«Алаадьы курдук сымнаҕас, күөрчэх курдук минньигэс»

«Алаадьы курдук сымнаҕас, күөрчэх курдук минньигэс»

12.04.2023, 21:41
Хаартыска: ааптар тиксэриитэ
Бөлөххө киир:

Муус устар ый 9 күнүгэр «Ника» банкеттыыр саалатыгар «Айар Кут» хоһоонньуттар уонна кэпсээнньиттэр эрэгийиэннээҕи сойууһа   «Төрөөбүт тыл умсулҕана» диэн тэрээһини ыытта.

Манна  уран тыл умсулҕаныгар  куустаран ойуу-бичик оһуору түһэрэр, мандар уус тылынан уһанан айар, суруйар дьоҕурдаах доҕоттор тоҕуоруһан аастылар. Тэрээһин хайдах ааспытын туһунан салайан  ыыппыт дьонтон ыйыталастым, онуоха СӨ  “За вклад в развитии народного художественного творчества” бэлиэ хаһаайына, хоһоонньут, кэпсээнньит, ырыа айааччы Сергей Афанасьевич Семенов-Сэгэй  өрө көтөҕүллүбүт куолаһынан: «Наһаа үчүгэй! Эбиитин, дьэ, үлэлээтим эрэ диэн буолбакка, сынньанным. Астынным, олох чэпчэкитик барда.  Барыта  алаадьы курдук сымнаҕас, күөрчэх курдук минньигэс,» —  диэн хардарда. Оттон иккис ыытааччы,  Арассыыйа уопсай үөрэхтээһинин бочуоттаах үлэһитэ, СӨ үөрэҕириитин туйгуна, Ньурба улууһун Октябрьскай нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо, СӨ “Гражданскай көҕүлээһинин туйгуна” Эльвира Семенова-Сэргэ кыыһа Тускулаана: «Барыта сценарий быһыытынан барда. Сценарийы  педагогическай үлэ бэтэрээнэ, СӨ үөрэҕириитин туйгуна, СӨ “За вклад в развитии народного художественного творчества” бэлиэ хаһаайына, Сунтаар улууһун Кэппэндээйи нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо, хоһоонньут Олимпиада Спиридонова суруйбута, мин бэчээттээн көмөлөспүтүм”, — диэтэ.

Маҥнайгы  тылы «Айар Куту» төрүттээбит киһиэхэ,   “Арассыыйа Сойууһун суруйааччыта” (РСП)  чилиэнэ Валерий Иванович Никифоровка-Суор Уолугар биэрдилэр. Онуоха кини «элбэх тыл сымсах, аҕыйах  тыл минньигэс» диэн өс хоһооно баарыныы:   “Тэрээһин үчүгэйдик тэриллибит, инникитин да айа-тута сылдьаргытыгар баҕарабын. Барыгытыгар махтал”, — диэн кылгастык эттэ.

«Айар  Кут» хайдах тэриллибитин билсиэҕиҥ

«Айар Кут» (хоһоонньуттар уонна кэпсээнньиттэр эрэгийиэннээҕи сойуустара) өрөспүүбүлүкэбит араас улуустарыттан айар куттаах дьону түмэн,  2018 сыллаахха муус устар ый 25 күнүгэр эрэгийиэннээҕи уопсастыбаннай тэрилтэ буоларын туһунан сокуонунан бигэргэтиллибит туоһу суругу ылбыта. Бэрэссэдээтэлинэн бу сойуус тэриллэригэр турууласпыт, сыратын биэрбит  Арассыыйа сойууһун суруйааччыта (РСП) Валерий Иванович Никифоров-Суор Уола талыллыбыта.  Егор Гаврильевич Федоров-Долун өссө 2015 сыллаахха кулун тутар ый 24 күнүттэн «Айар Кут» диэн куйаар ситимин пуорумугар суруйар дьоҕурдаах дьону бэйэтин тула түмпүтэ. Кэлин айар, суруйар дьон элбээн, хас да бөлөх билигин бэйэтэ  туһунан салайааччылаах үлэлии, айа-тута  сылдьар.

«Айар Кут» сойуус билигин 30-тан тахса айар талааннаах, суруйар дьоҕурдаах дьону түмэн,  бэйэтин кыаҕынан үлэлиир.

Кинилэр истэригэр Саха сирин Суруйааччыларын сойууһун чилиэнэ Иван Михайлович Попов-Уһук Уйбаан, суруйааччы Егор Федоров-Долун, ырыа  айааччылар истэригэр композитор Александр Дмитриев-Таммах, Сергей Семенов-Сэгэй, Валентина Яковлева-Чэлгийээнэ, Зоя Данилова-Кэкэрдэ бааллар. Хомоҕой тыллаах хоһоонньуттар, хастыы да кинигэлээх ааптардар Егор Никифоров-Басхаай, Олимпиада Спиридонова,  Федот Аммосов-Хоһуун Уол, Степан Кожуров-Ыстапаан Таастаах, Варвара Кононова-Балбаара Хорула, Прасковья Тумусова-Туску, Татьяна Колесова-Айсура, Екатерина Дьячковская-Талаана, Акулина Старостина-Сайсары, Любовь Борисова-Кустук Хотун, Любовь Семенова- Сэгэйэ, Эльвира Семенова-Сэргэ кыыһа Тускулаана, тумус туттар киһибит Анна Григорьева, талба талааннаах, айар куттаах Вера Санникова-Мичийээнэ,  Валентина Саввина-Оһуордаах,  о.д.а. бааллар. Сойуус тэриллиэҕиттэн ыла Е.Г.Федоров «Долун» типографиятыгар «Айар Кут» бэйэтин сурунаалын таһаарар, биирдиилээн дьон кинигэлэрин, хоһоон хомуурунньуктарын, араас буклеттары оҥорон таһаарар.

Долун: «2014 сылтан  социальнай ситимнэринэн  хоһооннор тарҕаммыттара.  Ол кэмҥэ «Айар Кут» тэриллибитэ, онон «Айар кут», Данко курдук,  кинилэри сырдыкка батыһыннаран таһаарбыта. «Айар Кут» аан бастаан тэриллиитигэр миигинниин Суор Уола, Индиана, Туску, Чэлгийээнэ, Нуурал бааллар этэ, онон ити дьон сырдык сүрэхтэр буолаллар. Докумуоммутун эккирэтиһэн-эккирэтиһэн,  2018 сыллаахха оҥорторбуппут. Онон 2015 сылтан саҕалаабыппыт эрээри, дьиҥнээхтик докумуонунан бигэргэтиллибит сылыттан биэс сыл буолла”,  —  диэн кэпсээтэ.

Валентина  Саввина-Оһуордаах «Айар Кут» сойуус үлэлэриттэн билиһиннэрдэ:

«Бу тэрээһиммит билиҥҥи кэмҥэ ордук сытыырхайбыт кыһалҕабытыгар —   төрөөбүт тылбыгар болҕомто уурарга, сүтэн симэлийэн хаалбатыгар аналлаах буолла. Саха тылын туһунан бэйэбит уонна атын бэйиэттэр хоһооннорун бөлөҕүнэн тахсан аахтыбыт. «Айар Кут» сойуус 2018 сыллаахха тэриллибитэ. Бу кэм иһигэр араас тэрээһиннэри, күрэстэри ыытта. Суруйааччылар бэлиэ күннэригэр  ыытыллар тэрээһиннэргэ кыттыыны ылабыт. Ол курдук,  Тааттаҕа П.А.Ойуунускай төрөөбүтэ 125 сылыгар аналлаах литературнай пикниккэ, Сунтаарга Л.А.Попов төрөөбүтэ 100 сылыгар,»Тобуруокап Көмүс күһүнүгэр» эмиэ хаста да бөлөҕүнэн тиийэн  кыттыбыппыт. Биир сырыыбытыгар Убайааҥҥа таарыйан, В.Потапова мусуой-тиэргэнигэр, Ньурбачааҥҥа Сиэн Чолбодук олорбут дьиэтигэр бэлиэ мемориальнай дуоска аһылларыгар уонна  Куочайга К.Васильеваҕа аналлаах «Көмүс күһүн» тэрээһиҥҥэ сылдьыбыппыт. Сойууска ырыа айааччылар даҕаны, талба талааннаах маастардар да бааллар. Бары биир санаанан сойуус бөҕөргүүрүгэр кыһаллан, сырабытын түмэн, үүнэн-сайдан иһэрбитигэр уонна Өрөгөй ырыата айыллан чахчы да бөҕө туруктанарбыгар баҕарабын».

Сойуус тэриллэригэр көмөлөспүт дьонтон биирдэстэрэ Индиана Васильевна Феофанова:

«Биэс сыллаах үбүлүөйгүтүнэн! Мин хоһоону 2016 сылтан суруйабын.  2018 сыллаахха «Айар Кукка” киирэрбэр бассаап бөлөҕө этэ. «Айар Кут»  бастаан НКО буолбута, онно бастакы тэрийбиттэринэн  Валерий Никифоров, Долун, Муттуххай Бороҥ, Кэнтик Кыыһа этибит. Онтон Суор Уола Муттуххай Бороҥнуун туруорсан «Айар Кут» сойуус тэриллибитэ. Ол саҕана үөрэ-көтө үлэлэһэн, хоһоонньуттары ыҥыран үлэлээбиппит. Билигин кэҥээн, улаатан дастабырыанньалары биэртэлээтигит, мантан инньэ өссө күүстээх үлэ барара буолуо. Бэйэм «Тыл сүмэтэ» диэн ситим нөҥүө 44  хоһоонньуттаахпын. Чэлгийээнэ, Туску, Бааттаах Кырата, бу ыраахтан кэлэн олорор Балбаара Хорула (2017 сылтан билсэбит эрээри, бүгүн саҥа көрүстүбүт). Биһиэхэ бааллар: бары сөбүлээн ааҕар хоһоонньуттарбыт: Вячеслав Хон, Оһуохай Уола, Николай Пахомов, Саха Өрөспүүбүлүкэтин  Суруйааччыларын сойууһун чилиэнэ Ылдьаа Хоточчу, тоҕоостооҕу таба тутан суруйар Альбина Сыралыма, Галина Трушкова-Калисфена. Хоһоонньуттарбынан киэн туттабын. Инникитин да саха тыла сайдарыгар кылааттарын киллэриэхтэрэ дии саныыбын.  Петр Николаевич Тобуруокап хоһоонунан түмүктүөм:

«Үрүҥ күнүм мичээрин

Өрүү дьоҥҥо бэлэхтиэм,

Күннүү сырдык сыдьаайы

Сүрэх аайы иҥэртиэм…», — диэн бэйэтин эҕэрдэтин тириэртэ.

Дьэ, кырдьык, Долун уонна Индиана этэллэрин курдук,  «Айар Кут» дастабырыанньатын  илиибитигэр тутан, үрүҥ көмүс бэлиэтин  түөспүтүгэр иилинэн сүрэхпитигэр сырдык сыдьаайы иҥэриннибит.

Тэрээһиҥҥэ Суор Уола, Долун, Туску, Чэлгийээнэ өр  сыллаах айымньылаах үлэлэрин иһин, куорат дьаһалтатыттан мэтээллээх Махтал сурук тутан, өрөгөй үөрүүнү биллилэр.

Тэрээһиммит биир түһүмэҕэр «Көттүннэр ырыам ымыылара» кэнсиэргэ ыллам ырыалар ылланнылар. Бу кэнсиэр уратылаах, уратыта диэн ылламмыт ырыалар «Айар Кут» хоһоон уонна кэпсээн суруйааччыларын эрэгийиэннээҕи сойууһун чилиэннэрин хоһоонноругар суруллубуттар.

Ол курдук,  СӨ үтүөлээх артыыһа Саарын ийэтэ Талаана суруйбут хоһоонунан «Үрүмэччи маҥан ат» диэн саҥа ырыаны бэлэхтээтэ.

Татьяна Колесова-Айсура тылларыгар,  Марианна Федотова-Намыына матыыбыгар,   Семён Ченянов аранжировкатыгар «Сааскы санаа» ырыаны  Саха сирин Ырыа айааччыларын сойууһун чилиэнэ, СӨ  култууратын туйгуна, мелодист, ырыаһыт Марианна Федотова-Намыына толордо.

Оһуордаах тылларыгар, Люция Бандерова- Айыллаана матыыбыгар  «Сэгэрбэр» ырыаны  дэгиттэр талааннаах хоһоонньут Валентина Саввина-Оһуордаах толoрдо.

Мин хоһооммор, СӨ култууратын туйгуна, Ырыа айааччылар сойуустарын чилиэнэ Константин Мохначевскай матыыбыгар уонна толоруутугар  «Хаар үҥкүүтэ» ырыабытынан, Костя Санааралыын  муус маҥан роза чэчик дьөрбөлөөх тиийэн кэлэҥҥит, эҕэрдэлээҥҥит үөрүүбүн  үрдэттигит, доҕотторбор истиҥник махтанабын.

Вера Санникова-Мичийээнэ тылларыгар,  «Долгун тааһы чочуйар» ырыаны элбэх ырыа мелодиһа, СӨ ырыа айааччыларын, хоһоонньуттарын Сойууһун чилиэнэ Елена Ильина Намчы бэйэтин матыыбыгар ыллаата.

Сэргэ Кыыһа Тускулаана тылларыгар,  Станислав Луковцев матыыбыгар  «Саҥа күн» ырыаны хоһоонньут, уопсастыбанньык, кэлэксийэниэр, эрчимнээх, үтүө суобастаах үлэһит Эльвира Семенова- Сэргэ Кыыһа Тускулаана ыллаата.

Хоһоонньут, мелодист  Зоя Данилова-Кэкэрдэ түөһүн иһиттэн  эҥсэн тахсан үөһээ-үөһэ лыҥкыныы кутуллар куолаһынан “Үрүҥ түүн” диэн бэйэтин тылларыгар уонна матыыбыгар ырыатын толордо. Онтон да атын ырыаһыттар толорбут ырыалара сүргэбитин көтөхтө.

Тэрээһиҥҥэ киирии билиэттэринэн  сүүйүүлээх оонньотууну Сэгэйэ ыытта. Оонньотуу бириистэрэ ааптардартан кинигэлэрэ этэ, онно эбии Саарын Алтай хомуһун аҕалбыта дьон көҕүн үрдэттэ уонна «Кэрэ эйгэ» түмсүүттэн ыалдьыкка  Мария Поскачинаҕа тигистэ.

«Кинигэ эн долбуургар»   диэн ааптардар быыстапкалара үлэлээтэ.

Саха ыала ыалдьытымсаҕын курдук, «Төрөөбүт тыл умсулҕана» тэрээһиммитигэр суруйааччылар Татьяна Винокурова-Сабыйа, Уххан, Борис Попов  уонна литературнай  түмсүүлэр эмиэ ыалдьыттаатылар.

Суруйуубун Долун этиитинэн түмүктүөхпүн баҕарабын:

«Литературнай түмсүүлэр, суруйааччылар биһигинниин бииргэ буолан кэлэн олороллор. Саха тыла салгыы сайыннын, оҕолорбутугар, сиэннэрбитигэр үчүгэй бигэ тирэҕи хааллардыбыт диэн биһиги үөрэбит. «Айар Кут» өссө да үлэлии-хамсыы турдун».  Долун этиитэ  туола турдун, айар дьоҕурбут дьолу-соргуну тосхойдун!

«Айар кут»

Араас сиртэн мустаммыт

«Айар куттуун» бииргэбит

Айар куппут алтыһар,

Алгыс кынат иилинэр.

Ийэ тылы иэйиилээн,

Итии тыыны иҥэрэн

Сэһэн, кэпсээн дэлэгэй,

Сэргэх хоһоон хомоҕой.

Ыллам чаҕаан ырыаҕа

Ыччат дьону ыллыахпыт,

Добун дорҕоон тойукка

Дьоһун олох туойуохпут.

Очуос хайа көстүүтэ

Оһуорунан хоһуллуо,

Саха сирин алааһа

Суруктарга чэлгийиэ.

Бүлүү өрүс суһуоҕар

Бүтүн кэпсээн кэккэлиэ,

Ньурба улуус алмааһа

Ньургуһуннуун дьэргэйиэ.

Араас сиртэн мустаммыт

«Айар куттуун» бииргэбит

Айар куппут алтыһар,

Алгыс кынат иилинэр.

Варвара Даниловна КОНОНОВА-Балбаара   Хорула, СӨ Үөрэҕириитин туйгуна, үлэ бэтэрээнэ «Иэйэр кут», «Ньурба уоттара», «Тыл сүмэтэ» түмсүүлэр, «Айар Кут» хоһоон уонна кэпсээн суруйааччыларын эрэгийиэннээҕи сойууһун чилиэнэ

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
1
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
2 декабря
  • -27°C
  • Ощущается: -34°Влажность: 69% Скорость ветра: 2 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: