Сэтинньи 14 күнүгэр Анемподист Иванович Софронов-Алампа аатынан норуот бириэмийэтин туттарыы алтыс төгүлүн ыытыллыаҕа.
Алампа кэриэһин үйэтитэр уонна ускуустуба эйгэтигэр уһулуччу ситиһиилээх дьону бэлиэтиир бириэмийэни туттарыы сиэрэ-туома быйыл Национальнай ойуулуур-дьүһүннүүр түмэлгэ буолуоҕа.
Сыл ахсын сэтинньи 14 күнүгэр, Алампа төрөөбүт күнүгэр, саха уус-уран литературатын, бэчээтин төрүттэһээччи, прозаик, драматург, бэйиэт, тылбаасчыт, саха тыйаатырын бастакы дириэктэрэ, саха омук духуобунай лиидэрэ Анемподист Иванович Софронов-Алампа аатынан бириэмийэни туттарыы тэриллэр буолбута.
1935 сыл алтынньы 22 күнүгэр А.И. Софронов Саха сиринээҕи сэбиэскэй суруйааччылар сойуустарыгар туһаайбыт кэриэс суругар литературнай нэһилиэстибэтиттэн киирбит үптэн сахалыы суруллубут бастыҥ драматическай айымньыга кини аатынан бириэмийэ олохтонуохтааҕа ыйыллар. Бу кэриэс суругу XXI үйэ эдэр интеллигенцията, чуолаан “Алампа” айар аймах түмсүүтэ олоххо киллэрэрэ үгэскэ кубулуйда.
Бу Саха сирин бары айар сойуустарын, түмсүүлэрин — суруйааччылары, худуоһунньуктары, киинэ, тыйаатыр үлэһиттэрин, муусука айааччылары сомоҕолуур, холбуур бириэмийэ буолар.
Дьокуускайга биир тэрилтэ үлэһиттэригэр хамнастарын төлөөбөккө, 21 мөл.солк. тахса иэскэ киирбит. Сөптөх кэмигэр 33 үлэһит…
Олонхо киһи аймах тылынан уонна өйүнэн айбыт чулуу айымньыларынан билиниллибитэ номнуо 20-чэ сыл ааста. Ол…
Бу сыл сэтинньиттэн 10 тыһ. тахса сурутааччылаах блог уонна канаал бас билээччилэрэ Роскомнадзорга бэлиэтэниэхтээхтэр (регистарция).…
«Мой бизнес» кииҥҥэ «Папа-предприниматель» үөрэтэр грант түмүгүн таһаардылар. Кыайыылааҕынан Дьокуускай куораттан түөрт оҕо аҕата, ювелирнай…
Бүгүҥҥүттэн, сэтинньи 25 күнүттэн, Өлүөнэ өрүскэ кыһыҥҥы бастакы суол аһылынна. Хатас-Павловскай хайысханан айан-сырыы көҥүллэммитин туһунан…
Хас да сыллаах үөрэтии, архыып докумуоннарын хасыһыы түмүгэр, Үгүлээт нэһилиэгин туһунан аан-бастаан сурукка киирбит, ол…