Алабайтан эмсэҕэлээбит дьахтар суруга: «Мантан саас улахан алдьархай тахсыбатар ханнык…»

Share

Тохсунньу саҥата «Үрдэл»  сынньалаҥ пааркатыгар алабай боруодалаах ыт дьахтарга саба түһэн улаханнык эчэппитэ. Бу туһунан эмсэҕэлээбит дьахтар суругун ааҕыҥ:

— Мин «Үрдэл» пааркаҕа сынньана тиийэн баран. алабай ыкка ытыттаран өйбүн сүтэрбитим.  Хааным баран,  өрөспүүбүлүкэтээҕи 2№-дээх балыыһа нейрохирургия салаатыгар 20 күн устата эмтэнним. Реанимацияҕа түөрт чаас устата төбөбөр 50-тахса сииги тикпиттэрэ. 2,5 лиитэрэ хааны кутан, бэттэх кэллим. Билигин салгыы таһыттан эмтэнэбин. Чөлгө түһүүнү өссө да ааһыахтаахпын. Салгыы хирургтарга бэрэбээскигэ сылдьабын. Ньиэрбэ, лор, сурдолог быраастарга уонна уйулҕа үлэһитигэр эмтэниэхтээхпин. Дьэ, киһиэхэ алдьархай кэлэрэ чаҕылҕан курбуулуурун курдук түргэн буолар эбит. Аарыма ыт хардьыгыныы-хардьыгыныы төбөбүн кирэрин истэ сытаммын, муннубунан-айахпынан хааҥҥа бөтө сытан, наһаа да быстахтык өлөн эрэбин диэн санаабытым. Оҕолорбун, сиэннэрбин санаан быраһаайдаһан иһэн, ийэм мөссүөнүн көрөн санаабар күүс киирэн, ол кэмҥэ доҕотторум көмөлөһөн тыыннаах хаалбытым… Хомойуох иһин, ол миэхэ саба түспүт ыт приюкка эмтэнэ, босхо аһыы турар. Мин санаабар, итинник улахан ыты аһатар кэккэ ыарахаттардаах буолан, сотору кэминэн көҥүл-босхо ыытыахтара. Хаһаайына суох ыт диэбиттэр этэ. Мантан саас улахан алдьархай тахсыбатар ханнык. Онон бары сэрэнэ сылдьаргытыгар сүбэлиэм этэ.

Алабай боруодалалаах ыкка эмсэҕэлээбит дьахтар суругар киниэхэ күүс-көмө, өйөбүл буолбут дьонугар махтал тылларын эппит. Сии сыспыт ыт билигин «Помоги выжить» пууҥҥа биир обургу вольеры соҕотох баһылаан күннэтэ итии хааһынан аһаан тот турар. Хомойуох иһин, ыттары сокуон көмүскүүр, оттон ыттан эмсэҕэлээбит киһи кырдьыгын булара уустук. Дьиҥэр, киһини өлөрө сыспыт ыты дьаһайыллыахтаах. Хаһааҥҥа диэри оҕолорбут, чугас дьоммут туһугар куттана, сэрэнэ-сэрбэнэ сылдьабыт!

Бэйдиэ сылдьар ыт элбэҕэр эппиэтинэһэ суох хаһаайыттар эмиэ буруйдаахтар.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Бүгүн сорох сиринэн -18-23°С кыраадыс буолуоҕа

Бүгүн, ахсынньы 27 күнүгэр, өрөспүүбүлүкэ соҕуруу, соҕуруулуу-арҕаа өттүгэр сорох сиринэн хаар түһүөҕэ. Соҕуруу, соҕуруулуу-арҕаа уонна…

15 минут ago
  • Сонуннар

Үөһээ Бүлүү улууһун Баҕадьатыгар оскуола-саад үлэҕэ киирдэ

Үөһээ Бүлүү улууһун Баҕадьа сэлиэнньэтигэр оскуола-саад үлэҕэ киирдэ. Бүгүн өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн тоҕус социальнай эбийиэк аһылынна.…

12 часов ago
  • Сонуннар
  • Үөрэх

Үрдүк үөрэхтэргэ уонна кэллиэстэргэ БКЭ туттарбакка үөрэххэ киирии туһунан сокуон барылын Госдуумаҕа киллэрдилэр

Үрдүк үөрэхтэргэ уонна кэллиэстэргэ Биир кэлим эксээмэни туттарбакка үөрэххэ киирии туһунан сокуон барылын дьокутааттар бөлөхтөрө…

12 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Амма улууһун Михайловкатыгар Норуот айымньытын дьиэтэ аһылынна

Амма улууһун Михайловка сэлиэнньэтигэр Норуот айымньытын дьиэтэ үөрүүлээх быһыыга-майгыга аһылынна. Бүгүн өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн тоҕус социальнай…

12 часов ago
  • Бэрээдэк
  • Сонуннар

29 саастаах кыыс маркетплейс табаардарын уорбут

Ленскэй оройуонунааҕы ИДьМ дьуһуурунай чааһыгар маркетплейс бэрэстэбиитэлиттэн сайабылыанньа киирбит. Инвентаризация кэмигэр табаары биэрэр пуунтан 300…

12 часов ago
  • Интэриэһинэй

СҮБЭҺИТ: Тохсунньу, олунньу ыйдарга тугу олордобут?

Оҕуруоту, сибэккини олордууга сүбэлэр Сүрүннээн тохсунньуттан үүнээйини олордуу саҕаланар. Арктикатааҕы судаарыстыбаннай агротехнологическай университет ойуур комплексыгар…

13 часов ago