Салгыы
«Айыы санаа айана» табылынна!

«Айыы санаа айана» табылынна!

26.03.2023, 14:30
Оллоонноон олорон санаа атастаһыыта. Хаартыскаҕа ааптар түһэриитэ
Бөлөххө киир:

Бу күннэргэ Өймөкөөн улууһугар ыытыллыбыт «Өймөкөөҥҥө: Айыы санаа айана» өрөспүүбүлүкэтээҕи VIII билим-методическай кэмпириэнсийэ 16-с Олоҥхо ыһыаҕар улахан суолталаах бэлэмнэнии ыытылла турарын туоһутунан буолла.

Тэрийээччилэргэ – сөҕүмэр ситиһии

Маастар кылаас үгэнэ

Кэрэхсэбиллээҕэ баар, суолталаах тэрээһиҥҥэ Өймөкөөн улууһун олохтоохторо эрэ буол­бакка, өрөспүүбүлүкэ улуустара эмиэ улахан бэлэми ыыта сылдьаллара көһүннэ. Ол курдук, 20-тэн тахса олуктан турар араас хайысхаҕа 16 улуустан, Дьокуускай куораттан 850 киһи маастар-кылаастарга кыттыыны ылла, тэрийэн ыытта.

Быйылгы Олоҥхо ыһыаҕар бэлэмнэнии кэмпириэнси­йэтэ хас да уратылаах буолла. Ол курдук, Москва куораттан   Бүтүн Арассыыйатааҕы Сылгы иитиитин билим-чинчийэр институтун дириэктэрэ, тыа хаһаайыстыбатын билимин хандьыдаата Александр Зайцев кэмпириэнсийэҕэ кыттан, тэрээһин Арассыыйатааҕы таһымнаах буолла. Иккис уратыта – урукку сылларга кэмпириэнсийэ улуус киинигэр эрэ буолар эбит буоллаҕына, бы­­йылгы икки бэйэ-бэйэлэриттэн тэйиччи сытар Уус Ньараҕа уонна Томтор нэһилиэгэр буолла. Үһүс уратыта – айдарыылаах, чараас эйгэлээх бөлүһүөк дьон биир сиргэ аан бастаан түмсэн санаа атастаһыылара.

Кэмпириэнсийэҕэ улуус киинигэр 200 киһи кытынна, оттон Томторго – 650 киһи. Томторго ыытыллыбыт бэлэмнэнии тэрээһин кэмпириэнсийэтэ үрдүк таһым­наахтык ыытыллан, Өймөкөөн сиригэр уос номоҕор киирэр Олоҥхо ыһыаҕа, Тымныы полюһун тустарынан үтүө өйдөбүл өрөспүүбүлүкэ хас биирдии муннугар тарҕанара ситиһилиннэ. Маннык тыһыынча кэриҥэ дьон ыраах хоту улууска мустуута – тэри­йээччилэргэ сөҕүмэр ситиһии!

Өксөкүлээххэ сүгүрүйүү

Таатта улууһуттан истиҥ эҕэрдэ

Кэмпириэнсийэ бастакы күнэ – ураты күн этэ. Өймөкөөн улууһун кытта ыкса сибээс­тээх ытык киһибит, саха литературатын төрүттээччи, фольклорист, бөлүһүөк А.Е.Кулаковскай-Өксөкүлээх Өлөксөй төрөөбүтэ 146 сылын бэлиэтээри, сарсыардаттан кэмпириэнсийэ кыттыылаахтара Үрэх Төрдүгэр тиийэн, саха норуотун киэн туттар киһитин туһунан ахтан-санаан аастылар.

Суолталаах тэрээһиҥҥэ СӨ култуураҕа уонна духуобунай сайдыыга миниистирин солбуйааччы Афанасий Ноев, улуус баһылыга Иннокентий Сивцев, М.К. Аммосов аатынан Хотугулуу-Илиҥҥи федеральнай университет философия­ҕа кафедратын сэбиэдиссэйэ, философия билимин дуоктара Андрей Саввинов, биллиилээх учуонайдар, уопсастыбаннай диэйэтэллэр, араас улуустартан кэлбит ыалдьыттар уонна улуус нэһилиэктэрин олох­тоохторо кыттыыны ыллылар. Ил Дархан Айсен Николаев бы­­йылгыттан Саха сиригэр 2023-2027 сс. Өксөкүлээх Өлөксөй биэс сылынан биллэрбитэ. Бу сыллар тухары Өксөкүлээхпит суолталаах айымньылаах үлэтэ үтүмэн үйэлэри салгыы уҥуордуоҕа. Бу туһунан тыл эппит дьон анаан бэлиэтээтилэр. Айар тыл аҕата, кыраа­йы үөрэтээччи, улуу бэйиэт, олохпут инникитин өтө көрбүт Өксөкүлээх Өлөксөй төрөөбүт күнэ Өймөкөөн ытык сиригэр үгүс дьон өйүгэр-санаатыгар хаалардыы умнуллубаттык бэлиэтэннэ. Биллэн турар, маннык тэрээһин улуу дьоммут  ааттарын үйэтитиигэ биир сүрүн суолталаах үлэ хайысхата буолара чахчы.

Томтор оскуолата 200-чэ киһини маанылаата

Өрүс тааһыгар уруһуй сувенир хамаҕатык барда

Томтор орто оскуолатын кэлэктиибэ, төрөппүттэрэ өрөспүүбүлүкэ 16 улууһуттан кэлбит 200-чэ киһини көрсөн, аһатан, хоннорон маанылаатылар.

Онон, Тымныы полюһа ыалдьытымсаҕа, сайдыыта, кыаҕа Томтор оскуолатын сылаас эйгэтигэр, тыыныгар, оҕо саас кэскиллээх уйатыгар арылынна уонна көһүннэ. Кэрэхсэбиллээҕэ баар, 15 сыл устатыгар Олоҥхо ыһыаҕын тэрийиигэ кыттыбыт эппиэттээх исписэлиистэр, улуустар бэрэстэбиитэллэрэ хас биирдии олукка кыттыһан, олох­тоохторго сүбэ-ама биэрдилэр. Нам, Үөһээ Бүлүү улуустарыгар Олоҥхо ыһыаҕын ыыппыт бас-көс дьон кэлэн, хорчуоппаҕа атыыланар бэрэски кээмэйэ төһө буолуохтааҕыттан саҕа­лаан, ыһыаҕы ыытыы сиэригэ-туомугар тиийэ сүбэ биэрдилэр, уопуттарын атас­тастылар. Саамай кэрэхсэбиллээҕэ, хас биирдии сүбэ олус өйдөнүмтүө, туһалаах, судургу буолан, олохтоохтор интэриэс­тэрин, кэрэхсэбиллэрин ылла.

Олоҥхо ыһыаҕын – бары күүһүнэн

Тимир уустарны үлэлэрин түмүгэ

Быйыл «Айыы санаа айана» Олоҥхо ыһыаҕа өрөспүүбүлүкэҕэ 16-с төгүлүн от ыйын 1-2 күннэригэр Өймөкөөн улууһугар  Томтор нэһилиэгэр  Көмүс Күрүө диэн сиргэ ыытыллар.

Ыалдьыттары түһэрэр, ыһыах ыытыллар сириттэн тэйиччи сиргэ турар былаһаак­ка Алтан Күрүө диэн ааттаммыт. Ыһыах уратытынан, нууччалыы эттэххэ, «палаточнай городокка» хас биирдии улуус түспүт сирин-уотун бэйэтин улууһун ис хоһоонун арыйар гына тэриниэхтээх. Быйылгы кэмпириэнсийэҕэ кытта кэлбит улуустар бэрэстэбиитэллэрэ  Өймөкөөҥҥө ыытыллар ыһыахха биирдии тэрээһини бэйэлэрэ сүрүннээн ыытыах буоллулар. Ол курдук, оҕо сынньанар, оонньуур, күрэхтэһэр түһүлгэтэ, «Култуура» национальнай бырайыагынан кэлбит автосценалары аҕалан туруоруу, спортивнай күрэхтэһиилэри, оһуохай түһүлгэтин ыытыы, ипподромҥа  ат  сүүрдүүтэ курдук араас тэрээһиннэри бэйэлэрин эппиэттэригэр ылбыттара – дьэ, бу кыра нэһилиэнньэлээх нэһилиэк салалтатыгар сүҥкэн өйөбүлүнэн буолара саарбаҕа суох. Бу туһунан сиһилии «Саха сирэ» хаһыат саайтыгар билиһиннэриэхпит.

Кэмпириэнсийэ үлэтин биир чэрчитэ

Тэрийээччилэр бэлиэ­тииллэринэн, Олоҥхо ыһыаҕын үөрүүлээх аһыллыытыгар 700 кэриҥэ киһи, ол иһигэр Олоҥхо тыйаатыра, Саха тыйаатыра, Үүнэр көлүөнэ ты­­йаатыра, Хотугу аҕыйах ах­­сааннаах норуоттар тыйаатыр­дара, Сергей Зверев-Кыыл Уола аатынан Үҥкүү тыйаатыра, “Эрэл” үҥкүү народнай ты­­йаатыра кыттыыны ылаллара былааннанар.

Бу күннэргэ Өймөкөөн улууһугар ыһыах аһыллыытын туруорар режиссерскай бөлөх анаан кэлэн үлэлиэҕэ. Онно бааллар: бөлөх уус-уран салайааччыта уонна сүрүн режиссер Андрей Борисов, режиссер көмөлөһөөччүтэ Павел Колесов, сценарист Майя Власьева, консультаннар Зоя Попова, Виктор Стручков, сүрүн худуоһунньук Михаил Егоров, худуоһунньук көмөлөһөөччүтэ Валерий Саввинов, таҥас-сап худуоһунньуга Сардаана Федотова, кылаабынай хореограф Изабелла Егорова.

Кулун тутар 21-26 күннэригэр Мария Турантаева сала­йааччылаах Олоҥхо ыһыаҕын туруорар режиссерскай бөлөх Өймөкөөн сиригэр-уотугар тэрээһин үлэтин чэрчитинэн араас тэрээһин боппуруостарыгар үлэлэһиэҕэ.  Бу – кэмпи­риэнсийэ үлэтин биир чэрчитэ.

«Аны сайын Томторго көрсүөххэ диэри!»

Өксөкүлээх Томторго ыһыаҕы ыспытын куукулалар кэпсииллэр ыһыаҕы

16-с Олоҥхо ыһыаҕын «Өймөкөөҥҥө: Айыы санаа айана» өрөспүүбүлүкэтээҕи VIII билим-методическай кэмпи­риэнсийэтин тэрээһинэ Томтор нэһилиэгин олохтоохторугар улахан эрэпэтииссийэнэн буол­бута саарбаҕа суох.

Ол курдук, оскуола, кулууп, уһуйаан, бибилэтиэкэ, Оҕо ускуустубатын уонна Оҕо спортивнай оскуолалара, олохтоох түмэллэр, балыыһа, ыалдьыттары түһэрэр дьиэлэр үлэһиттэрэ, сылгы баазаларын сылгыһыттара – бары турунан үлэлээтилэр. Ыраахтан-чугастан кэлбит ыалдьыттары уһуйаан уонна оскуола асчыттара икки күнү быһа сылаас минньигэс аһынан күндүлээтилэр.

«Аҕыйах нэһилиэнньэлээх улуус диэтэххэ, улахан тэрээһини кыайдыгыт» диэн Олоҥхо ыһыаҕын тэрийэр салайааччылартан үрдук сыанабылы ыллыбыт», – диэн улуус баһылыга Иннокентий Сивцев анаан бэлиэтээн туран, социальнай ситимнэринэн улууһун олох­тоохторугар ис сүрэҕиттэн махтанна. «16-с төгүлүн ыытыллар өрөспүүбүлүкэтээҕи Олоҥхо ыһыаҕа, бу курдук бары бииргэ буоллахпытына, ыалдьыттарбыт өйдөрүттэн-санааларыттан сүппэт өйдөбүлү хаалларыа», – диэн бэлиэтээтэ баһылык.

Кэмпириэнсийэ түмүгүнэн 20-тэн тахса олук кыттыы­лаахтара бэйэлэрин санаа­ларын тиэртилэр, туохха болҕомтону ууруохха сөбүн сүбэлээтилэр. Бу туһунан уонна билим-методическай кэмпи­риэнсийэ үлэтин туһунан сиһилии саайтпытыгар сырдатыахпыт.

«Айыы санаа айана» диэн кэмпириэнсийэни олус да сөпкө ааттаабыттар эбит – Өймөкөөҥҥө кэлэн, санаабыт сырдаан, билиибит кэҥээн, кырдьык да, Айыы санаа айана буолла!» диэн өрөспүүбүлүкэтээҕи кэмпириэнсийэ кыттыылаахтара «аны сайын Томтор сиригэр көрсүөххэ диэри!» диэн этэн араҕыстылар.

Ааптар хаартыскаҕа түһэриилэрэ.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
12 декабря
  • -37°C
  • Ощущается: -37°Влажность: 67% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: