Айыы итэҕэлинэн тохсунньу – Таҥха Хаан ыйа
Айыы итэҕэлинэн тохсунньу – Таҥха Хаан ыйа. Оттон Таҥха Хаан дьылҕа таҥарата буолар. Таҥха диэн Айыы таҥмыта барыта ааттанар. Айылҕа барыта таҥыллан турар. Ол таҥыллыбытынан биир кэм турбат: мэлдьи таҥыллар, таҥастанар. Киһи эмиэ айылҕаттан таҥыллан үөскүүр.
Бу ыйы былыр бүтэй кэм дииллэрэ. Хотугу сахалар хараҥа ый диэн ааттыыллар. Тохсунньу ый түүнэ уһун, күнүһэ кылгас. Аан-даан тымныы түһэр. Хараҥа бүрүүкүүр. Дьон хараҥа оройугар, дьыл быыһыгар бит-билгэ көбөр диэн итэҕэйэллэр. Онон таҥхаланыы диэн үөскээбит.
Тохсунньу ыйга сааһы уонна сайыны билгэлииллэр. Бу ыйы от ыйа батыһар. Тымныйдаҕына — сайына сөрүүн, сылыйдаҕына – сайына куйаас. Тибии түстэҕинэ, от ыйыгар сөрүүн буолар. Элбэхтик кыраһалаатаҕына, өҥ сайыны күүтэллэр. Тохсунньуга тымныы хам тутар, сэтэриир. Ити эрээри, хонон турдах ахсын халлаан сылыйан эрэрэ, күн уһаан иһэрэ биллэр буолар.
Тымныы түһэригэр оһох үөлэһиттэн буруо туруору тахсар, дьон саҥата, ыт үрэрэ ыраахтан иһиллэр, киһи тыына сырдыргыыр, куоска атаҕын саланар уонна сирэйин суунар, куоска уонна ыт түүрүллэн, утуйа мээрик буолаллар, дьиэ сыбаҕа тыаһыыр, оһох уота кытарар уонна күүскэ таһырҕаан умайар, сулустар түүн сытыытык чаҕылыһаллар.
7 – Ороһуоспа. Ороһуоспа тымныыта түһэр. Бу күн былытырдаҕына, сис былыт тохсунньу 14-гэр диэри туруоҕа, былытырбатаҕына – тымныы сэтэриир. Бу күн сылыйдаҕына – сааһа тымныы, хаардаатаҕына – сайына өҥсүйэр. Киэһэтин халлааҥҥа сулус аҕыйах буоллаҕына – отон аанньа үүммэт.
9 – Ый уонна Үргэл алтыһаллар.
12 – сүллүүкүттэр тахсаллар. Маҥнай хамначчыттара тахсан, абааһыта суох, өтөхсүйбүт дьиэлэри оттон, сылыталлар.
14 – Баһылайап (Эргэ саҥа сыл). Бу күн ханнык кэмҥэ былытырбытынан дьаҥ-дьаһах хаһан буоларын быһаараллар.
15 — тоҥсоҕой тоҥ маһы тоҥсуйан торулатарын “тымныыны кэрдэн эрэр” дииллэр.
19 – Кириһиэнньэ. Кириһиэнньэ тымныыта түһэр. Бу күн күннээх уонна тымныы буоллаҕына – сайына кураан. Сарсыарда сүллүүкүттэр төттөрү киирэллэр диэн, ыаллар эрдэ туран сүөһү уулатар ойбоннорун тэһэн, сүүрдээн кэбиһэллэрэ.
20 – былыр таҥара күлүгүн сууйаллара уонна сибэтиэй уутунан дьиэлэрин, хотоннорун, сүөһүлэрин ыраастыыллара, арчылыыллара.
21 – бу күн тыалын соҕурууттан ыллаҕына – сайына кураан.
23 – кэбиһиилээх от кырыардаҕына – сайына самыырдаах.
24 – сис былыт кэллэҕинэ, тохсунньу 31-гэр диэри тымныы мүлүрүйэр.
25 – халлаан күннээх буоллаҕына – саас көтөр эрдэ кэлэр, хаар түстэҕинэ – ардыыр.
30 – Ый туолуута.
31 – Бастакы Охонооһойоп. Эһэ арҕаҕар сытан, иккис өттүгэр эргийэр, ытыһын биирдэ саланар. Дьыл оҕуһун аҥаар муоһа тостор.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: