Салгыы
Айыыһыт – дьиэ кэргэн арчыһыта

Айыыһыт – дьиэ кэргэн арчыһыта

08.01.2024, 10:30
Хаартыска: Зиновий Игнатьев архыыбыттан.
Бөлөххө киир:

2024 сыл Арассыыйаҕа Дьиэ кэргэн сылынан, Саха сиригэр Оҕо саас сылынан биллэрилиннэ. Оттон саха итэҕэлинэн Айыыһыт сыла – дьиэ кэргэн дьолун түһэ, оҕо төлкөтө. Бүгүн күүтүүлээх Саҥа дьылы көрсө “Саха сирэ” хаһыакка ыалдьыттыыр Мэҥэ Хаҥалас улууһун Ытык Сүбэтин салайар, дьоҥҥо өрүү үөрүү, дьол, эрэл кыымын саҕа сылдьар алгысчыт Зиновий Игнатьев-Түсчүт.

ИЙЭ АЛГЫҺЫНАН

– Зиновий Иванович, эн хаһааҥҥыттан ыла алгыс көтөҕөр буолбуккунуй? Киһи ис турукка киириигэ эрдэттэн уһуйуллар, бэлэмнэнэр дуо?

– 50 сааспын ааһан баран, аймахтарым үөрүүлээх түгэннэригэр алгыстыыр этим. Бастаан утаа алгыс тылы этэрбэр түгэниттэн көрөн нойосуус­туурум. Алгыы туран “тылбын умнубатах эрэ киһи…” дии саныыр түгэн кытта баара. Онтон сыыйа арыллан, бэйэм тылбынан этэр буолбутум. Билигин алгыс иннинэ чуумпуран олоро түһэн, бэйэбин сааһыланан ылабын. Ардыгар уруу кэмигэр тамада эрдэ тыастаах-уустаах муусуканы холбоон, дьонун аһара турукка киллэрэн, хаһыытатан, ытыс таһыннаран, бэйэбин да, дьоммун да олох ыһан кэбиһээччи. Онно дьону уоскутан, саҥаттан сааһыланыахха наада курдук буолар. Мин уһуйааччыбынан батыһа сылдьан элбэххэ үөрэммит Бүтэйдээххэ олорор алгысчыт Варвара Федорованы ааттыыбын. Кинини үгүс киһи билэр. Амма Алтанын олохтооҕо, норуот эмчитэ, үөһээттэн айдарыылаах Чугдаара Хотуҥҥа эмтэнэн, алтыһан элбэххэ уһуйулуннум. Бу дьоммор улахан махталлаахпын. Кыра эрдэхпиттэн наар сайы­лыгынан, пиэрмэнэн улааппытым. Ийэм Боккуойа барахсан кырачаан киһиэхэ тугу барытын сахалыы тыын­наан кэпсии­рэ, өйдөтөрө, сиэри-туо­му тутуһуннарара, бэйэбин өрүү алгыы сылдьара эппэр-­хааммар иҥэн, тахсыахтаах кэмигэр уһуктан кэллэҕэ.

ИТЭҔЭЛ БАЛАҔАНЫН ОРУОЛА СҮҤКЭН

– Майаҕа саха балаҕана хаһан баар буолбутай? Ити иннинэ дириҥ ис хоһоон­ноох тэрээһиннэргитин ханна ыытар этигитий?

– 2010 сыллаахха ахсынньы ыйга «Тирэх билии» диэн үөрэҕи ыыта «Көмүлүөк» түмсүү кэлэн, дириҥ ис хоһоон­ноох сэминээри ыыппыта. Онно үөрэммит дьон «Сырдык айыы сыдьаайа» диэн ааттанан, түмсүү тэринэн, ол ылбыт билиибитин чиҥэтэн, үллэс­тэн баран, аны ону бар-дьоммутугар тарҕатыахха наадатын өйдөөбүппүт. Билигин үлэлии олорор балаҕаммыт 2016 сыллаахха эмиэ ахсынньыга аһыллан үлэтин саҕалаабыта. Улуус баһылыга Дмитрий Тихонов оччолорго Майа сэлиэнньэтин баһылыга этэ. Кини биһиги, уопсастыбанньыктар, этиибитин өйөөн, алтынньы 14 күнүттэн саҕалаан Спартак Афонскай салайан, норуот «хаамаа­йылар» диэн ааттыыр дьонун мунньан үлэлэтэн барбыта. Балаҕан тутуутун матырыйаала тиийбэтэҕэр бэйэтин маһын кытта биэрэн турар. Олохтоох дьаһалтабыт баһылыга итии­тин, уотун төлүүрэ, оҕолорго кылаас чааһа ыытарга алаа­дьы оҥорор аспытыгар кытта харчы көрөрө. Билиҥҥи баһылыкпыт Алексей Неустроев ол үтүө дьыаланы салҕаан, эмиэ өйүү олорор. Мэҥэ Хаҥаласка сахалыы тыын олохтоохтук иҥэн киирбитигэр Итэҕэл балаҕанын оруола сүҥкэнин анаан бэлиэтиибин. Дьон бэ­­йэ-бэйэтиттэн истиһэн, араас улуустартан, киин куораттан кытта кэлэн алгыстаталлар. Атын омук дьоно кэлэн бараллара эмиэ баар. Балаҕаммыт үлэтэ үгүс. Оскуола оҕолоругар кылаас чаастарын ыытабыт. Сороҕор уол-кыыс диэн арааран. Наһаа үчүгэй эдьиийдээхпит, бэйэтэ бэтэрээн учуутал Анна Климентьева, Лидия Андреева-Ил Иитэ уһуйааччы, эмчит. Дьиҥинэн элбэхпит да, үлэбитин сүрүннээччи, убаас­тыыр киһибит хара маҥнайгыттан Евдокия Решетникова буолар. Оҕолор наһаа сэргиил­лэр, хааммытыгар кытта сырыт­таҕа эбээт сахалыы тыыммыт.

МАЙАҔА АЙЫЫҺЫТЫ АЙХАЛЛААТЫЛАР

– Майалар быйыл хаар оҥоһуктаргытын Айыы­­һыкка анаатыгыт. Саайтпытыгар ону сырдаппыккын дьон бэркэ сэргии ылынна. Сахалар бэ­­йэбит айыыларбыт сылларын бэлиэтээбэккэ, илин халандаар бэлиэлэрин ойуччу тутарбыт төһө оруннааҕый?

– Саха итэҕэлинэн 12 мөһүлгэ сыллаах эргиир баар. Бэйэбит сирбитигэр-­уоппутугар, сахалыы майгыбытыгар олох сөптөөх бары Айыыһыт сахалыы ааттаах. “Айыыһыкка анаан муус-хаар оҥоһуктары оҥоруоҕуҥ, бэйэбит Айыыбыт айылгыбытыгар быдан чугас, иһирэх…” диэн этэ сатаабытым. Син сөбүлэ­һэллэрэ да, оҥорботтор этэ. Быйыл, хата, Майа баһылыга Алексей Неустроев, сыһа-соһо барбакка, Айыыһыкка түөлбэ күрэҕин биллэрэн, бэртээхэй хаар оҥоһуктар баар буоллулар. Саҕалааһын баар. Өссө кэҥээн иһиэ, дьон сэргиэ буол­лаҕа. Оҕо кэрэхсээтэҕинэ, дьоно быһааран кэпсээтэҕинэ, үүнэр көлүөнэҕэ өбүгэ саҕанаа­ҕы сиэр-туом, өйдөбүл бэриллэн иһиэ этэ. Баҕа санаам – уһуйааннартан саҕалаан итинник хаар оҥоһуктары оҥоруохха баара. Оччотугар кэскиллээх кэнчээри ыччаттар үүнэн тахсыахтара.

Олунньуга бэлиэтэнэр Саҥа сылын улуу кытай омук бэ­­йэтин итэҕэлинэн араас кылабачыгас, кыһыл-күөх “драконунан”, “эриэн үөнүнэн”, “эбисийээнэнэн” көөчүктээн, бүтүн Арассыыйа үрдүнэн киллэрдэ. Аны өссө «бу сылы көрсөргөр маннык аһыахтааххын, таҥныахтааххын, саныах­тааххын, оҥоруохтааххын» диэн ыйыы-кэрдии бөҕө. Оттон Айыыһыппыт сылын бэлиэ­тиирбитигэр “оннук гын, маннык гын” диэн суох. Эн киһилии сэбэрэҕинэн, аламаҕай майгыгынан, саха сиэринэн таптыыр чугас дьоҥҥун кытта сылаас дьиэҕэр сандалы хото­йорунан астаах көрүс. Бу баар Айыыһыт сылын сүрүн тосхоло.

БЭЙЭНИ ҮӨРҮҮНЭН ТОЛОРУОХХА!

– Эйигиттэн дьон ньээкэ уйаларыгар алгыс туомун көтөҕөргө көрдөһөллөр эбит.

– Дьиэни-уоту ыраастыыбын. Дьон астынан, махтанара күндү. Көмүс ньээкэ уйабыт – дьиэбит Иччитэ бэйэбит хайдахпытый да, эмиэ оннук ээ. Саха итэҕэлин, Алгыс күүһүн билии бу кэнники кэмҥэ улаатта. Киһи кыһалҕаны биллэҕинэ, Айыылар күүстэрин итэҕэйэр. Туох да кыһалҕата суох киһи Ийэ Айылҕатыгар хайыспат да, ол кэнчээри ыччаттарыгар охсуулаах. Билигин сахалыы «көрөр» оскуола оҕото элбээтэ. Бу Ийэ Айылҕабыт бэйэтин көмүскэнэр дьон оҥостоору, «аһар» быһыылаах. Саха Итэҕэлин күүһүн билинэр киһи үксээтэ. Сахалар хаһан да эстиэхпит-быстыахпыт суоҕа. «Эһиннибит-быһынныбыт, бүттүбүт» дииллэрин кытта олох сөбүлэспэппин. Саха самныбат. Улахан харысхаллаах дьон буоларбыт олох кыра кэм хаалла. Көрөөрүҥ да, истээриҥ да. Саха сирин дьонугар Айыыһыт сылыгар баҕа санаам: үөрүҥ билэр дьоҥҥут кыра да ситиһиититтэн, оҕоҕут-сиэҥҥит улаатарыттан, саҥа ыал үөскүүрүттэн, үөрүүнэн толоруҥ түөскүтүн!

+1
5
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
1
Бары сонуннар
Салгыы
13 декабря
  • -37°C
  • Ощущается: -37°Влажность: 67% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: