«Ала Булкун» испэктээк социокультурнай көстүү быһыытынан
Олоҥхо дэкээдэтин көрсө
Т.Захаров-Чээбий «Ала Булкун» олоҥхотунан Олоҥхо тыйаатырын испэктээгэ — саха театральнай ускуустубатыгар комическай туруоруу быһыытынан сонун көстүү. Маныаха Саха драматическай тыйаатырын нуучча классикатынан кэмиэдьийэлэрэ, ону тэҥэ «Наара Суох» испэктээк курдук норуодунай буолбут туруоруу олук охсубуттара.
Нуучча биллиилээх бөлүһүөгэ, культуролога, литературнай ырытааччыта, теоретига М.М.Бахтин этиитинэн, норуокка универсальнай күлүү култуурата баар. Кини этэр «норуот карнавальнай утопията» күлүү култууратын көстүүтүн быһыытынан, үгэһи көрдөрүү уонна тылынан уус-уран айымньы көрүҥнэрэ Чээбий «Ала Булкун» олоҥхотун туруорууга толору көстөр. Күлүү социокультурнай көстүү быһыытынан дьону түмэр күүһэ уопсастыба олоҕор улахан суолталааҕа Д.С.Лихачев, А.М.Панченко, С.С.Аверинцев курдук биллиилээх культурологтар үлэлэригэр суруллан турар.
«Ала Булкун» олоҥхо 2018 сыллаахха Т.В.Захаров-Чээбий 150 сылыгар турбута, режиссер артыыс Гаврил Менкяров бастакы туруоруутунан буолар. «1906 сыллаахха сурукка тиһиллибит олоҥхо бастаан ааҕа олордоххо комическай буолара тута өйдөммөтөҕө, эрээри Чээбий туһунан кинигэ ааптара Е.Д. Уварованы кытта олоҥхоһут ураты майгылаах, көрдөөх кэпсээннээх киһи буоларын туһунан кэпсэтии кэнниттэн, айымньы тыла-өһө дьэҥкэтик ойууланан, араас өҥүнэн оонньоон-тыынан кэлбитэ», — диир туруорааччы режиссер. Ол курдук, дэйбиир курдук уус-уран деталь киирэн, Ала Булкун уобараһа ситэриллэн биэрбит.
Олоҥхо тыйаатырын артыыһа Павел Колесов дэгиттэр талааннаах артыыс буолара Ала Булкун оруолун оонньууругар толору көстөр. Манна ураты куолас, мимика, пластика, тус харизма барыта сүрүн дьоруойу толорор артыыска түмүллэн, бүтүн испэктээги биир тыынынан көрөргө кыах биэрэр. Артыыстар пластическай, мимическай буолуулара комическай олоҥхо гротеска олоҕурарын чаҕылхайдык көрдөрөллөр. Ала Булкун, абааһылар комическай уобарастарын Симэхсин эмээхсин (Наталья Слепцова-Корякина) ситэрэн биэрэр. Иккис былаан артыыстарын ураты таҥастара-саптара, биир тэҥинэн толорор саҥалара Былыргы Греция драматурдара Эсхил, Софокл, Аристофан айымньыларыгар хор норуот санаатын көрдөрөр үгэһин тиэрдэр.
Тута доҕуһуол Олоҥхо тыйаатырын туруорууларын ньымата буоларын быһыытынан, национальнай үнүстүрүмүөннэр муусуканы таһынан араас тыаһы-ууһу, көтөр-сүүрэр саҥатын биэрэр кыахтарын үрдүк таһымҥа көрдөрөр.
Сыана уларыйа турар реквизитэ, уоту-күөһү оонньотуу туруоруу темпоритмигэр дьүөрэлэһэн биэрэллэр.
Т.Захаров-Чээбий ураты олоҥхотун аныгы ыччат үөрэ ылыммыта Олоҥхо тыйаатырын сайдыытын биир кэрдиис үктэлэ буолла.
Елизавета Мигалкина, Олоҥхо тыйаатыра.
СИА хаартыската.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: