Ыам ыйын 6 күнүгэр Татарстаан өрөспүүбүлүкэтин киинигэр Казань куоракка «Казань оһуордара» оҕо уонна ыччат айар үлэтин норуоттар икки ардыларынааҕы бэстибээл-куонкурус 108-с төгүлүн буолан ааста.
Арассыыйа уонна СНГ дойдуларын айар куттаах кэнчээри ыччатын түмэр тэрээһин «Я могу!» култуура-үөрэх федеральнай бырайыагын чэрчитинэн ыытыллар. Ол курдук, «Казань оһуордарыгар» кинилэр ырыа, муусука, үҥкүү, тыйаатыр, цирк, ойуулуур-дьүһүннүүр, уус-уран оҥоһук хайысхаларыгар айар дьоҕурдарын тургуттулар. Бу күрэскэ Саха сирин чиэһин Дьокуускай куорат «Айыы кыһата» национальнай гимназиятын 3-с б уонна 4-с б кылаастарын үөрэнээччилэрэ дьоһуннук көмүскээтилэр. Ол курдук, «Казань оһуордара» оҕо уонна ыччат айар үлэтин норуоттар икки ардыларынааҕы 108-с бэстибээл-куонкурус 70 айар кэлэктиибэ кыттыбыт ырыа хайысхатыгар 3-с б кылаас үөрэнээччилэрэ аан бастаан аҕыс бастыҥ иһигэр киирэн гала-кэнсиэргэ кытыннылар уонна түмүккэ үһүс истиэпэннээх лауреат үрдүк аатын сүктүлэр. Ону сэргэ эдэр ырыаһыттар «Бастыҥ көстүүм иһин» анал бирииһинэн эмиэ бэлиэтэнэн үөрүүлэрэ икки бүк улаатта.
Бу – Дьокуускай иһигэр даҕаны күрэхтэһиигэ кытта илик кэлэктиип дебюта диэтэххэ улахан ситиһии! Оҕолор «Юные якутяне» эбии үөрэхтээһин киинин педагога Сардаана Окоемова тылларыгар уонна матыыбыгар «Айылҕаны харыстыах» ырыаны ис сүрэхтэриттэн ылынан ыллааннар, Арассыыйа уонна Татарстаан муусука ускуустубатыгар бөдөҥ маастардарыттан сүүмэрдэммит дьүүллүүр сүбэ кутун-сүрүн туттулар.
Сиһилии кэпсээтэххэ, «Казань оһуордарыгар» «Айыы кыһата» национальнай гимназия 3-с Б кылааһын 23 үөрэнээччитэ, тоҕус төрөппүт арыалдьыттаах, учууталлара Айталина Винокурова салалтатынан кытыннылар. Айталина Елисеевна үөрэнээччилэрин кыайыыларыттан астынан туран санаатын үллэстэр:
– Бу кылааһым оҕолорун кытта бастакы ыраах айаммыт. Маннык улахан түһүлгэҕэ аан бастакы кыттыыбыт ситиһиилээх буолбутуттан үөрдүбүт. Үөрэнээччилэрим төрөөбүт өрөспүүбүлүкэлэрин уонна гимназияларын аатын дорҕоонноохтук ааттаппыттарыттан астынан уонна киэн туттан кэллилэр. Биһиги дойдубут оҕо дьоҕурун кыра эрдэҕиттэн сайыннарарыгар уонна киэҥник биллэрэригэр толору кыаҕы биэрэрин, бу «Казань оһуордара» бэстибээл, «Я могу!» федеральнай бырайыак ырылхайдык көрдөрөллөр. Маннык тэрээһиннэртэн куорсун анньынан оҕолорго кэрэҕэ тардыы үөскүүр, дьоҕурдара арыллар, билиилэрэ-көрүүлэрэ хаҥыыр, сири-дойдуну көрөн, атын эрэгийиэннэртэн кэлбит биир саастыылаахтарын кытта алтыһан өй-санаа өттүнэн сайдаллар. Айан кэлэктииби түмэр уонна хардарыта көмөлөсүһэргэ, бэйэни көрүнэ-дьаһана сылдьарга баай үөрүйэҕи биэрэр аналлаах.
Оттон оҕолор бэйэлэрэ бу улахан түһүлгэни, ситиһиилэрин уонна айаны хайдах ылыммыттарын «Айыы кыһата» национальнай гимназия 3-с б кылааһын үөрэнээччитэ Кыйаара Ондороос кэпсээниттэн билиэххэ сөп:
– Мин кылааһынан айаны уонна бэстибээли олус сөбүлээтим. Бастыҥнар кэккэлэригэр киирбиппиттэн үөрдүм. Наһаа кэрэхсэбиллээх экскурсиялар буоллулар. Ордук өйдөөн хаалбыт сирим – «Бары итэҕэллэр храмнара». Манна аҕам доҕотторо – татаар суруйааччыта Рустэм уонна кини кэргэнэ Эльвира Галиуллиннар сырытыннарбыттара. «Чак-чак» уонна «Эчпочмак» диэн татаардар төрүт астарын сөбүлээн амсайдым. Кырачааннар күрэскэ кыттыбыттарын сэргэ Казань куорат уонна ыаллыы Марий Эл өрөспүүбүлүкэтин киинэ Йошкар Ола кэрэ-бэлиэ миэстэлэринэн экскурсиялаатылар, ол иһигэр Казань Кириэмилэ уонна Свияжскай кириэппэһэ курдук түҥ былыргы тутуулары кэрэхсии көрдүлэр.
Иванна Петрачук
Бүгүн, сэтинньи 28 күнүгэр, Хотугулуу- Илиҥҥи федеральнай университет учуонай Сэбиэтин саалатыгар РФ Аҕа дойдуну көмүскээччилэр…
«Грипп утары быһыыны хаһан ылар табыллыбатый?», - диэн «Саха сирэ» саайт ааҕааччылара ыйыталлар. Бу ыйытыкка…
Дьокуускайдааҕы килиньиичэскэй балыыһаҕа сэтинньи 24 күнүгэр, Арассыыйаҕа Ийэ күнүгэр, күн сирин көрбүт оҕолору таһаарыы үөрүүлээх…
Бу күннэргэ кэккэ СМИ-нэн Омскай, Амур уобаластарын уонна Санкт-Петербург, Краснодар, Москва куораттарын олохтоохторо ииримтийбит ыттарга…
Хаҥалас улууһун олохтооҕо дьиэтин иһиттэн малын уорбуттарын туһунан полицияҕа тыллаабыт. Эмсэҕэлээччи эр киһи 30 000 солк.…
Дойдубут аҕа баһылыга Владимир Путин сэтинньи 27-28 күннэригэр Казахстаҥҥа командировкаҕа баран кэллэ. Казахстан бэрэсидьиэнин Касым-Жомарт…