Актыбыыс дьахталларга куонкурус саҕаланна
Тохсунньуттан ыам ыйыгар диэри «Женщины за здоровое общество» диэн II Бүтүн Арассыыйатааҕы куонкуруска сайаапкалары тутуу саҕаланна. Наҕараадалааһын Федерация Сэбиэтигэр буолуоҕа.
Кыайыылаахтар Сеченов аатынан Москватааҕы судаарыстыбаннай мэдиссиинэ университетыгар баран үөрэнэр кыахтаналлар. Бу бырайыак уопсастыба чөл буолуутугар национальнай бэлиитикэни күүһүрдэр уонна Арасыыйа үрдүнэн социальнай эйгэҕэ үлэлиир, доруобай буолуу сыаннастарын тарҕатар актыбыыс дьахталлары түмэр сыаллаах.
Куонкурус «Технология для здоровья», «Женское здоровье», «Материнство и детство», «Здоровый образ жизни», «Здоровая семья» диэн биэс номинациялаах. Номинация аайы биир кыайыылаах уонна икки финалист баар буолар. Кыайыылаахтар уонна финалистар Сеченов аатынан мэдиссиинэ университетыгар үөрэниэхтэрэ уонна экэнэмиичэскэй пуорумнарга кыттан, социальнай бырайыактарын билиһиннэриэхтэрэ. Ону тэҥэ, куратордоры кытары көрсүһэн, сүбэ-ама ылыахтара.
Кыайыылаахтары уонна финалистары Федерация Сэбиэтигэр бэс ыйыгар наҕараадалыахтара. Балаһыанньаны сиһилии www.womenforhealth.ru саайтка билсиэххэ сөп.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: