«Алаас» гостиница — туризм сонун тыына

«Алаас» гостиница — туризм сонун тыына

04.09.2023, 16:30
Хаартыска -- Светлана Попова тиксэриитэ.
Бөлөххө киир:

СӨ урбааҥҥа, эргиэҥҥэ уонна туризмҥа министиэристибэтэ атырдьах ыйын 22 күнүгэр «Туризм уонна ыалдьытымсах буолуу индустрията» национальнай бырайыак чэрчитинэн туризм сайдыытыгар туһуламмыт сайаапкалары көрөн, үөрэтэн баран, граннары тыырда.

Суолталаах тэрээһиҥҥэ хоруупсуйаны утары уонна араас быраабы кэһиилэр оҥорууну бохсор биэдэмистимэ, олохтоох бэйэни салайыныы боппуруостарын дэпэртээмэнин, ойуур харыстабылын, инновации уонна сыыппара технологияларын сайдыытын министиэристибэтин, урбаанньыттар Саха сиринээҕи ассоциацияларын, туризм бары хайысхаларын уонна ресторатордар эйгэлэрин исписэлиистэрэ кыттыыны ыллылар. 16 хамыыһыйа чилиэнэ уопсайа 65 сайаапканы көрдө. Онтон туризм эйгэтигэр үлэлиир 22 урбаанньыт граҥҥа тигистэ.

Кыайыылаахтар истэригэр Светлана Попова салайар «Сахатур» ХЭУо баар. Дьокуускай куоракка бу пиирмэ 4 улахан гостиницатыгар туристар ыам ыйыттан алтынньыга диэри хото түһэллэр. «Оннооҕор сыстыганнаах дьаҥ курдук хааччахтаах кэмҥэ дьон сайаапката үгүс этэ», — диэн кэпсиир  «Сахатур» ХЭУо салайааччыта. Биир улахан биллэр «Алаас» гостиница Саха сирин сирэйдиир улахан тэрилтэ. Манна барыта — уу сахалыы истиил, тыын.

Сарсыардааҥҥы аһылыкка күөрчэх, саламаат, сандалы-бэрэски уо.д.а саха бүлүүдэтин амсайыахха сөп.

Сиһилии  туризм сайдыытын граныгар тиксибит «Сахатур»  уонна «Феликс» хааччахтаммыт эппиэтинэстээх уопсастыбалар үлэлэрин туһунан «Саха сирэ» хаһыат чэппиэрдээҕи нүөмэригэр сырдатыахпыт.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
12 декабря
  • -44°C
  • Ощущается: -44°Влажность: 66% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: