Айыына Евграфова: «Саллаат убайбын күүтэбин»
26.10.2022, 22:12
Бөлөххө киир:
“Саха сирэ” хаһыат (sakha-sire.ru) хорсун-хоодуот буойуттарбытыгар анаан, дойдуга бэриниилээх буолууга иитэр соруктаах хоһоон куонкуруһун биллэрбитэ.
Куонкуруспут 51-с кыттааччыта Чурапчы гимназиятын С.К. Макаров аатынан 6б кылааһын үөрэнээччитэ Евграфова Айыына:
Саллаат убайбын күүтэбин
Хорсун саллаат убайым,
Хоодуот бэрдэ кини,
Харса суох санаалаах,
Хамандыыр туйгуна.
Ханна да тиийдэр,
Ханна да буоллар,
Ийэ дойду туһугар,
Инники күөҥҥэ сылдьар.
Эйэлээх олоҕу түстэһэр,
Эдэр саллаат убайым,
Эргилин кыайыынан,
Эрэнэ күүтүөҕүм.
Күүтүөҕүм, эйигин убайкаа,
Күннэтэ кэһиибин ууруоҕум,
Кэлэргэр утары тахсаммын,
Кууһуоҕум ыксары бэйэбэр.
+1
+1
+1
+1
+1
+1
+1
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: