Аксинья Евсеева-Өксүү: «Көмүскэл»

Аксинья Евсеева-Өксүү: «Көмүскэл»

Ааптар:
08.11.2022, 18:54
Бөлөххө киир:

“Саха сирэ” хаһыат (sakha-sire.ru) хорсун-хоодуот буойуттарбытыгар анаан, дойдуга бэриниилээх буолууга иитэр соруктаах хоһоон куонкуруһун биллэрбитэ.

Куонкуруспут 66-с кыттааччыта Дьокуускайтан  Евсеева Аксинья -ӨКСҮҮ:

КӨМҮСКЭЛ

КӨМҮСКЭЛ.

Тоҕус ыйтан тулуурун тиһэн
Таҥыллыбыта айдарыллан,
Тапталынан бигэнэн
Төрөөбүтэ УОЛАММЫТ.

Ийэ сүрэҕэр куруук чугас
Сайаҕас санаа кылаана
Аҕа,бөҕө тииттии -ЭРЭЛЭ,
Киэн-туттар очуоһа.

Боотурбут-барыбыт кэскилбит
Төлөһүйбүт мохсоҕолбут
Халлаан тойон иччибит
Күн Дьөһөгөй баһылыкпыт.

Сырдык сүүмэх иҥэринэн
Сытыы батас игиитинэн,
Силлиэ,буурҕа сымсатынан
Ситэриллэн үүммүтүҥ.

Дохсун санаа сыппаабатын
Чиҥ иҥиир кэбирээбэтин
Саха хаана баһылаатын
Ис санааҕын күүркэттин!

Ханна да буолларгын
Чаҕыйыма тоҕойуом,
Бииргэ бары арыаллыыбыт
Көмүскэлбит чахчы — ЭН!

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
4 октября
  • 3°C
  • Ощущается: -1°Влажность: 87% Скорость ветра: 4 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: