“Албан ааттаах” төрөппүттэр

“Албан ааттаах” төрөппүттэр

05.10.2022, 12:45
Бөлөххө киир:

Соторутааҕыта дойду бэрэсидьиэнэ Владимир Путин Таатта улууһун Кыйытыгар олорор, уон оҕолоох Игнатьевтар дьиэ кэргэттэригэр үрдүк наҕарааданы – “Төрөппүт Албан аата” уордьаны туттарарын туһунан үтүө сурах кэлбитэ. Бу маннык уордьаны Арассыыйа үрдүнэн сылга икки эрэ дьиэ кэргэҥҥэ туттараллар. Судаарыстыба дьиэ кэргэн туруктаах буоларыгар туһулаан, элбэх оҕолоох ыалларга дьоһуннаах көмөнү оҥорор, чиэстиир-бочуоттуур.

Кристина  Верхоянскай куоракка элбэх оҕолоох дьиэ кэргэҥҥэ төрөөбүтэ, улааппыта. Кэргэнин Михаил балта, игирэтин аҥаара Пелагея Дьааҥыга кийиит этэ, онно кэлэ сырыттаҕына, билсэн-көрсөн, эдэр дьон сүрэҕэр таптал уота умайбыта.  Бастакы кыыстара Айгуль төрөөбүтэ. Онтон 2004 сыллаахха Тааттаҕа көһөн кэлбиттэрэ, саахсаламмыттара. Үгүс эдэр ыал сиэринэн, үөрүүнү-кыһалҕаны тэҥҥэ үллэстэн, дьиэ-уот, хаһаайыстыба тэринэн, тыа сиригэр олохсуйбуттара.

Утуу-субуу оҕолоро төрөөбүттэрэ. Билигин улаханнара Айгуль АГАТУ устудьуоҥката, зоотехник буолар баҕалаах. Иккис кыыс Алина 11-с кылааска,  Карина 10-с, Кристина 9-с, Влада 7-с, Женя 5-с кылааска үөрэнэллэр. Кыргыттар бары үөрэхтэригэр үчүгэйдэр, актыбыыска бөҕөлөрө, ыллыыллар-үҥкүүлүүллэр. Карина спортсменка, Чурапчытааҕы спортивнай оскуо­лаҕа үөрэнэр. Онтон дьэ саамай кэтэһиилээх бастакы уоллара Эрсан 1-кы кылааска киирдэ. Кыралар Милана 6 саастаах, Эрхан 4 саастаах, Эрэл 2 саастаах.

Ыал аҕа баһылыга Михаил Иванович төрүт үгэһи тутан олорор, бааһынай хаһаайыстыба­лаах, сүрүннээн сүөһүнү иитии­нэн дьарыктанар. Сүүсчэкэ сүөһүлээхтэр, ол иһигэр биэс уонча ыанар ынахтаахтар, ону тэҥэ, сылгы үөрдээхтэр. Аҕалара эмиэ элбэх оҕолоох дьиэ кэргэҥҥэ төрөөбүт буолан, иккиэн да эрдэттэн эмиэ элбэх оҕолонуохпут диэн ыраланаллара. Баҕар, биэс оҕонон тохтуохтара эбитэ буолуо да, уол оҕолонуохтарын баҕараллара. Онтон аны уолга ханыы наада диэн, өссө үс оҕоломмуттара, анаабыт курдук, кэнники икки оҕолоро уол буолан үөрдүбүттэрэ. Уолаттар билигин тэҥҥэ улааталлар. Михаил үтүө санаатынан, эр киһилии холку,  бигэ, эрэллээх майгытынан, үлэһитинэн кэргэнин кутун ту­­туон тутар.

2015 сыллаахха өрөспүү­бүлүкэтээҕи бырагырааманан биэстэн элбэх оҕолоох ыалларга көмө быһыытынан, Дьокуускай куоракка кыбартыыра атыыласпыттара. Онтон икки сыллааҕыта уонтан элбэх оҕолоох ыалларга көмөлөһөр бырагырааманан массыына ылбыттара. Ол эрээри, бэйэлэрэ хаһаайыстыбалаах буолан, кыаммат ыаллар ахсааннарыгар киирбэттэр, онон босуобуйа ылбаттар.

Уон оҕону иитии – дьоруойдуу быһыы

“Ыал – ийэтинэн” диэн этии мээнэҕэ буолбатах, норуот сүүһүнэн сылларга муспут муудараһын көстүүтэ буоллаҕа.  Ийэ суохтан баары оҥорор, саҥа олоҕу үөскэтэр, сыратын-сылбатын харыстаабакка, оҕону көрөн-харайан улаатыннарар эрэ буолбатах, дьиэ иһигэр сыһыаны олохтооччу, ыал тутулун тутаач­чы, таптал, истиҥ сыһыан диэни көрдөрөөччү-биллэрээччи – кини.

Кристина Анатольевна бу­ҕаал­тыр-экэнэмиис идэлээх буолан, сөбүлүүр дьарыга – суот-учуот. Оҕолоро ыллыылларыгар-үҥкүүлүүллэригэр таҥастарын тигэр, оҕуруонан киэргэтэр. Элбэх оҕо маскараатын тигии, оҥоруу эмиэ элбэх сыраттан тахсар. Ыллыырын сөбүлүүр, нэһилиэккэ ийэлэр ансаамбылларыгар үҥкүүлүүр этэ.

Киниэхэ былырыын Дьоруой Ийэ үрдүк аата иҥэриллибитэ.

– Кристина, оҕону кө­рүү-ха­райыы, эппиэтинэс оҕо элбээн истэҕин аайы, эмиэ тэҥинэн улаатан иһэр дуо?

– Элбэх оҕо көрүүтэ, эппиэ­тинэһэ, ыарахаттара син биир бааллар бөҕө буоллаҕа. Ол гынан баран, биһиги тыа сиригэр олоробут, сүөһүлээхпит-астаахпыт, ол иһин дьон сиэринэн этэҥҥэ олоробут. Оҕолор бэйэ-бэйэлэрин көрсөллөр, улаатан көмө дьоно буоллулар. Кыра эрдэхтэриттэн үлэҕэ сыһыарабыт, үөрэтэбит. Иһит сууйуутуттан саҕалаан, дьиэ ис-тас үлэтигэр көмөлөһөллөр. Окко, оҕуруокка тэҥҥэ сылдьаллар. Сайынын фермаҕа торбос үүрсэллэр, ынах ыаһаллар. Кыһалҕаны өйдүүр, ыарахаттары туорууру билэр оҕолор үчүгэй дьон буола улааталлар. Элбэх көмөлөһөөччүлээх диэн үчүгэй буоллаҕа…

– Уол оҕону иитии туох уратылардааҕый?

– Уолаттарбыт, билиҥҥитэ, кыралар. Ол эрээри, кыргыттартан букатын атыттар эбит. Сүүрэн-көтөн,  мэниктээн, көрүүнү-истиини эрэйэллэр. Ол да буол­лар, уолаттар боростуойдар. Уолу иитиигэ аҕа улахан оруолу сүгэр дии саныыбын. Окко-маска, булка-балыкка тэбис-тэҥҥэ илдьэ сылдьан, барытыгар көрдөрөн-үөрэтэн биэрдэҕинэ эрэ, уол оҕо эр киһилии майгыга хатарыллар, тыа сиригэр ирдэнэр үгүс үөрүйэхтэри сатыыр буолар.

– Оҕолоргут туох дьарыктаахтарый? Кинилэри хайдах өйүүгүт?

– Дьиэ кэргэн диэн бары биир киһи курдук сомоҕо буоларга, ыарахан да, үөрүүлээх да түгэннэргэ бэйэ-бэйэни өйөһөргө-өйдөһөргө аналлаах. Бары тутуспутунан сайын аайы толооҥҥо тахсар, кыһын Саҥа дьылы көрсөр үгэстээхпит.

Улахан кыыс АГАТУ устудьуоҥ­ката, 3-с кууруска үөрэнэр, актыбыыска, ыллыыр-үҥкүүлүүр, волейболлуур. Алина туйгуннук үөрэнэр,  эмиэ  ыллыыр-үҥкүүлүүр, дуобаттыыр. Карина Чурапчытааҕы спортивнай оскуо­лаҕа  үөрэнэр, акробатиканан, чэпчэки атлетиканан дьарыктанар. Кристина эмиэ туйгун үөрэхтээх, хоһоон ааҕар, уруһуйдуур. Влада  уруһуйдуур, ыллыыр, Женя үҥкүүлүүр, ыллыыр, волейболу сэҥээрэр. Эрсан эмиэ спордунан дьарыктанан эрэр. Сүүрэн, мас тардыһан, тустан миэстэлэһээччи. Чабырҕах, хоһоон ааҕар. Милана ыллыыр, үҥкүүлүүр, акробатиканан дьарыктаныан баҕарар. Эрхан эмиэ спорду сэҥээрэр. Эрэл бакаа кыра, убайдарын үтүктэр.

Оҕолорбут сөбүлүүр дьарыктарын, төһө кыалларынан, өйүүбүт, хааччахтаабаппыт. Оҕону иитиигэ, саамай кылаабынайа, чиэһинэй, үтүө, үлэһит киһи буола улааталларын төрөппүттэр ситиһиэхтээхпит дии саныыбын.

Оҕо диэн биһиги инники кэскилбит, дьолбут, баайбыт-дуол­бут буоллаҕа.

– Наҕараадаҕа түһэрэллэрин истэн баран, төһө үөрбүккүтүй?

– Оо, наҕараада ыларбытыгар олус диэн долгуйбуппут, үөрбүппүт. Саамай сүрүнэ, нэһи­лиэк киһитэ бары үөрбүтэ, эҕэр­дэлээбитэ. Олус элбэх эҕэрдэни туппуппут. Ол эрээри, билигин наҕарааданы илиибитигэр тута иликпит. Улахан эппиэтинэс, чиэс буоллаҕа, ону өйдүүбүт.

Дьиэ кэргэн туруга бэйэ-бэ­йэни өйдөһүүттэн, убаастабылтан, харыстаһыыттан тутулуктаах дии саныыбын.

Түмүккэ

Бу курдук Игнатьевтар төрүт үгэһи тутуһар, тыа сирин уйгутун уһансар, иккиэ бэйэлэрэ уон саҥа киһини иитэргэ-улаатыннарарга, сиэрдээх дьон гына иитэргэ, күннэтэ үлэлии-хамсыы сылдьар, Таатта талба ыала буолаллар. Ийэ-аҕа тохтобула, өрөбүлэ суох сыралара сыаналанан, үрдүк наҕараадаҕа тиксибиттэринэн эҕэрдэлиибит!

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
15 декабря
  • -30°C
  • Ощущается: -30°Влажность: 69% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: