«Алампа» бириэмийэтэ: болҕомто — саҥа талааннарга
Сэтинньи 14 күнүгэр Анемподист Софронов – Алампа аатынан бириэмийэни быйыл бэһис төгүлүн туттарыахтара.
Тэрээһин саха литэрэтиирэтин төрүттээччи, суруйааччы, драматург, суруналыыс Анемподист Софоронов — Алампа сырдык аатын үйэтитэр уонна ускуустуба араас эйгэтин талааннаах дьонун бэлиэтиир соруктаах ыытыллар.
Бу «Алампа» бырайыак Тыйаатыр сылыгар 2019 сыллаахха олохтоммута. Бириэмийэ Саха сирин бары айар сойуустарын, түмсүүлэрин — суруйааччылары, худуоһунньуктары, киинэ, тыйаатыр үлэһиттэрин, муусука айааччылары сомоҕолуур, холбуур.
Бириэмийэ 10 анал аатынан туттарыллыаҕа:
- «Дархан ойууһут» («Худуоһунньук»);
- «Уран тыл» («Литературное слово»);
- «Алампаҕа сүдү бэриниилээх» («За верность Алампа»);
- «Кылаан дьүрүскэн айааччы» («Композитор»);
- «Дэгиттэр режиссер» («Режиссер»);
- «Чаҕылхай артыыс» («Бастыҥ артыыс»);
- «Чаҕылхай артыыска» («Чаҕылхай артыыска»);
- «Ырыа айааччы» («Автор песенник»)
- «Киинэ эйгэтигэр үлэтин иһин» («Кинематографист»)
- «Өрөгөйдөөх өйөөччү» («Меценат года»)
Алампа аатынан норуот бириэмийэтин туттарыы ыытыллар дьоро киэһэтэ Былатыан Ойуунускай аатынан Саха академичесай драматическай тыйаатырыгар 18.00 чаастан буолуоҕа. Режиссер — Роман Дорофеев.
Бу туһунан култуура уонна духуобунас сайдыытын миниистирэ Афанасий Ноев бэйэтин ТГ-ханаалыгар сырдатта.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: