Салгыы
Альберт Алексеев: «Наар куһаҕан дьону оонньуурбуттан кыбыстар этим»

Альберт Алексеев: «Наар куһаҕан дьону оонньуурбуттан кыбыстар этим»

Ааптар:
19.01.2023, 19:00
Бөлөххө киир:

Саха тыйаатырын артыыһа Альберт Алексеев кэнники сылларга бэрт элбэх улахан оруоллары оонньоон тыйаатыры, киинэни сэргээччилэргэ талаанын саҥа өрүттэрин көрдөрдө. 2013 сыллаахха тахсыбыт Никита Аржаков “Дьикти саас” драматыгар Толигы оонньообутун кэнниттэн киинэҕэ биллэр оруолларга көстө илигэ. Бүгүн, тохсунньу 19 күнүгэр, Дмитрий Давыдов “Эдэр саас” диэн саҥа киинэтэ тахсар, онно Альберт Алексеев сүрүн оруолу оонньуур.

“САХА ТЫЙААТЫРЫГАР САНАНЫМАҤ ДАҔАНЫ!”

– Бэйэм Уус Алдан Дүп­сүнүттэн төрүттээхпин. 2008 сыллаахха оскуоланы бүтэрээт, Дьокуускайга туттарса кэлбитим. Докумуоннарбын биир эрэ сиргэ туттарбытым – АГИКИ “актерское мастерство” диэн салаатыгар. Онон артыыс идэтэ түгэн түбэ­һиитинэн буолбакка, анаан­-минээн талбыт дьылҕам буолар. Оскуолаҕа сылдьан “Уолан” диэн ансаамбылга кыттар этим, КВН оонньуур этим, өрөспүүбүлүкэҕэ бастыы сылдьыбыппыт, тус бэйэм биирдэ “Мистер КВН” аатын сүгэн турардаахпын. Уопсайынан, айар эйгэ кыра эрдэхпиттэн миэхэ чугас этэ.

Гаврил Менкяров, Вячеслав, Айта Лаверновтар, Павел Колесов, Ньургуйаана Маркова, Александр Борисов, Жанна Ксенофонтова – 2013 сылга диэри АГИКИ-га биэс сыл бииргэ үөрэммит оҕолорум. Биһиги кууруспутун Ефим Николаевич Степанов салайбыта, уус-уран салайааччыбыт Андрей Саввич Борисов этэ. Үөрэх кэмэ, кэпсээтэххэ, биир ыстатыйаҕа баппат, олус элбэҕи билбит-көрбүт кэрэ кэмнэрим этэ. Үөрэхпит бүтэрин саҕана биһиэхэ “Саха тыйаатырыгар үлэлии кии­риэхпит диэн сананымаҥ даҕаны!” диэн биллэрбиттэрэ, миэстэ суох диэбиттэрэ. Ону туох диэхпитий, истэн эрэ кэбистэхпит дии. Ким ханна барарын кэпсэтэ сылдьыбыппыт. Мин Үүнэр көлүөнэ ты­­йаатырыгар барар былааннаах этим. Арай биирдэ дьиэм таһыгар мас хайыта сырыттахпына биир атаһым эрийэн: “Алик, ыра санаабыт туолбут, Саха тыйаатырыгар үлэлии киирэр үһүбүт!” – диэн соһуппута. Саха салаатыгар үөрэммит оҕолортон үспүт Олоҥхо тыйаатырыгар, атыттар бары кэриэтэ Саха тыйаатырыгар үлэлии киирэр дьолломмуппут.

БИИР АМПЛУАҔА ХААЙТАРЫЫ

Бастакы оруолум – Руслан Тараховскай “Учуутал” драматыгар куһаҕан киһи оруола, сүрүн дьоруойу сойуолаһар НКВД үлэһитэ. Итинтэн сиэттэрэн, наар антагонист амплуатыгар оонньуур буолан хаалбытым. “Төлкөҕө” – баттыгастаах баай атаах оҕото Сылластыгас Сүөдэр, “Лоокуут уонна Ньургуһун” туруорууга – Мардьааһай, “Суоһалдьыйа Толбооннооххо” – Чайыҥда, “Олох дьэбэрэтигэр” – Баһылай, “Сааскы кэмҥэ” – үрүҥ бандьыыт, Луха Сүөдэрэбис – эмиэ мин. Көрөөччү төһө даҕаны сыанаҕа оонньонор көстүү дьиҥнээх буолбатаҕын билэрин үрдүнэн артыыһы оонньуур дьоруойун кытта дьүөрэлиир. Биллэн турар, бары буолбатах, ол эрэн, дьон үксэ диэтэхпинэ сыыспатым буолуо. Дьону итэҕэтэр үлэбит ирдэбилэ буоллаҕа. Ити гостуруолга сырыттахха чопчу көстөр. Оонньуу кэнниттэн көрөөччүлэр артыыстары кытта хаартыскаҕа түһэллэр, онно мин, “үрүҥ бандьыыт” эбэтэр “баай атаах оҕото” үксүн туора ту­­рааччыбын. Маҥнайгы сылларбар, оҕотук санааттан буолуо, итинтэн биллэрдик хараастар, кыбыстар этим. Дьиҥэр, антагонист оруолун оонньуурга интэриэһинэй – “куһаҕан киһи” оҥоһуута уустук, ис туругун тиэрдэргэ улахан үлэ, сатабыл ирдэнэр. Ол да буоллар, “биир амплуа иһигэр хаайтардым” диэн санаа баара.

Андрей Саввич Луиджи Пиранделло пьесатынан «Тыйаатырга буолбут түбэлтэ” диэн айымньыны туруорарга санаммыта. Дьэ бу испэктээккэ мин “амплуа угаайытыттан” босхолонорго маҥнайгы хардыыбын оҥорбутум диэххэ сөп. Бу туруоруу бэрт уустук ис хоһоонноох, дьоруойдара киэҥ диапазоннаах оонньууну ирдииллэр. Мин оруолум эмиэ элбэх кы­­рааскалаах, гротесктан дириҥ драмаҕа тиийэ оонньуур уустук үлэ. Андрей Саввич итэҕэ­йэн ити оруолу биэрбитин махтана саныыбын. Уопсайынан, кэнники сылларга артыыс быһыытынан ыраламмыт баҕа санаа­ларым туоллулар диэхпин сөп. Астына көрөр режиссердарбар оонньоотум, ымсыырар оруолларбар холоннум.

САХАНЫ БУТУЙАР ВАМПИЛОВ

Тыйаатырга саҥа үлэлии киирбит кэммэр Сергей Потапов “Иирбит Ньукуус” туруоруутун уолуйуохпар диэри астына көрбүтүм. “Бу режиссеру кытта үлэлээбит киһи!” диэн баҕа санаа үөскээбитэ. Сергей Станиславович туруорууларыгар оонньуур этим эрээри, үксүн саҥата суох кыра оруолларга ананар этим. 2020 сыл саҥатыгар Потапов “Кус көҥүлэ” испэктээги туруорабын” диэбитин бары үөрэ истибиппит. Александр Вампилов “Утиная охота” айымньыта тыйаатыр эйгэтигэр олус үрдүктүк сыаналанар. Онно сүрүн оруолу мин оонньуур буолбутум. Сергей Станиславович олус түргэнник үлэлиир. Туруоруу туһунан артыыстарга биллэрэригэр хайдах буолуохтааҕын өйүгэр олоччу оҥорбут буолар. Онон олус ыгым кэмҥэ үлэлээбиппит. Кылгас кэм иһигэр оннооҕор тылбын үөрэтии кытта уустук этэ, оонньуур дьоруойум Зилов элбэх монологтаах, диалогтардаах. Ону таһынан, классическай нуучча драматын азиаттыы истиилинэн оонньуур эмиэ туспа уустуктары эбэн биэрбитэ, баар дьоҕурбун барытын ирдиир уустук үлэ этэ. Хата, көрөөччүлэр даҕаны, кириитиктэр даҕаны үлэбитин бэрт үрдүктүк сыаналаабыттара. Миэхэ хас даҕаны эр киһи көрөөччү кэлэн “мин туспунан оонньоотуҥ, олоҕум уустук түгэннэрин ойуулаатыҥ” диэн эппитэ. Өйдөөбөтөх да дьон баар этэ. Холобур, дьону туруоруу аата бутуйар, “кус көҥүлэ” диэни саха үксэ долгуйа истэр, оттон испэктээк кус булдугар туох да сыһыана суох кэриэтэ буоллаҕа.

“ЭДЭР СААС” ТУҺУНАН

Дмитрий Давыдов аатын маҥнайгы ЯМКФ бэстибээлгэ истибитим. Оччолорго кини туһунан Амма улууһун таһыгар билэр киһи аҕыйах этэ. “Костер на ветру”, биллэрин курдук, саха киинэтин биир сенсацията буол­бута. Премьератыгар Владимир Мункуевтыын сылдьыбыппыт, көрөөт даҕаны, үрдүк таһым­наах үлэ буоларын тута өйдөөбүппүт. Онно “бу режиссерга уһуллуохпун баҕарабын” дии санаабытым. Онтон кэм-кэрдиис ааһан испитэ, хамсык буолан, үлэ-хамнас иһийбитэ. 2020 сыл күһүнүгэр Давыдовтаах Бурнашев “Ыт” диэн киинэлэрин таҥыы буола турар эбит. Онно тиийэн озвучкаҕа үлэлэспитим (булчуттар туһунан кэрчиккэ биир киһи оннугар саҥарбытым). Онно Дималыын билсибитим, ирэ-хоро кэпсэппитим. Үлэм түмүгэр киһим “Алик, бы­­растыы гын, гонорар төлүүр кыаҕым суох” диэбитигэр (босхо үлэлиирим эрдэттэн биллэр этэ буоллаҕа), дьээбэ аҥаар­даах “өҥөм манньатыгар аныгыскы киинэҕэр, саатар быстах оруолга ыҥыраар!” диэччи буоллум. Киһим мүчүк гыммыта. Онтон икки ыйынан, алтынньы бүтүүтэ эрийдэ: “Хочу пригласить на главную роль, согласишься ли?” Мин тута “тыый, сөбүлэһэн бөҕө буол­лаҕа дии!” диэбиппэр, “погоди, ты сценарий прочитай, может еще откажешься” диир. Мин буоллаҕына, “Олох ылсабын!” дии турабын. Сценарийын ааҕан баран, “оо…бээ эрэ…” диэтим. Оонньуохтаах киһим – 40-чалаах, олоҕор мунан хаалбыт, ускул-тэс­кил сылдьар. Элбэҕи, ордугу көрдөөн куораттаан баран, сатаммакка төрөөбүт дэриэбинэтигэр кэлэр. Оонньуурга уустук даҕаны, астык даҕаны. Эрдэ толорбут оруол­ларбын, көрбүт киинэлэрбин санаан, киһим уобараһын бэйэбэр киэптээн, толкуйдаан барбытым.

“ХАҺАН ДА ТОҤМОТОХПУН ТОҤМУТУМ”

Давыдов бэйэтин үгэһинэн дойдутугар, Аммаҕа устубута. Ол сыл Амма улууһугар өтөрүнэн буолбатах 65 кыраадыска тиийэ тымныы буолбута. Мин киһим буоллаҕына, сценарий этэринэн, чап-чараас кууркалаах, күһүҥҥү бачыыҥкалаах. Таһырдьа устуу буоларын иһиттим эрэ ис-испиттэн тоҥон киирэн барарым. Тутатына илиибинэн, атахпынан тымныы киирэн, туох да омуна суох, сойон барар этим. Устар тиэхиньикэбит көрдөрөн туран тымныыттан умуллан хаалара. Ол да буоллар, олус көхтөөх үлэ этэ, сылаастык саныыр үлэм.
Киинэбитин Москваҕа ММКФ талан көрдөрбүттэрэ, кириитиктэр үчүгэйдик ылыммыттара. Ыйыталаһыы, хайҕааһын, ыҥырыы үгүс этэ. Тус бэйэм сыана быһарым сыыһа буолуо эрээри, киинэбитин көрөөччү быһыытынан эмиэ олус астынным. Давыдов киинэлэрэ үксүн ыарахан соҕус ис хоһоон­ноох буолаач­чылар. Бу киинэ туспа оҥоһуулаах, санааны баттыыр буолбатах. Чэ, бу күннэргэ Саха сирин көрөөччүтэ бэйэтэ көрөн сыана быһыаҕа.

Оттон тус бэйэм саҥа оруоллары күүтэбин, тыйаатырга даҕаны, киинэҕэ даҕаны өссө сайыннарар интэриэһинэй оруоллар кэлэллэрэ буоллар!

Хаартыскалар Альберт Алексеев тус бэйэтин архыыбыттан.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
27 декабря
  • -36°C
  • Ощущается: -36°Влажность: 75% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: