылҕаҕын сыыһа суолунан ыытан кэбиһиэххин сөп, эбэтэр ыарыы туруон сөп, ону оҕолор «сыстыганнаах ыарыы, наркотик, арыгы» эҥин диэн син быһаараллар. Быһатын эттэххэ, олоҥхо орто дойду олоҕо остуоруйа курдук эриэ – дэхси, барыта уйгу – быйаҥ, уруй – айхал буолбатын «орто дойду олоҕо одурууннаах” диэн чуолкайдыыр. «Одуруун» диэн тылы тылдьыттан көрдөөн харах ыарыыта буоларын билбиппит гынан баран, бу тылынан барыта үчүгэй буолбат эбитин, олох араас ыарахаттарыгар бэлэм буолуохтаах эбиппитин, ону өйдөтөр эбит диэн түмүк оҥоһуллубута. Олоҥхо орто дойду характеристикатын биэрэригэр хайаан да «уолан баранар уулардаах, охтон баранар мастардаах» диэн быһаарар. Ол аата, айылҕа киһи сыһыаныттан тутулуктаах, төһө да алла турар быйаҥнаах дэниллибитин иһин бүтэр уһуктаах, айгырыыр, хаһан да өрүттүбэт гына кэхтиэн эмиэ сөп. Хаһан да бүппэт буолбатах эбит. Билигин килиимэт уларыйыыта, ирбэт тоҥ ириитэ, маһы кэрдии, улахан уот туруута, айылҕаны киртитии, айылҕа сокуонун кэһэн, наар ылар эрэ өттүгэр охтуу сүрдэнэн турар кэмигэр олоҥхо этиитэ, сэрэтиитэ ситэн кэллэҕэ ити дии: киһи айылҕа үрдүнэн буолбат, айылҕа үрдүкү диэн. 1980-с сыллар бүтүүлэригэр биһиги улууспут чаҕылхай киһитэ, салайааччыта, философскай наука хандьыдаата Василий Васильевич Федоров өрөспүүбүлүкэҕэ маҥнайгынан ити духуобунай постулаты научнайдык олохтообута: экологическай өй, экологическайдык олоруу диэн өйдөбүллэри киллэрбитэ, Алдан – Амма баһын маһын кэрдиини, Амма уутун хачайдааһын, Леспромхоз тутуутун туһунан ССРС Совминын уурааҕын көтүттэрэри ситиспитэ.
Тоҕо П.А. Ойуунускай «Дьулуруйар Ньургун Боотур» диэн олоҥхо араас көрүҥнэрэ баалларын үрдүнэн өссө биир «Дьулуруйар Ньургун Боотуру» суруйбутай? Били этиллэр өй – санаа саамай дириҥ диэбит олоҥхо 30 уобараһын барытын түмэн ырытан баран, кэлэр үйэлэргэ туттуллар биибилийэ курдук өй – санаа кинигэтэ, наада тирээтэҕинэ ылан ааҕан туһанар тиэкси буоллун диэн оҥорбут эбит. Дьэ, кырдьык, супертекст диэхпитин сөп эбит, Олег Гаврильевич маны эппит эбит. Ойуунускай ханнык матырыйааллары туһаммытын, билиҥҥинэн сигэни, библиографиятын эмиэ олоҥхо канонунан этэригэр саха аатырбыт олоҥхоһута, Эмис Чээбийин эмиэ ааттаабыт. Чээбий бэйэтэ Мэлэх Мэхээлэттэн силис тардар, олоҥхото Устин Нохсоров, Гаврил Колесов курдук дьон үүнэллэригэр духуобунай оскуола буолбут.
Ити курдук, «Дьулуруйар Ньургун Боотур» тиэксин супертекст курдук болҕойон аахтахха тугу булабытый, өйдүүбүтүй? Билиҥҥи курдук олохпут уустугурбут кэмигэр олоҥхобут тугу этэн биэрэрий, туох санааҕа тиэрдэрий? Онуоха мин оҕо, эдэр эрдэхпиттэн олоҥхо биир персонааһын тыла – өһө, ырыата, муусуката өйбөр хатанан, испэр киирэн хаалан баран сылдьар, иһиллэн кэлэ турар. Ол Айыы Умсуур удаҕан ырыата. Бу алгыс — ырыаны ырыттахха киһи элбэҕи ылар, өйдүүр эбит.
Оҕо эрдэхпинэ дойдубар Сулҕаччы нэһилиэгэр Анастасия Никифоровна Тарасова диэн баара. Кини Айыы Умсуур удаҕан ырыатын ыллыыр этэ. Эрчимнээхтик буолбакка, дьигиһиппэккэ, дьалыһыппакка намыыннык ыллыыр, хамсаммат этэ. Бу ырыа кулгааххынан буолбатах, этиҥ сааһынан аргыый өтөн киирэн, бүтүн бэйэҕин ылан кэбиһэрин курдук ыллыыра. Настаа, уоскутар, наскытар ураты турукка киллэрэрэ. Кини үрдүк уҥуохтаах, хатыҥыр, аҥаар хараҕынан көрбөт дьахтар буолара. Туох таҥастаах тахсан ыллыырын өйдөөбөппүн, арай ырыатын алыба эрэ баар уонна Айыы Умсуур ырыата кырдьаҕастартан истиллибит дьиҥнээх түҥ былыргы маҥнайгы киэбинэн ылламмыт, бу ырыа маннык буолуохтааҕа буолуо дии саныыбын. Дүҥүрдээҕин, хамсанарын, үҥкүүлүүрүн, ыһыллаҥныырын олох өйдөөбөппүн. Настаа эдэр сылдьан Үстүүн Ноохсооробу, Сулҕаччы эҥэр кырдьаҕас олоҥхоһуттары истибит, дьиҥнээх эпиичэскэй каноннарга уһуйуллубут буоллаҕа. Олоҥхо култуурунай көстүү быһыытынан көрөөччүгэ анаан буолбакка, истээччигэ анаан үөскээбитэ, аҥардас тылынан уонна ырыанан эрэ киһи туругун уларытыы, Аан дойду олоҕун ырытыы, быһаарыы буоллаҕа, тас көстүүтүнэн кэрэхсэтэр сыалы туруоруммат, толкуйдатар, өйү – санааны саҕар сыаллаах. Истэргэр хараххын олох да симэн баран олоруоххун сөп.
Онон, Айыы Умсуур феномена оҕо эрдэхтэн умсугутан баран ыһыктыбат. Билигин өссө ордук интэриэһиргэтэн, кинини өйдүү сатыырга ыҥырар курдук. Мантан сылтаан олоҥхо ис номоҕун иһигэр туох муударас кэлэр көлүөнэ өйдөөтүн диэн үйэлэри уҥуордаан кэлбитин өйдүү сатаан Айыы Умсуур ырыатын өй – санаа (человеческая мысль) тиһигин курдук санаан ырытан көрдүм. Кини «функцията» уонна «миссията» тугуй? Уонна билиҥҥи олохпутугар ордук бу бүгүҥҥү уустук кэмнэргэ тутуһуохха, өй – санаа оҥостуохха сөптөөҕү тугу Айыы Умсуур өйдөтөрүй?
Олоҥхоҕо Аан дойду көстө сылдьар характеристиката маннык: «Атааннаах – мөҥүөннээх Аан ийэ дойду”. Маны хайдах өйдүүбүт? Аан дойдуну араас интэриэстээх күүстэр тутан тураллар, ол интэриэстэрэ атын-атын уонна сөп түбэспэт буолан кэмиттэн-кэмигэр утарыта турсуу буолар, онтон куоппаккын. Сороҕор ким кими диэҥҥэ кытта тиийэр буолар. Аан дойду сэриилэрэ буолаллар, ол кэнниттэн алдьархай бөҕөтүн оҥорон баран, туох эрэ бэрээдэк олохтонор, онуоха – маныаха дылы утарыта турсуу тохтуур. Олоҥхо маны «туску, уһун туску» диир эбит. Ити аарыма күүстэр быыстарыгар биһиги кыра норуот баарбыт, өлбөт – сүппэт туһугар бүппэт мөккүөргэ сылдьабыт. Олоҥхобут биэрбит «туску» диэн өйдөбүлэ улахан күүстэр уопсай тылы булуулара, билим тылынан «баланс интересов» төһө кыалларынан уһуннук барарыгар баҕарыыбыт, дьулуһуубут буолар эбит. Аҕа дойду Улуу сэриитин кэнниттэн 77 сыл курдук уһуннаах туску буола сырытта уонна эмиэ айманан турдубут. Урукку мөккүөрдэр ханна да барбаттар, умнуллубаттар эбит, дьуоҕаран сытан баран син биир күнэ – дьыла сөп түбэстэҕинэ күөдьүйэн тахсаллар. Күнэ – дьыла диэн барытын тутан турбут Сэбиэскэй Сойуус суох буолуута. П.А. Ойуунускай маны этэр эбит: «Аан дойду атыйахтаах уу курдук айманна… Икки атах иирдэ…» диэн. Ити муударас мифологическай тылынан, бэлиэлэринэн бэриллибитин билиҥҥи тылга таһаардахха итинник. Дьэ, манна Айыы Умсуур удаҕан оруола, «миссията» ханна көстөрүй? Орто дойдуга алдьархай бөҕө буолан эрэрин, Сорук Боллур тиийэн илдьит эппитин кэннэ Ньургун Боотуру атаарарыгар кини тугу этэрий? Ырыатын биирдии тылынан ааҕан көрдөххө кини маннык диир:
Өлөр – хаалар күннэргэр
Өрүһүлтэлээх буоллун диэн
Алта сиринэн салаалаах, сэттэ сиринэн боҕуруолаах
Айыы далбар кымньыыбын бэлэх – туһах биэрэбин.
Аламай маҥан күн тула үстэ суруйа эргиттэххинэ
Уот субуйа батас буолан
Хара тыыҥҥын харыһыйыа, үрүҥ тыыҥҥын өрүһүйүө» диэн.
Ньургун Боотур киниттэн кымньыы ылар эбит, батас буолбатах. Онтуката өлөр – хаалар эрэ күҥҥэ, ыксал тирээтэҕинэ, күнү тула үстэ эргиттэҕинэ эрэ батас буолар, тута сөрөөн буолбатах. Айыы Умсуур итини барытын быһааран биэрэр уонна аҥаар кырыытыттан өлөрсөн, кыдыйан киирэн барарга сүбэлээбэт эбит. Ол аата, төһөлөөх да улуу мөккүөргэ уолуһуйбат майгы, уһуну – киэҥи санааһын бастакы миэстэҕэ турар диэн өйдүөххэ сөп. Ол уһун санааны хантан ылабыт диэтэххэ манна аны кымньыылаах буоллуҥ да «үүн», «тэһиин» диэн өйдөбүллэр бааллар дии. Ол үүммүт, тэһииммит арҕаспытынан, көхсүбүтүнэн үөһээ айыылары кытта баайылла сылдьар, өйбүтүн – санаабытын бу көстүбэт быа быһаарар. Оччотугар Айыы Далбар кымньыы били эппит «уһун туску (баланс интересов)» ситиһиллэрин, ситиһиллэн баран, төһө кыалларынан өр барарын ситиһэр үнүстүрүмүөн эбит – атын интэриэстээх күүстэр ханна да барбакка син биир баар буолуохтара, биһиги соҕотох буолбатахпыт, ону өйдөөн туран норуоту сорох кэмҥэ икки дьайтан арыый кыратын талар да курдук быһаарыныыга аҕалар салайыы, дьаһайыы, өй уонна ньыма эбит. Бу наһаа улахан муударас генетическай, култуурунай кодпутугар баар буолан, кэмигэр син хайдах эрэ өйдөөн испит буолан, норуот быһыытынан эстэ илик буоллахпыт.
Онон, Айыы Далбар кымньыы өйдөөхтүк — төйдөөхтүк дьаһаныы бэлиэтэ эбит. Инньэ гымматахха, үүммүт – тэһииммит арҕаспытыттан төлө баран, быстан хаалыан сөп эбит, оччоҕо ким тыаҕа, ким хонууга, ким кый бырах баран, биир суолу булбакка симэлийэн да хаалыахпытын сөп диэн муударас эбит диэн өйдөөтүм. Айыы Умсуур кымньыы биэрэр алгыһа — өрүһүллүү суола (вектор выживания).
Маныаха өссө биир түгэни бэлиэтиир тоҕоостоох. Ол Айыы Умсуур Ньургун Боотур ыраах да буоллаҕына, чугас буолуоҕун туһунан санатыыта буолар, онно «быдан уххан» диэн тылы туттар арахсаары туран. Ити аата аны хаһан да көрсүбэппит диэн буолбатах, ыҥырдаххына кэлиэм диэбит курдук, үөһээ айыылартан, кинилэр алгыстарыттан тэйбэккэ, атын өйгө – санааҕа аралдьыйбакка сылдьыахтаахпыт туһунан этэр. Олоҥхобут үөһэттэн түспүт супертекст диир буоллахпытына, бу этии, бу алгыс эмиэ үөһэттэн кэлбит биэрбит кымньыыларын сатабыллаахтык туттуохтаахпыт туһунан накаас эбит.
Онон, кымньыы, үүн, тэһиин диэн бэлиэлэр элбэҕи кэпсииллэр, быһаараллар. Быйыл күһүн бастакы Бэрэсидьиэммитин кытта бырастыыластыбыт. Кини биһиэхэ кэлэригэр этэргэ дылы Аан дойду атыйахтаах уу курдук аймаммыта. 1945 сылтан саҕаламмыт уһун тускуну (баланс интересов) тутан турбут Сэбиэскэй Сойуус мөлтөөн эстибитэ. Тута кэриэтэ бу уһун туску кэмигэр урукку мөккүөрдэрин онуоха – маныаха диэри тохтотон, син туох эрэ өйдөһүүгэ (консенсус) кэлбит күүстэр, өрүттэр уруккуларын санаан эмиэ хаттаан мөккүөрдэрин күөдьүтэн киирэн барбыттара. Карабах, Чечня сэриитин, о.д.а. умна илик буоллахпыт. Олоҥхо маны эмиэ этэр эбит, улахан глобальнай дьайыылар саҕаланан эрэллэрин, уопсастыбаннай өй -санаа уһун-киэҥи саныыр туску (компромисс) өттүттэн утары турсуу (противостояние) өттүгэр бараары гыммытын, отуор алдьанар инкубационнай болдьоҕо саҕаланан эрэрин сабаҕалыыр субъект баар. Ол – Илбис кыыһа.
Дьэ, итинник «былдьаһыктаах» кэмнэр кэлбиттэригэр Михаил Ефимович илиитигэр Айыы Далбар кымньыы баар буолбут эбит. Кини көмүһү, алмааһы аны тиэйбэт туһунан телеграмма ыытыар дылы модун санаалаах, 90-с сылларга баар буола сылдьыбыт араас угаайыларга киирэн биэрбэккэ, балаһыанньа сарсын хайдах уларыйыаҕын сабаҕалыыр таһымнаах өйдөөх буолан араас түгэн баарын үрдүнэн быстах санааҕа оҕустаран, быһымах быһаарыныылары ылымматах, эбэтэр олоххо киирбэт дьыаланы саҕалаабатах, кымньыытын күнү тула үстэ эргитэн Уот субуйа батаска кубулуппатах. Кини туһунан дьон махтанан аҕай аҕынна. Ол барыта сөп. Барыта. Киниэнэ барыта — уһун туску, уһуну – киэҥи санааһын, араас хабырыйыылары уйуу – тулуйуу, ырааҕы өтө көрүү. Айыы диэн суохтан баары оҥоруу, баары харыстааһын, элбэтии, бөҕөргөтүү буоллаҕа. Эмиэ итинник күнэ – дьыла былдьаһыктаах, атыйахтаах уу курдук айманар амырыын сылларга Илья Егорович Винокуров тугу оҥорбута дьон сүрэҕэр тыыннаах. Адьас умнуохтара суоҕа!
Биһиги билигин Ил Дархаммыт саҥа болдьоххо талылынна. Онон кини илиитигэр эмиэ Айыы Далбар кымньыы баар буолан, кыһарҕаннаах атаан-мөҥүөн дьылыгар мөккүөрү кытта уларытан, сатабыллаахтык туттан, норуотун атаҕастаппакка көмүскээн ыла турара буоллар!
Үөһээ айыыларга баалла сылдьар үүммүт – тэһииммит алҕас, тутах дьаһаныыттан быстыбатын! Айыы Умсуур ыраах да буоллар чугас буоллун!
Клара – Ситэри Кирилина, Амма
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: