Бу күннэргэ Мэҥэ Хаҥалас улууһун Хорообут нэһилиэгэр «Алаас-Ас» үүт аһы оҥорон таһаарар кэпэрэтиип саҥа сыаҕа үлэҕэ киирдэ. Саҥа сыахха киирии үөрүүлээх тэрээһинигэр ыраахтан-чугастан ыалдьыттар, үлэһиттэр, арыы сыаҕыгар араас сылларга үлэлээбит бэтэрээннэр кытыннылар.
Тэрээһин «Алаас-Ас» кэпэрэтиип үлэтин көҕүлээбит, төрүттээбит СӨ тыатын хаһаайыстыбатын туйгуна, үтүөлээх үлэһитэ, Хорообут нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо Прокопий Плотников сырдык аатын үйэтитэр мемориал арыйыытынан саҕаланна диэн иһитиннэрэр Мэҥэ Хаҥалас улууһун дьаһалтатын пресс-сулууспата.
Улуус баһылыга Дмитрий Тихонов тыа хаһаайыстыбатын сайдыытыгар, олохтоох бэйэ оҥорон таһаарар үрүҥ аһын дэлэтиигэ үгүс кылаатын киллэрбит Прокопий Романович үлүскэн үлэтин ахтан-санаан туран, эдэр кэскиллээх салайааччыга Светоний Шестаковка саҥа сыахха үлэни-хамнаһы кыайа-хото тутарыгар баҕарда.
СӨ Тыатын хаһаайыстыбатын миниистирин солбуйааччы Артем Александров бэйэ оҥорон таһаарар аһын-үөлүн өрөспүүбүлүкэҕэ тэнитэргэ бастакы хардыы оҥоһуллубутунан бэлиэтээтэ, таһаарыылаах үлэни баҕарда.
«Алаас-Ас» кэпэрэтиип 2016 сыллаахха тэриллибитэ уонна күн бүгүнүгэр диэри үрүҥ аһы оҥорон, дэлэтэн кэллэ. Билигин саҥа сыахха бородууксуйаларын арааһын элбэтэр былааннаахтар.
2022 сыллаахха кэпэрэтиип тыа хаһаайыстыбатын «Ас-үөл» өрөспүүбүлүкэтээҕи быыстапка-дьаарбаҥкатыгар бастыҥ хаачыстыбалаах арыыны оҥорон таһаарар сыаҕынан ааттаммыта.
2018 сыллаахха Тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтин тутууга анаммыт гранын, 2019 сыллаахха анал тэриллэри атыылаһарга граны ылары ситиһэн, быйыл сабыс саҥа сыахха киирдилэр.
Үөһээ Бүлүү улууһун Баҕадьа сэлиэнньэтигэр оскуола-саад үлэҕэ киирдэ. Бүгүн өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн тоҕус социальнай эбийиэк аһылынна.…
Үрдүк үөрэхтэргэ уонна кэллиэстэргэ Биир кэлим эксээмэни туттарбакка үөрэххэ киирии туһунан сокуон барылын дьокутааттар бөлөхтөрө…
Амма улууһун Михайловка сэлиэнньэтигэр Норуот айымньытын дьиэтэ үөрүүлээх быһыыга-майгыга аһылынна. Бүгүн өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн тоҕус социальнай…
Ленскэй оройуонунааҕы ИДьМ дьуһуурунай чааһыгар маркетплейс бэрэстэбиитэлиттэн сайабылыанньа киирбит. Инвентаризация кэмигэр табаары биэрэр пуунтан 300…
Оҕуруоту, сибэккини олордууга сүбэлэр Сүрүннээн тохсунньуттан үүнээйини олордуу саҕаланар. Арктикатааҕы судаарыстыбаннай агротехнологическай университет ойуур комплексыгар…
Дьокуускайдааҕы ИДьМ салаатыгар дьахтар балыыһаҕа сылдьан тас таҥаһын уордарбытын туһунан иһитиннэрбит. Бу туһунан СӨ ИДьМ…