Алабайтан эмсэҕэлээбит дьахтар суруга: «Мантан саас улахан алдьархай тахсыбатар ханнык…»
Тохсунньу саҥата «Үрдэл» сынньалаҥ пааркатыгар алабай боруодалаах ыт дьахтарга саба түһэн улаханнык эчэппитэ. Бу туһунан эмсэҕэлээбит дьахтар суругун ааҕыҥ:
— Мин «Үрдэл» пааркаҕа сынньана тиийэн баран. алабай ыкка ытыттаран өйбүн сүтэрбитим. Хааным баран, өрөспүүбүлүкэтээҕи 2№-дээх балыыһа нейрохирургия салаатыгар 20 күн устата эмтэнним. Реанимацияҕа түөрт чаас устата төбөбөр 50-тахса сииги тикпиттэрэ. 2,5 лиитэрэ хааны кутан, бэттэх кэллим. Билигин салгыы таһыттан эмтэнэбин. Чөлгө түһүүнү өссө да ааһыахтаахпын. Салгыы хирургтарга бэрэбээскигэ сылдьабын. Ньиэрбэ, лор, сурдолог быраастарга уонна уйулҕа үлэһитигэр эмтэниэхтээхпин. Дьэ, киһиэхэ алдьархай кэлэрэ чаҕылҕан курбуулуурун курдук түргэн буолар эбит. Аарыма ыт хардьыгыныы-хардьыгыныы төбөбүн кирэрин истэ сытаммын, муннубунан-айахпынан хааҥҥа бөтө сытан, наһаа да быстахтык өлөн эрэбин диэн санаабытым. Оҕолорбун, сиэннэрбин санаан быраһаайдаһан иһэн, ийэм мөссүөнүн көрөн санаабар күүс киирэн, ол кэмҥэ доҕотторум көмөлөһөн тыыннаах хаалбытым… Хомойуох иһин, ол миэхэ саба түспүт ыт приюкка эмтэнэ, босхо аһыы турар. Мин санаабар, итинник улахан ыты аһатар кэккэ ыарахаттардаах буолан, сотору кэминэн көҥүл-босхо ыытыахтара. Хаһаайына суох ыт диэбиттэр этэ. Мантан саас улахан алдьархай тахсыбатар ханнык. Онон бары сэрэнэ сылдьаргытыгар сүбэлиэм этэ.
Алабай боруодалалаах ыкка эмсэҕэлээбит дьахтар суругар киниэхэ күүс-көмө, өйөбүл буолбут дьонугар махтал тылларын эппит. Сии сыспыт ыт билигин «Помоги выжить» пууҥҥа биир обургу вольеры соҕотох баһылаан күннэтэ итии хааһынан аһаан тот турар. Хомойуох иһин, ыттары сокуон көмүскүүр, оттон ыттан эмсэҕэлээбит киһи кырдьыгын булара уустук. Дьиҥэр, киһини өлөрө сыспыт ыты дьаһайыллыахтаах. Хаһааҥҥа диэри оҕолорбут, чугас дьоммут туһугар куттана, сэрэнэ-сэрбэнэ сылдьабыт!
Бэйдиэ сылдьар ыт элбэҕэр эппиэтинэһэ суох хаһаайыттар эмиэ буруйдаахтар.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: