Аламай күммүтүн харчыга көрсөр буоллубут…
Төлөөн алгыстанарбыт сөп дуо? Биисинэс сайдыбыт кэмигэр аһы-үөлү, таҥаһы-сабы эрэ буолбакка, оннооҕор күнү көрсүү, харчыны тардыы, алгыһы ылыы өҥөлөрүн төлөбүрдээх оҥордулар. Сахабыт итэҕэлэ биисинэскэ кубулуйда дуо?
Күнтэн күүс ылыы
Саха итэҕэлинэн, бэс ыйын 20-21 күннэригэр, күнтэн алгыс ылар үтүө кэм. Бу күн күнү көрсөн ыраастаныы, алгыстаныы олус туһалаах. Ол эрээри итэҕэлбит биисинэскэ кубулуйбутун бэлиэтэ, арай, социальнай ситимҥэ күнү көрсүүгэ дьону хомуйабыт, өҥөтө 1500-3000 солк. диэн араас биллэриилэр тарҕаммыттара. Биһиги сибээскэ тахсан өҥөҕө туох киирэрин сурастыбыт. Дьону куорат кииниттэн тиэйэн илдьэн мырааҥҥа таһаарыы, күнү көрсүү, алгысчыкка алҕаныы, оһуокай киирэр эбит. Оттон атын биллэриигэ мустуу, алгыстаныы, кымыс иһии бааллар. Мин биллэриилэргэ баар хас да нүөмэргэ сибээскэ тахсан эрийээппин кытта миигин тута социальнай бөлөххө испииһэккэ киллэрдилэр. Онно көрдөххө, быһата сүүрбэччэ киһи баар. Бу дьон бары харчы төлөөн туран, алгыстаныыга, күнү көрсөргө бэлэмнэр. Ама харчыга алгыстаныахха сөп дуо, бу биһиги төрүт итэҕэлбитин кэһии буолбатах дуо?
Харчыны тардыы чахчы дуо?
Харчы олоҕу хамсатар күүс дииллэр. Харчыны тардыы алгыһын оҥорор өҥөнү эмиэ саарбах соҕус биллэриилэргэ булуохха сөп. Быһа холоон биир өҥө 3000-5000 солк. тэҥнэһэр. Билигин алгысчыт, илбииһит, эмчит элбээбит кэмигэр дьон сыыстаран хармааннарын кураанахтыыр кутталлаахтар. Социальнай ситимҥэ көрдөххө, хардыы ахсын хаанныыр, иннэнэн эмтиир, массаастыыр дьон ахсаана элбиир. Бэйэлэрин өҥөлөрүн туһатын, наадалааҕын ыйаллар. Ол эрээри дьиҥнээх айылҕаттан айдарыылаах ама тарыып олохтоон дьону эмтиэ дуо? Оннук дьону дьон истиһэн билэн тиийэллэр. Былыр-былыргыттан бу чып кистэлэҥинэн оҥоһуллара. Аар-саарга арбаан, биллэрии ыытан тарҕаммат этэ. Ким туох кыахтааҕынан эмчиккэ, алгысчыкка төлөһөрө. Ол ас-үөл, илиинэн оҥоһук, күндү түүлээх о.д.а. буолуон сөбө.
Албын коучтар
Билигин киһи барыта коуч, психолог буоларга дьулуһар. Социальнай ситимҥэ дьиэ кэргэни тэринииттэн саҕалаан, оҕо иитиитигэр, кэргэннии дьон сыһыаннарын хайдах сааһылыырга тиийэ сүбэлиир-амалыыр буоллулар. Бу көстүү бүтүн дойду үрдүнэн тарҕанна. Ыксаабыт, ыгылыйбыт киһи санаатыгар арай кыһалҕаны быһаарыы судургу уонна түргэн курдук буолар. Манныкка түбэспит дьахтар хаһан эрэ кэпсээн турардаах. Кэргэниттэн арахсан, соҕотохсуйан муунтуйа сылдьар кэмигэр, арай социальнай ситимҥэ биллэрии кэлбит. «Ким даҕаны эйигин өйдөөбөт, сыаналаабат, аһары соҕотохсуйбут уонна дьонтон кэлэйбит буоллаххына, бу ссылканан киир, көмөтө суох хаалыаҥ суоҕа» диэн. Биллэриини көрөн быыһанар суолум бу буоллаҕа дии санаабыт уонна ссылканы батыһан киирбит. Киниэхэ электроннай буостатыгар хас да сүбэ-ама уруоктара кэлбиттэр. Дьахтар киэһэ ахсын умсугуйан туран истэр, көрөр буолбут. Ол эрээри сүбэ-ама барыта ууну-хаары таһыйыы курдук эбит. Кини дьиҥ кыһалҕатыгар болҕомтону уурбакка, уопсай сүбэлэри тиһэн ыыталлар. Арай сотору кэминэн “үөрэммитиҥ иһин төлөбүргүн ыыт” диэн суруктар кэлэр буолбуттар. Бастаан 599 солк. көрөн кыра эбит диэн төлөөбүт. Уруоктар салгыы кэлэн испиттэр. Сыаната үрдээн испит. Дьахтар бу уруоктартан аккаастаммыт. Улахан туох да туһаны ылбатах кууруһугар ботуччу соҕустук төлөөбүт. Билигин дистанционнай түөкүттэр дэлэйбит кэмнэригэр, араас албын коучтарга итэҕэйэр сэрэхтээх.
Үс күнүнэн табах сытын да ылыаҥ суоҕа
Табахсыт кэргэниттэн сылайбыт дьахтар биллэриинэн киирэн манныкка түбэспит. Чахчы туһалаарай диэн харчы төлөөн туран, кэргэнин суруйтарбыт. Омук киинэлэригэр көстөрүн курдук табахсыттары барыларын биир сиргэ түмэн төгүрүччү олордубуттар уонна ким хас сааһыттан, туох кыһалҕаттан сылтаан табахтыыр буолбутун туһунан аһаҕастык кэпсэппиттэр. Бу бөлөҕү сүрүннүүр эр киһи олорон эрэ тыл эрэ кыбытар эбит. Дьон санаатын сайа этэн, кыһалҕатын этинэн баран, күргүөмүнэн тахсан дьиэ иннигэр табахтаан бусхаппыттар. Табахтан аккаастанан онон бүттэхтэрэ. Оттон маны тэрийбит киһи харчыластаҕа.
Александра Дмитриева-Уйгу Быйаҥ Сандаара, эмчит:
– Былыр-былыргыттан өбүгэлэрбит алгыс этэн, сиэр-туом тутуһан олорбуттара. Онно кинилэр оҥорор өҥөлөрүгэр төлөбүр ылаллара. Ол эбэтэр киһи оройун баттаабат гына ким төһөнү, тугу манньалыырынан буолара. Этинэн-аһынан, ким тугу бултаабытынан буолара. Ыһыах бириэмэтигэр өбүгэлэрбит урут баайдар атах соболоҥун төлөөн сиэр-туом оҥороллоро. Онно сүөһү, сылгы астаан бэлэмнииллэрэ. Оттон дьадаҥы, кыаммат араҥата онно илии-атах буолан көмөлөһөр. Эмтиир, арчылыыр киһи санаабар, төлөнүллүбэтэх алгыс тиийбэт, көдьүүһэ суох буолар. Бу барыта эньиэргийэ барыыта, атастаһыыта буолар. Онон биир уопсай тарыып буолбакка, ким хайдах сыаналыырынан төлөһөр диэн өйдөбүллээхпин.
Петр Кычкин-Сайылык Бүөтүрэ, алгысчыт:
– Кэм-кэрдии уларыйар, ол эрэн ыһыах дьиҥ суолтата ыраастаныы, Айыылартан алгыс ылыы диэн өйдөбүлэ хаһан да уларыйбат. Күнү көрсүү таһырдьа оҥоһуллар, онон харчы, биисинэс диэн буолбат.
Миролюба Ефимова, Дьокуускай:
– Билигин киһи барыта харчы эрэ оҥоро сатыыр. Дьиҥ төрүт итэҕэлинэн сирдэтинэр алгысчыт да аҕыйах быһыылаах. Арыый тыллаах-өстөөх өттө тамадалыы, алгыстыы барар. Кыра тыыппалаахтар уйулҕаһыт буолаллар. Ким тугу сатыырынан харчылаһа сатыыра аныгы кэм көстүүтэ буоллаҕа. Маннык өҥөҕө наадыйааччылар баалларын тухары өҥөнү оҥорооччулар эмиэ баар буолуохтара дии саныыбын.
Петр Афанасьев, Дьокуускай:
– Туох барыта уларыйар, сайдар. Урут кымыһы, быыппаҕы ыһыахха эрэ иһэр эбит буоллахпытына, билигин маҕаһыын ахсын дэлэй дии. Ол курдук алгысчыттар, сүбэ-соргу буолар уйулҕаһыттар, арчыһыттар эмиэ оннук дэлэйдэхтэрэ. Биир өттүнэн саха итэҕэлин тарҕаталлар. Оттон күнү харчыга көрсүү туһунан истибэтэҕим, эмиэ интэриэһинэй дии. Киһи барыта массыыналаах буолбатах, мырааҥҥа санаатах аайы дабайар эмиэ кыаллыбат. Онон маннык өҥөлөр баалларын биһириибин.
Бу туһунан «Ыһыах тула тус санаам» диэн Оһуохай Уола «Сахалар итэҕэллээх эбит буоллахпытына, ыһыахпытын – итэҕэлбит чыпчаал кэрэһитин харыстыахха баар этэ. Олох сайдыытынан, олох хаамыытынан дии-дии көргө-нарга, атыы-эргиэн дьаарбаҥкатыгар кубулутумуоҕуҥ», – диэн социальнай ситимҥэ суруйбута тарҕаммыта.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: