Алампа аатынан бириэмийэ кыайыылаахтара ааттаннылар

Share

Анемодист Софронов-Алампа төрөөбүт күнүгэр  «Алампа» бириэмийэни туттарыы сиэрэ-туома алтыс төгүлүн ыытылынна.

Дьоро киэһэ Саха тыйаатырын эдэр артыыстара Алампа «Таптал» пьесатыттан быһа тардан, оонньоон көрдөрдүлэр. Быыһыгар Алампа хоһооннорун ааҕан, ырыаларын ыллаан, киэһэни киэргэттилэр.
—  «Алампа» бириэмийэни айар аймах түмсүүтүн аатыттан, айар интэлигиэнсийэ бэйэтэ аныыр. Онон норуот көҕүлээһининэн, дьиҥ кырдьыктаах бириэмийэ буолар. Алампа айымньылара норуот кутугар-сүрүгэр бааллар. Алампа тыллара тыгар тыыннаахтар, кинини куруук аттыбытыгар баар курдук саныыбын, — диэн Ил Дархан сүбэһитэ Андрей Борисов эттэ.
 «Кыттыһыы кыайыылаах, холбоһуу хотуулаах» диэн Алампа тылларын тумус туттабын. Ол курдук, айар куттаах дьон бииргэ түмүстэхпитинэ, кыайыылаах-хотуулаах буолуохпут», — диэн култуура миниистирин солбуйааччы Мария Турантаева бэлиэтээтэ.

Статуэткалары, үгэс курдук, скульптор Николай Чоччасов айан, дьүһүйэн, чочуйан оҥордо.
Быйылгы кыайыылаахтарга статуэткаларын урукку сыллардаах кыайыылаахтар туттардылар.
Ол курдук, 2024 сыллаах кыайыылаахтар билиннилэр.

«Өрөгөйдөөх өйөөччү» — »Якутцемент» дириэктэрэ Алиш Мамедов.
«Уран тыл» — бэйиэт Ангелина Шадринова-Суоһааны.
«Дэгиттэр режиссер» — Александр Титигиров.
«Дархан ойууһут» — скульптор Николай Чоччасов.
«Киинэ эйгэтин чыпчаал үлэһитэ» — режиссер Алексей Романов.
«Идэтигэр сүдү бэриниилээх» — Литература түмэлин үлэһитэ Ефросинья Ноговицына.
«Чаҕылхай артыыска» — тыйаатыр артыыһа Ирина Никифорова.
«Чаҕылхай артыыс» — Гаврил Менкяров.
«Суруйааччы» — прозаик Данил Макеев.
«Ырыа айааччы» — Степан Васильев.

Ангелина Васильева түһэриитэ
Ангелина Васильева түһэриитэ
Ангелина Васильева түһэриитэ
Ангелина Васильева түһэриитэ
Ангелина Васильева түһэриитэ
Ангелина Васильева түһэриитэ
What’s your Reaction?
+1
20
+1
0
+1
1
+1
1
+1
1
+1
0
+1
2

Recent Posts

  • Бэрээдэк

Дьокуускайга тэрилтэ үлэһиттэригэр 21 мөл.солк. тахса хамнаһы төлөөбөтөх

Дьокуускайга биир тэрилтэ үлэһиттэригэр хамнастарын төлөөбөккө, 21 мөл.солк. тахса иэскэ киирбит. Сөптөх кэмигэр 33 үлэһит…

13 минут ago
  • Култуура
  • Сонуннар

Сунтаардар олоҥхолоруттан сылаас иэйиигэ куустардым

Олонхо киһи аймах тылынан уонна өйүнэн айбыт чулуу айымньыларынан билиниллибитэ номнуо 20-чэ сыл ааста. Ол…

43 минуты ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Тохсунньуттан Роскомнадзорга бэлиэтэниини ааспатах блог, канаал бас билээччилэрин ыстарааптыахтара

Бу сыл сэтинньиттэн 10 тыһ. тахса сурутааччылаах блог уонна канаал бас билээччилэрэ Роскомнадзорга бэлиэтэниэхтээхтэр (регистарция).…

1 час ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

«Папа-предприниматель» үөрэтэр грант кыайыылааҕын быһаардылар

«Мой бизнес» кииҥҥэ «Папа-предприниматель» үөрэтэр грант түмүгүн таһаардылар. Кыайыылааҕынан Дьокуускай куораттан түөрт оҕо аҕата, ювелирнай…

1 час ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Хатас-Павловскай хайысханан өрүс суола аһылынна

Бүгүҥҥүттэн, сэтинньи 25 күнүттэн, Өлүөнэ өрүскэ кыһыҥҥы бастакы суол аһылынна. Хатас-Павловскай хайысханан айан-сырыы көҥүллэммитин туһунан…

2 часа ago
  • Сонуннар

Үбүлүөй собото

Хас да сыллаах үөрэтии, архыып докумуоннарын хасыһыы түмүгэр, Үгүлээт нэһилиэгин туһунан аан-бастаан сурукка киирбит, ол…

2 часа ago