Салгыы
Айыы санаа айана

Айыы санаа айана

11.08.2023, 17:00
Хаартыскалар: ааптар тиксэриилэрэ
Бөлөххө киир:

Эдэрчи дьон Александр Протодъяконов уонна Аля Аммосова «Сахалыы тыыннаах бырайыактаах дьону өйүүр» киин тэрийэннэр бэйэлэрин тула сахалыы куттаах-сүрдээх араас көлүөнэ дьону түмтүлэр, үлэлэрэ киэҥник биллэн эрэр.

Кинилэр «Айгы ситимэ» уопсастыбаннай түмсүүнү тэрийдилэр. «Билиибин-көрүүбүн бар дьоммор аныыбын» бырайыагы  Дьокуускайга, Чурапчыга, Уус Алдаҥҥа ыыттылар, сахалыы тыыннаах үлэ уонна биисинэс эйгэтэ олохтонорун туһугар, атыыһыт-меценат Н.О. Кривошапкин уонна бөлүһүөк А.Е. Кулаковскай  үтүө холобурдарынан «Кэлэр кэм кэрэһиттэрэ»  “төгүрүк остуолу” Өймөкөөҥҥө Олоҥхо ыһыаҕар тэрийэн ыыппыттара.

Александр Константинович  от-мас, көтөр-сүүрэр төрүөҕэ толоруйар от ыйын 17-21 күннэригэр Аллараа Бэстээх-Павловскай-Хаптаҕай-Ороссолуода-Хоточчу-Тиит Эбэ-Күөрдэм-Кыһыл Үрүйэ-Хачыкаат бөһүөлктэринэн Өймөкөөн Олоҥхотун ыһыаҕыттан саҕыллыбыт “Айыы санаа айана” бырайыагын үлэлэттэ.

Александр айанын сырыытын  маршрутун оҥорон ыыппыт биллэриитин көрөн баран, миэхэ тутатына кыттыыны ылар баҕа үөскээбитэ.  Ыаллыы олорор Нөөрүктээйи нэһилиэгэ Өксөкүлээх айымньыларынан тыынар, Күөрдэм нэһилиэгиттэн сахалыы салгын илгийбитэ, Хачыкаакка Өксөкүлээх Өлөксөй сылдьыбыта… Бу  айантан туох эрэ кэрэхсибиллээҕи билииһикпин диэн санаа киирбитэ.

Бырайыак олоххо киирэригэр Аля Аммосова, Анна Холмогорова үлэлэстилэр. Айаммыт сырыыта ис-иһиттэн бэйэтэ тахсан истэ. Салайааччыбыт Александр бэйэтэ билиэн-көрүөн, дьону барытын түмүөн баҕалааҕа киһини кынаттыыр.

Тыанан, алаастарынан, нэһилиэктэринэн сатыы хааман, сороҕун көлөнөн сылдьан, бэйэни иһиллэнэн, ис кыаҕы арыйан  – устуоруйаны, култуураны, үгэстэри, сири-дойдуну үөрэтэн, олохтоохтору кытта кэпсэтэн кэллибит. Олоҕу-дьаһаҕы чинчийэр бырайыак  диэн буолар. Сүрүн соруга —  саха киһитин билиҥҥи кэмҥэ олорор стратегиятын, философиятын быһаарсыы; саха киһитин үлэтин уонна биисинэһин тутулун үөрэтии.

Аналлаах сирдэрбитигэр  тиийэммит, 4 хонук устата нэһилиэк олохтоохторун кытары көрүстүбүт, бөһүөлэктэр историческай пааматынньыктарын көрдүбүт-иһиттибит.

Сахалыы тыыннарын уһугуннаран, сааһыламмыт тэтимнэринэн  араас хайысхалаах бырайыактары хамсата сылдьар биир санаалаахтарбытын буллубут.  Айаммыт туһунан сырдатабын.

От ыйын 16 күнэ

 НӨӨРҮКТЭЭЙИ

Чаҕылыйа оонньуур күннээх күн буолла. Мин Төхтүртэн  Аллараа Бэстээххэ айаннаан кэлэммин Аляны, Аннаны,  Надежданы көрсөммүн таксинан Павловскайга тиийдибит. Бириистэнтэн эбэни кыйа Александры кытта тэҥҥэ Эрэлчээнэ Слепцова, Хотойук Айгыына хааман тиийдидэр.  Арчы дьиэтигэр  олохтоохтор Светлана Пудова, Татьяна Иванова, Евдокия Неустроева  ис миинэ, алаадьы  буһаран кэтэһэн олороллоро.  Нэһилиэк баһылыга Николай Федоров көмүлүөккэ аал уоту оттон, сахалыы сиэринэн-туомунан көрүстэ.

Бибилэтиэкэҕэ    нэһилиэк олохтоохторо уонна айан кыттыылаахтара көрсүһүүлэрэ ыытылынна. Бастаан Нөөрүктээйи баһылыга Николай Гаврильевич Федоров нэһилиэгин олоҕун-дьаһаҕын, устуоруйатын туһунан билиһиннэрдэ.  Светлана  Ивановна Торговкина   салайар түөлбэтин иһинэн “Айар кут”  иистэнньэннэр түмсүүлэрэ тикпит кыбытыы көбүөрдэрин Мария Петровна Сидоровалыын кэпсээтилэр. Бу көбүөрү Өксөкүлээх “100 сааһын туолбут эмээхсин тойуга” айымньытынан түөлбэ  18 дьахтара  уран тарбахтарын сылааһынан тикпиттэр. Ис хоһоонун арыйан иистэнэллэригэр учуутал Анна Михайловна Егорова көмөлөспүтүн махтана бэлиэтээтилэр.  Олохтоох дьоммут сэһэннэрэ бииртэн биир, хааһахтан тахсан иһэр курдук, тахсан истэ. Нэһилиэккэ “Кулаковскай лабораторията” баар буолан,  сахалыы тыыннанныбыт диэн буолла. Аны кэпсэтиини бу лаборатория салайааччыта учуутал Светлана Дмитриевна Пудова салҕаата. Кини 1970 сылтан саха тылын уонна литературатын учуутала Галина Васильевна Егорова Өксөкүлээх айымнылаларынан сыралаах, дьаныардаах үлэтинэн нэһилиэккэ сахалыы тыыннаах  суолларын  аһан биэрбитигэр улахан махталлаахпыт диэн бэлиэтээтэ. Светлана Дмитриевна  үөрэппит учууталын үлэтин салҕыыр. Лабораторияҕа араас хайысханан үлэлэһэннэр үлэлэрин ыырдара ыраатан, билигин айыы итэҕэлин өйдөбүлүнэн сиэр-туом оҥорорго ылсан эрэллэр эбит. Бэтэрээн-географ учуутал Сардаана Егоровна Петрова Мэҥэ Хаҥалас улууһун атлас-картатын оҥорсубут,  элбэх ыччаты туристар сүлүөттэригэр  уһуйан  үөрэппит. Өр сыл бырааһынан үлэлээбит  Светлана Семеновна Тимофеева нэһилиэгэр  старовердар, гражданскай сэрии, суол-иис устуоруйаларыттан  киһи эрэ сэҥээриэх кэпсээтэ. Нөөрүктээйилэр кини бииргэ төрөөбүт убайа Дмитрий Семенович Тимофеев  баһылыктыы олорон, билиҥҥи кэми өтө көрөн үлэлээбитин, олохтоохтору аныгы олоххо олорорго  бэлэмнээбит эбит диэннэр үтүө тылынан ахта санаатылар. Бибилэтиэкэр  Нина Колосова Өксөкүлээх айымньылара киһини  ыраастыыр, сааһылыыр диэн  санааттан элбэх үлэлэри ыыталларын кэпсээтэ, Дмитрий Семенович үлэриттэн сырдатта, нэһилиэктэрин устуоруйатын  кэпсиир кинигэлэри бэчээттэтэн таһаарбыттарын көрдөрөн билиһиннэрдэ.   Александр Константинович Протодьяконов  биисинэс  уонна үлэ эйгэтин олохтуурга саха омук бэйэтэ философиялаах буолуохтааҕын, Кулаковскай философиятын туһунан анал үөрэх баарын бырайыак-үлэлэригэр хайдах ситимнээн киллэрэрин кэпсээбитигэр олохтоохтор сэҥээрдилэр уонна биир тыыҥҥа киллэрдин диэн бэлиэтээн эттилэр.

ХАПТАҔАЙ

От ыйын 17-18 күннэрэ

Павловскайтан Ороссолуода-Хаптаҕай бөһүөлэктэринэн  хаамыы буолла. Сатыы сылдьар  дьоммут бэйэлэрин туруктарын тургутан көрөр уонна күөх чээлэй айылҕалыын алтыһар баҕалаахтар. Александр картаны көрөн хайысхалаан биэрэр. Эдэр ийэ Эрэлчээнэ Слепцова саха төрүт култууратын учуутала идэлээх. Билигин аныгы олох тэтиминэн, онлайн нөҥүө баҕалаах дьону саха тылыгар үөрэтэр. Араас омук, нууччалыы тыллаах дьон киниэхэ үөрэнэллэр. Бээрийэ кыыһа Хотойук Айгыына – суруналыыс, СӨ Суруйааччыларын сойууһун чилиэнэ. Үс сатыы сылдьар дьоммутугар Дьокуускайтан Аля Аммосова уонна  Хаптаҕайтан төрүттээх Екатерина  Копырина кыттыстылар. Аля Петровна учуутал, юрист идэлээх билигин урбаанньыт. Билиҥҥи олох ирдэбилинэн айти-технология көмөтүнэн реклама өҥөтүн оҥорор.   Екатерина Прокопьевна учуутал идэлээх буолан, ыччат сахалыы тыынынан иитиллэригэр болҕомтотун ууран үлэлэһэр. Кини 1969 с. Хаптаҕайга бастакы кылааска үөрэнэ киирэригэр, Дьокуускай учууталлары сайыннарар үнүстүтүүт  саха оҕотун нууччалыы үөрэтэр экспэримиэннэригэр  түбэспитин санаан ылла.  Бастакы учуутала, нуучча тылын уонна литературатын учуутала сахалыы иитиилээх кыра оҕолору  нууччалыы үөрэтэн бардахпына, кинилэр отуордарын алдьатыахпын сөп эбит диэн туруорсан, ити уопутун  тохтохпут. Екатерина иккис кылаастан саҥа сахалыы букубаары үөрэтэн барбыт.  Екатерина Прокопьевна  сахалыы  кутун-сүрүн ииттинээри  ыытыллар өбүгэ үөрэхтэригэр  элбэхтик сылдьыбыт. Ити үөрэхтэртэн  Сэмэн Григорьев ыытар  «Алгыс от» уһуйааныгар санаата тохтообут, сүрэҕэ ылыммыт. Сэмэн Карловичка  үөрэнэн,  отоһут билиитин ылынан,  идэ оҥостон эрэр. Хаптаҕайга Екатерина эһээтэ Никиитин оҕонньор отоһутунан биллэр эбит. Екатерина  маннык бигэ санааҕа кэлэригэр этин-сиинин элбэхтик хамсаппыт, хаамарын таһынан альпинизмынан дьарыктанар, Өймөкөөн, Муома хайаларыгар ытта тахсан,  Арассыыйа альпинистарын  анал бэлиэтин ылбыт.   Былыргы отоһут идэбит тиллэн эрэриттэн үөрэбин.

Иван Егоров аатынан успуорт комплексыгар Хаптаҕай уран тарбахтаах иистэнньэннэрэ  Мария Михайловна Слободчикова, Альбина Семеновна  Баишева, Антонина Семеновна  Суходольская  кэлбиттэр.  Биир ураты истиҥ көрсүһүү буолбут, кэлбит  үс  дьахталлар нэһилиэктэрин ис тыынын тутан олороллор, иистэнэллэр уонна нэһилиэктэрин устуоруйатын үөрэтэллэр. Мария Михайловна Хаптаҕай нэһилиэгэ 200 сылыгар икки томнаах   кинигэ бэчээттэнэн тахсарыгар  элбэх матырыйаалы хомуйсубут, билигин үһүс  томнарын суруйан бүтэрбиттэр. Тииттээхтэр төрүчччүлэрин хомуйбут. Антонина Семеновна Тыараһалар устуоруйаларын хомуйан бэчээттэппит уонна  ити үлэтигэр сүбэҕэ наадыйарын биллэрбит.  Мария Михайловна бөһүөлэк аттынан улахан  баараҕай тутуулар бара туралларын, онно  нэһилиэк дьоно оттуур сирдэрин боппуруоһа кытаанахтык турбутун  долгутайа бэлиэтээбит.

 Евдокия Ивановна Федорова Арассыыйа худуоһунньуктарын сойууһун чилиэнэ, норуот маастара,   ытыктанар  иистэнньэҥ Анна Прокопьевна Скрябина  аатын өрө тутан,   «Умсулҕан» иистэнньэннэр түмсүүлэрин 10 тахса сыл айымньылаахтык үлэлэтэ сылдьар. Балыыһа буолан турбут дьиэҕэ  Анна Прокопьевна  дьиэтигэр, кини оҕолоро, ийэлэрэ тикпит таҥастарын, оҥоһуктарын, киэргэллэрин аҕалан туруораннар түмэл оҥорбуттар. Ытык ийэ, ойууһут, иистэнньэҥ Анна Прокопьевна  айбыт үлэлэрин төрөппүт оҕолоро нэһилиэктэригэр бэлэх ууммуттара биир сүдү үтүө холобурунан буолар.   Айан кыттыылаахтара баай ис хоһоонноох  иис түмэлигэр сылдьан, үтүө  санаалаах Хаптаҕай  далбар  хотуттарын кытта билсэн кэпсэппиттэриттэн  олус диэн астыммыттар, дуоһуйбуттар.

КҮӨРДЭМ

От ыйын 19 күнэ

Күөрдэм  дьонун кытта 2016 сылга алтыһан турабын. Баһылык Александр Николаевич Аллараа Бэстээххэ “Төлкө” түмсүү тэрийэр  «Боотур омооно» күөн күрэхтэһиигэ нэһилиэгин уол оҕолорун кытары аҕалар сүбэлэрин ыыппыта. Анжелика Николаевна үөрэнээччилэринээн кэлсибитэ. Ол кэмҥэ хаһан да харахтаан көрбөтөх киһим Александр Николаевич  төлөпүөнүнэн: “Кытаатан уол оҕону кытта үлэлиир ситимҥитин быһымаҥ” —   диэн  эппитэ миэхэ алгыс курдук иһиллибитэ.

2018 с. Лена Валерьевна Федорова көҕүлээһининэн ыытыллыбыт  эрэгийиэннээҕи уустар научнай-бырактыычаскай кэмпэриэнсийэлэрин күөрдэмҥэр  кыайа-хото тэрийбиттэрин онно сылдьаммын бэлиэтии көрбүтүм. Биир кыра бөһүөлэк туохтан маннык  ис кыахтааҕа буолуой диэн ыйытыы санаа киирбитэ.

Билиҥҥи сырыыбыт ситимин    Куприянов  Максим Аммосович оҥордо. Эрийбиппэр киһим  нэһилиэгэ тугунан тыынан олорорун кэпсээбитигэр, тиийэр баҕа санаа үөскээбитэ. Биир дойдулааҕым, онно бибилэтиэкэрдиир, кинилэргэ  кийиит Портнягина-Лебедева  Ньургуйаанаҕа суруйбуппар, нэһилиэгинэн бары түмсүүлээхтик үлэлии сылдьалларын, элбэх үлэ ыытылларын туһунан эттэ. Мин санаам  курдаттыы Күөрдэмҥэ барда, хайаан да  тиийэргэ сорук ылынным.

Таксинан дьоммор Хаптаҕайга тиийдим, онтон салҕыы Хоточчуга  тиийдибит. Хамааччыларым онно хааллылар, мин массыынан  Күөрдэмҥэ кулуупка тиийдим.  Дириэктэр Саргылаана Семеновна үөрэ-көтө көрүстэ. Түһэр, эбиэт буһарар хостору көрдөрдө. Саргылаана Семеновна кулууп дириэктэринэн быйылгыттан үлэлээн эрэр эбит, кэпсэтэн бардахха,  өр сыл үлэлээбит киһи курдук. Бэйэтэ олохтоох, атын да сиргэ үлэлии сылдьан нэһилиэгин кытта алтыһар ситимин быспатах.   Күөрдэмнэр ытыктыыр киһилэрэ, СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ, норуот ырыаһыта, сатабыллаах салайааччы Акулина Михайловна Сидорова аатын култуура киинигэр  иҥэриллэрин дьаһалтатын кытта тэҥҥэ үлэлэһэн ситиспит. Норуодунай тыйаатыр  үлэтин киэн туттан кэпсээбитэ.

Дьоннорум Хоточчуттан биэс саҕана хааман кэллилэр уонна тутатына  Р.К. Захаров аатынан  этнографическай түмэл-комплекска сырыттыбыт. Кыраайы үөрэтээччи, энтузиаст Роберт Константинович үгүс экспонаты хомуйан, элбэх тутууну туттаран,  баай устуоруйалаах киэҥ-куоҥ  түмэли тэрийэн, дьоһун олоҕу олорон ааспыт. Билигин кийиитэ Матрена Иннокентьевна түмэли салайан үлэлэтэ сылдьар. Баай  С.П. Барашков меценаттаан туттарбыт Хачыкааттааҕы Николаевскай храмы  өрөспүүбүлүкэ 100 сылын бэлиэтиир инвестиционнай бырагыраамаҕа  киллэрэннэр,  саҥардан тутуу үлэни ыыппыттар. Храм саҥардыллан, сырдаан, киэргэйэн дьон болҕомтотун тарда турар.

Матрена Николаевна «Подари экспонат» диэн аахсыйа бырайыагынан араас улуустартан, нэһилиэктэртэн экспонаттар киирбиттэр. “Дойдум умнуллубат көстүүтэ” урукку олоҕу кэпсиир, суох буолбут дьиэлэри олохтоохтор  уруһуйдаан биэрбит хартыыналара биир сонун көстүү.

 Матрена Иннокентьевна  балтытынаан хамсык кэмигэр   «Дьыл эргиирэ – Күөрдэм сайдыыта» кыбытыы тигиинэн ойуулаабыт паннолара нэһилиэктэрин устуоруйатын, олоҕун-дьаһаҕын  кэпсиир. Самартай хочотугар биэс киһи олохсуйа кэлэрин  мындыр илиилэринэн панноларыгар ураннык ойуулаан тикпиттэрэ дьикти көстүүлээх сэһэн  буолла. Иистэнньэҥ, дириэктэр оччолорго итинник пааматынньыктар оҥоһуллуохтара диэн санаабат да этим диир. “Аны саҥа искибиэргэ  сабынан, таҥаһынан тигиллибит уобарастарбыт таас экспонаттар буоллуллар, ону истиэххит-көрүөххүт”,  —  диэн сэҥээрдибитэ.

Саргылана Семеновна Күөрдэмҥэ биһиги кэлиэхпит иннинээҕи күннэргэ Сахабыт сиригэр бетоннай “Таасуусбэстибээл” аан бастаан  ыытыллыбытын туһунан  сэһэргээтэ. Римма Романовна Жиркова кэлэ сылдьан, күөттээх Күөрдэмнэринэн үлэлэлээҥ диэн  үтүө сүбэ биэрбитигэр махтаналлар. Ону арыйалларыгар Далан “Дыгын Дархан” арамааныгар уус-уран айымньы дьоруой быһыытынан ойууламмытынан,  Самартай хочоҕо аан бастаан кэлэн олохсуйбут Самартай Тойон үһүйээнинэн сирдэппиттэр. Тэрийээччилэр “Дыгын Дархан” кинигэ 144-146 лиистэрин кыттыыны ылар уустарга  ааҕалларыгар сорудахтаабыттар. Соҕурууттан кэлэр дьонноругар тылбаастаан ыыппыттар.

Бу арамааҥҥа  ойууламмыт биэс уобараһы  уустар бэйэлэрин көрүүлэринэн бетонунан  оҥорбуттар:  «Саан Саантыр» — Новосибискайтан  «Ангара» бөлөх; «Самартай Тойон» — Ильян Павлов;  «Тимир Чарапчы Ойуун»  — Васильевтар дьиэ кэргэн, Дьокуускай; «Хардахсай Бэргэн» — Аргуновтар дьиэ кэргэн, Нам; «Күүстээх Тойон» — Алексей Андреев, Прокопий Федоров, Хаҥалас. Кинилэр мындыр өйдөрүнэн, сатабыллаах илиилэринэн оҥорбут пааматынньыктара  түҥ былыргы олоҕу кэрэһэлиир өйдөбүнньүк бэлиэ буоланнар,  күөрдэмнэр искибиэрдэригэр тураллар, инникитин искибиэрдэрин сынньалаҥ сир оҥорор  соруктаахтар.

 Саргылаана Семеновна Тэрис «Эллэй Боотур» арамаанын  ырытан,  уол оҕону төрүт үгэскэ уһуйар үлэбин сэҥээрэн ыйыталаспыта уонна инникитин үһүйээннэргэ олоҕуран  хас биирдии  дьоруойдарын  үөрэтэр, чинчийэр баҕалахтаахтарын биллэрдэ.

Күөрдэм нэһилиэгэ дьоно-сэргэтэ, тэрилтэлэрэ, түөлбэлэрэ биир тыыннаахтар, дьаһалталарын тула  түмсүүлээхтэр, инникигэ эрэллээхтэр. Маннык санаа мээнэ саҕыллан кэлбэт. Ким эрэ сүрэҕэр кыымы саҕан  биэрэр… Олохтоохтор баһылыгынан үлэлээбит биир дойдулаахтарын Андрей Анатольевич Варламовы ытыктабылынан саныыллар. Андрей Анатольевич  үс болдьоххо нэһилиэгэр баһылыктаан олорон,  дьонун-сэргэтин кытта ыкса бииргэ үлэлэспит. Олохтоохтор уруккута ээл-дээл сылдьар бэйэбитин  кини түмсүүлээх, эйэлээх оҥордо диэн истиҥник ахталлар, билигин Нерюнгрига үлэлэлээтэр да  алтыһа, билсэ, көмөлөһө олорор дииллэр. А.А.Варламов  саҕалаабыт үлэтин А.К. Константинов хорсуннук салҕыы сылдьар. Александр Константинов  улахан санааны (идеяны) илдьэ сылдьар киһи диэннэр астына бэлиэтиллэр.

Хачыкаат

От ыйын 20 күнэ

Александр Николаевич барыбытын массыынатыгар тиэйэн,  Тиит Эбэҕэ сырытыннарда уонна Хачыкаатка илдьэн биэрдэ. Нэһилиэк  баһылыгын собуйааччы Сардаана Петровна  Ефимова көрүстэ. Дьаһалта дьиэтин аактабай саалатыгар баар нэһилиэктэрин айылҕатын, олоҕун, ытык дьоннорун, Өксөкүлээҕи, Барашковы кэпсиир  хартыыналары  сэҥээрэ көрдүбүт. Олохтоох худуоһунньуктар Христофор Декабринович Степанов, Дмитрий Дмитриевич Артамонов, Вячеслав Дмитриевич Артамонов,  Вадим Васильевич Устинов, Прокопий Ефимович Федоров, Владимир Кимович Аммосов уруһуйдаабыт хартыыналара нэһилиэк олоҕун кэпсиирдии кэчигирэһэн ыйанан тураллар.

Атыыһыт-меценат Семен Петрович Барашков олорбут Тииттэй алааһыгар сылдьарга түһэ турбут ардах тохтоон ылбыта. Саха бөлүһүөгэ, улуу суруйааччыбыт  Өксөкүлээх Өлөксөй омук быыһытынан сайдар суолбутун  анаарбыт  «Ойуун түүлэ» уонна дириҥ толкуйдаах «Интеллигенцияҕа суруга»  айымньыларын  Хачыкаат сиригэр суруйбута  мээнэҕэ буолбатаҕа буолуо. Меценат, урбаанньыт,  норуотун ыарахан үлэтин чэпчэтэргэ саҥа тиэхиньиичэскэй  сүүрээннэри бастакынан киллэрбит Хачыкаат олохтооҕо С.П. Барашков А.Е. Кулаковскайдыын доҕордоспүт өрүттэрин үөрэтэргэ олохтоохтор үгүс  үлэни ыыталлар.

Сардаана Петровнаны тыа сирин интэллигиэнсийэтин  өрүтүн көрдөрө сылдьар диэн көрсүһүүгэ кэлбит Наталья эппитин сэргии, сэҥээрэ истибитим. Сардаана эдьиийэ, дьүөгэм  Татьяна Петровна нөҥүө халыҥ аймах Ефимовтары билэбин. Улахан, иллээх дьиэ кэргэн.  Аҕалара Петр Иванович нэһилиэгин устуоруйатын үөрэтэрэ, хасыһара, кэргэнинээн Вера Михайловналыын  сэттэ оҕолорун дойдуларын таптыыр, үөрэхтээх, эйэлээх гына ииппиттэрэ билигин   дьоһун дьон буоланнар олороллор.

Хачыкааттар сырдык ыра санаалара олоххо киирэн олохтоно, түстэнэ  турдун.

ххх

Хас биирдии сылдьыбыт нэһилиэкпит ураты истиҥ кэрэ эйгэлээх, ис тыыннаах, төрүт өйдөбүллээх. Кыраайы үөрэтээччилэрбит, имигэс тарбахтаах иистэнньэннэрбит, уран уус илиилээх уустарбыт, дьоҕурдаах  худуоһунньуктарбыт, хороҕор муостааҕы, сыспай сиэллээҕи дэлэтэр дьоммут   инники күөҥҥэ сылдьаллар. Кинилэр сатабылларыгар тирэнэн орто туруу чаҕыл дойдуга сайдыы саҥа аартыгын арыйыаҕыҥ,  атын арҕаа култуураҕа саба баттаппака, соргулаах олох уһун суолун солонуоҕуҥ. Сахалыы эйгэбитин кэҥэтэммит инникигэ эрэллээх,  сатабыллаах, уйгулаах-быйаҥнаах, чэгиэн-чэбдик туруктаах, үптээх-харчылаах, дьоллоох-соргулаах  буолуоххайыҥ.

Анна ХОЛМОГОРОВА, Мэҥэ Хаҥалас.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
13 декабря
  • -37°C
  • Ощущается: -37°Влажность: 74% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: