Айыы Дьураҕастай бухатыыр туһунан олоҥхону ыалга иһиттилэр (Видео)

Share

«Ыалга олоҥхолооһун» бырайыак сыл аайы Олоҥхо дэкээдэтин былааныгар киллэриллэн, олоҥхону ыалга истибиппит быйыл үбүлүөйдээх 10-с сылыгар барда.

Бырайыак ааптарынан СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ, Олоҥхону сырдатыыга уонна тарҕатыыга кылаатын иһин быйыл СӨ бырабыыталыстыбатын үрдүкү бэлиэтинэн наҕараадаламмыт алгысчыт Борис Николаевич Михайлов-Айылҕан буолар
Аата да этэрин курдук, дьэ, бу тэрээһин уратытынан олоҥхоһуту дьиэҕэ-уокка  ыҥыран истии буолар. Быйылгы ыалга олоҥхолооһун алгысчыт Айылҕан бэйэтин дьиэтигэр, Жатай сэлиэнньэтигэр буолла. Олоҥхоһутунан СӨ үөрэҕириитин, СӨ култууратын туйгуна, Учууталлар учууталлара, Ийэ олоҥхоһут Петр Егорович Решетников-Көһөҥө Бүөтүр аатынан истипиэндьийэ лауреата, 2014 с. Олоҥхо ыһыаҕар тойук күрэҕин Кылаан бирииһин хаһаайката, Таатта нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо, «Норуот уус-уран айымньыта сайдыытыгар кылаатын иһин», «Таатта улууһун сайдыытыгар кылаатын иһин»бочуоттаах бэлиэлэр хаһаайкалара Раиса Семеновна Маркова-Жиркова ыҥырылынна.
Олоҥхо бэйэтэ туһунан иччилээх, эйгэлээх буоларынан, дьиэлээх хаһаайын аан бастаан аал уотун аһатта, дьоно-сэргэтэ этэҥҥэ буолалларыгар көрдөстө уонна сахалыы алгыһын анаата. Ол кэнниттэн дьиэлээхтэр, саха ыалын үгэһинэн, төрүт ас эгэлгэтин астаан, сандалы тула олорон, кэлбит ыалдьыттары күндүлээтилэр.
Дьэ, онтон олоҥхоһуппут аал уот иннигэр оллоонноон олорон «Аһыныгас санаалаах Айыы Дьураҕастай бухатыыр» олоҥхотун саҕалаата.
Маннык олоҥхо киэһэлэригэр ыал оҕолоро уонна сиэннэрэ баар буоллахтарына, өссө ордук үөрүүлээх буолар. Олоҥхоһуттар кэтээн көрөллөрүнэн, кыра, орто саастаах  истээччилэр олоҥхо ис хоһоонугар умсугуйан киирэллэр, сирэйдиин, туттардыын-хаптардыын уларыйан, тоҕоостоох кэмнэригэр «Ноо!» диэн сэҥээрэллэр уонна тугу ылыналларын харахтарыгар ойуулаан, истэллэрин дьүөрэлээн бүтүн хартыына оҥорон көрөллөр. Оттон аҕа саастаах истээччилэр чахчы үчүгэй ис хоһоонноох толорууну төһө баҕарар истэр, сэҥээрэр эбиттэр. Онтон бүгүҥҥү олоҥхо кыра ыалдьыта, Дьокуускай куорат 9-с кылааһын үөрэнээччитэ Оскар Кузьмин эмиэ олус сэҥээрэн истибитин олоҥхоһуппут Раиса Семеновна: «Өркөн өй норуокка уонна бу маннык оҕолорго баар», -– диэн астына бэлиэтээтэ.

Раиса Семеновна Маркова-Жиркова  Таатта улууһугар 45 сыл устата учууталынан үлэлээн баран, биэнсийэҕэ тахсан,  сыыйа-баайа олоҥхо эйгэтигэр кэлбитэ. Клавдия Ильинична Максимова-Сайыына дьарыгар 7 сыл дьарыктаммыта.
«Төһөнөн саха фольклоругар киирэн истэҕим аайы «Киһи диэн кимий?» диэн ыйытыктарга үлэлээбитим. Олоҥхону ааҕан, анааран, олоҥхоҕо чугас дьоннору кытары алтыһан, элбэх сэминээрдэргэ, «төгүрүк остуолларга», үөрэхтэргэ, күрэхтэһиилэргэ сылдьан билиибин-көрүүбүн хаҥаппытым. Олоҥхону толорууга бастакы хардыылары оҥорорбор тирэх буолбут Борис Николаевичка олус махтанабын. Итинник кыаҕы кини элбэх саҥа саҕалааччыга биэрбитэ буолуо дии саныыбын. Биир учууталбынан Чөркөөххө төрөөбүт уонна олохсуйбут Ийэ олоҥхоһут Петр Егорович Решетников-Көһөҥө Бүөтүр аатынан истипиэндьийэ лауреатын, айылҕаттан айдарыллан олоҥхону күүстээх толорооччу, Чычымах олохтооҕун Алексей Николаевы ааттыыбын», -– диэн Раиса Семеновна кылгастык бэйэтин билиһиннэрдэ.

Кырдьыга да, быйылгы «Ыалга олоҥхолооһун» биир уратылаах буолла. Ол, урут наар эр дьон олоҥхоһуттары ыҥыран истибит буоллахпытына, бу сырыыга кэрэ аҥаар олоҥхолуурун арыый атыннык иһиттибит, ылынныбыт. Раиса Семеновна бэйэтэ эмиэ Мария Николаевна Андросова олоҥхотуттан толоро сылдьыбытын уонна биир күрэхтэһиигэ дьахтар олоҥхотун кыайыылааҕа буолбутун туһунан кэпсээтэ.

Борис Михайлов: «Олоҥхо курдук камернай толоруу сыанаҕа эбэтэр атын киэҥ эйгэҕэ эрэ буолбакка, олоҥхо былыр былыргыттан иитиллэн кэлбит сиригэр -– ыал дьиэтигэр иһилиннин диэн маннык бырайыагы толкуйдаабытым. Ону дьон сэҥээрэн, иилэ хабан ылан, атын улуустарга эмиэ дьиэҕэ олоҥхолуур буолбуттарыттан сэмээр үөрэбин. Бүгүн Раиса Семеновна киһиэхэ ураты күүстээхтик дьайар олоҥхотунан биһиги олорор дьиэбит салгынын, эйгэтин ырааһырта, күүспүтүгэр күүс, санаабытыгар санаа эптэ», -– диэн олоҥхоһукка Махтал суругун уонна бэлэҕин туттарда.
Ити курдук, олоҥхоһуттар ыалларынан сылдьан, бэйэлэрин эйгэлэригэр олоҥхону толоруулара дьоҥҥо уонна толорооччуга табыгастааҕын, кылаабынайа, ыччаттарбытын, оҕолорбутун кытыннарарга туһалааҕын бу уон сыллааҕы үтүө үөрүйэх көрдөрдө.

ЫСПЫРААПКА:

Араас сылларга «Ыалга олоҥхолооһуҥҥа» олоҥхолообуттара:

-Мэҥэ Хаҥалас улууһун бочуоттаах олохтооҕо, СӨ үөрэҕириитин туйгуна Петр Максимович Тихонов-Тэрчи ( 2010 уонна  2016 сс.);

-Аркадий Михайлович Захаров (2013 с.);

— Николай Егорович Баишев (2014-2015);

-Валентин Гаврильевич Исаков (2016 с.);

-Уус Алдан улууһун уонна Мүрү нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо, олоҥхоһут Семен Ильич  Черноградскай биир дойдулааҕа Дмитрий Говоров-Олоҥхоһут Миитэрэй «Бүдүрүйбэт Мүлдьү Бөҕө» олоҥхотун толорбута (2018 с.);
-Мэҥэ Хаҥалас улууһун Хаатылыма сэлиэнньэтиттэн төрүттээх, Мэҥэ Хаҥалас улууһун бочуоттаах олохтооҕо, сыана бэтэрээнэ Гаврил Спиридонов-Хаатылыма Хабырыыһа ССРС суруйааччыларын холбоһуктарын чилиэнэ, олоҥхоһут Николай Степанов-Ноорой “Буурҕа хара аттаах Улдьаа боотур” олоҥхотун (2019 с.);
-Чурапчы Чакырыттан төрүттээх Николай Никитич Григорьев Эрилик Эристиин «Буура Дохсун» олоҥхотун (2021 с.) уо.д.а.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Сүрүн
  • Үөрэх

“Сыл учуутала-2024” күрэс кыайыылааҕын аата билиннэ

Нэдиэлэ устата барбыт Бүтүн Арассыыйатааҕы “Сыл учуутала-2024” күрэс Саха сиринээҕи түһүмэҕэ түмүктэннэ. Үөрүүлээх быһыыга-майгыга лауреаттар,…

10 часов ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Сонуннар

Саха сирин биллиилээх дьоно “Покров и защита” уордьанынан наҕараадаланнылар

“Бары бииргэ Кыайыыга!” 1-кы Өрөспүүбүлүкэтээҕи байыаннай-патриотическай пуорумҥа “Покров и защита” уордьанынан Афганскай сэрии бэтэрээнэ Валерий…

11 часов ago
  • Култуура
  • Сонуннар

Ахсынньы 30 күнүгэр диэри сахалыы киинэлэри уонна кинигэлэри босхо көрүөххэ сөп

«Сахафильм» устуудьуйата уонна СӨ Национальнай бибилэтиэкэтэ «Киинэни ааҕабыт!» бырайыагы үлэлэттилэр . Ол курдук, Саха сирин…

11 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Дьокуускайга бутлегертан 18 лиитэрэ арыгы былдьаатылар

Дьокуускайга полиция сулууспата сокуоннайа суох арыгы атыылааччылары буларга туһуламмыт рейдэлэри салгыы ыытар. Ол курдук, сокуоннайа…

11 часов ago
  • Сонуннар
  • Тыа хаһаайыстыбата

Чурапчы пиэрмэрэ сири оҥорууга федеральнай субсидияны ылыаҕа

Арассыыйа бырабыыталыстыбата 15 эрэгийиэҥҥэ, ол иһигэр Саха сиригэр, тыа хаһаайыстыбатын сирдэрин оҥорууга үлэ ороскуотун толуйуу…

12 часов ago
  • Култуура
  • Сонуннар

“Хомуур олоҥхо” толорооччуларын истэ толору киһи кэллэ

Былырыын 2023 сыллаахха Былатыан Ойуунускай төрөөбүтэ 130 сылынан Чөркөөххө “Хомуур олоҥхо” түһүлгэ тэриллибитэ. Бырайыак ааптарынан…

12 часов ago