Альберт Бүлүүйүскэй хараҕынан бүгүҥҥү бэлиитикэ
Альберт Бүлүүйүскэй күннүктэрин уонна памфлетын өйдөөн аахтахха, бэйиэт хараҕынан билиҥҥи күнү көрүөхпүтүн сөп. Ол кэмнэргэ инникини тымтыктанан көрөр бөлүһүөктүү өйдөөх-санаалаах, баара-суоҕа 16–17 саастаах эдэр киһи санаатын арыйан көрүөххэ.
Аан дойду балаһыанньатын анаарар
Оччотооҕу кэм сиэринэн, хаһыаты кэтээн ааҕар, араадьыйаны истэр буолан, Альберт Бүлүүйүскэй дойдуга буола турар быһыыны-майгыны билэр, бэлиитикэҕэ бэйэтэ көрүүлээх эбит. Холобур, 1960 сыллаахха сэтинньи 8 күнүнээҕи күннүгэр маннык суруйбут:
— Аан дойду балаһыанньатыттан суруйа түстэххэ, бэйэм правительствобын, ордук Хрущеву итэҕэйбэт, эрэммэт буолан эрэбин. Ленин-Сталин саҕаттан партия чилиэннэрин сыр-мыр эһитэлээн кэбистэ, Сталин соратниктарыттан Микоян, Шверник эрэ бааллар. Ворошиловы быһаас бэйэтэ уһуллуон баҕарар диэн ньылбаардан эппитэ. Сталины критикалаан авторитетын алдьатан баран, аны бэйэтэ айхалланар, уруйданар «улуу гений» буолар. Кини эрэ Эйэ иһин охсуһар, утуйбат, аһаабат үһү. Личноһа үрдээтэ, правительствоны ытыһын иһигэр ылла. Советскай правительство биир киһинэн күнэ тахсар буоллаҕына, мөлтөх буолуо. Биирдэ «Америка куолаһын» истибитим. Контрразведкаларын түмүгүн биэрбиттэрэ.
Сталин тула санаалара
1961 сыллаахха сэтинньи 1 күнүгэр маннык суруйар:
— Москваҕа партия съеһэ бэҕэһээ үлэтин бүтэрдэ. Иосиф Виссарионович Сталины үөҕэ сатаан баран, Ленин мавзолейыттан таһаарарга этии киллэрбиттэрин коммунистар баһылыктара сүрдээҕин сөбүлээн тыл эттилэр. Саха сириттэн тыл эппэтилэр быһыылаах, чуолкайын билбэтим, хаһыат хойутуур буолан. Радионан түптээн истибэтим. Партия устаабыгар көннөрүүлэр тустарынан кэпсээтилэр, тыл этиигэ 63 киһи суруттарбытыттан 18‑ын этитэн баран, тохтотон кэбистилэр. Сталины мавзолейтан таһаарар кэмнэрэ тирээтэ, хайыахпыный? Бары партийнай деятеллэри мөлтөтүүгэ Хрущев Сталины, Молотовы, Маленковы, Гагановиһы буруйдуур да, мин эмиэ Сталин соһумардык өлбүтүн билэбин ээ. Тоҕо соһумардык өллө? Тоҕо Хрущев кини өлбүтүн кэннэ уонна өлүөн иннинээҕи кэмҥэ арааран тыл этэр? Тоҕо кини личноһын дарбатан этэллэрин сирэйдэнэн партияҕа этэллэр диэн киһиргиирий? Сталин да инньэ диэбэтэҕэ дуо, тыыннааҕар? Кини тыыннааҕар ньылаҥнаан баран, өлбүтүн кэннэ, өссө ол хайдах өлбүтэ биллибэккэ турдаҕына, саата-суута суох үөҕээһин Хрущев авторитетын төһө да үрдэттэр, баҕар, өлбүтүн кэннэ эмиэ айдаарыахтара. Ону дьыл-күн көрдөрүө.
Бу 16–17 саастаах, тыа оскуолатын үөрэнээччитэ суруйбут диэтэххэ, уһуну-
киэҥи ырыҥалаан анаарара, дириҥник уонна олохтоохтук толкуйдуура сөхтөрөр. Сталины мавзолейтан таһаарыыны ыарырҕата истибитэ өйдөнөр, «Сталин — үрүҥ күн сырдыга» дэнэр кэм оҕото буоллаҕа. Хрущев туһунан «… баҕар, өлбүтүн кэннэ эмиэ айдаарыахтара. Ону дьыл-күн көрдөрүө» диэн эппитэ, аҕыйах сылынан туолбута. Бу күннүктэр быһа тардыыларыттан поэт Альберт Бүлүүйүскэй бэлиитикэ туһунан анаарыытын билсэбит. Ол — тулалыыр эйгэни, олоҕу сүрэҕинэн ылынан долгуйуутун, санаатын, сыһыанын күннүгэр үллэстэр эбит. Оччотугар билигин ааҕан көрдөххө, таһыччы өйдөөх-санаалаах сайдыылаах оҕо эбит. Альберт Бүлүүйүскэй бэйиэт эрэ буолбатах эбит, кини манна бөлүһүөк быһыытынан көстөр. бэйиэт — айылҕаттан айдарыылаах, үөһэттэн этиттэриилээх улуу киһи эбит диэн сыаналыахпытын сөп.
Арассыыйаны биһирииллэр-өйүүллэр
«Эдэр коммунист» хаһыат 1964 сыл тохсунньу 10 күнүнээҕи нүөмэригэр «Оо, Ый барахсан» диэн памфлета тахсыбытын быһа тардан көрүөххэ. Манна ааптар арҕааҥҥы дойду миллионера иһэ-истээх ымсыы быһыытын саралыыр:
«Джон Харрисон диэн Англия бизнесмена бу күннэргэ туох баар болҕомтотун Ыйга, Ый барахсаммытыгар туһулаабыт үһү. Киһи да син эҥини истэр ээ, ол тымныы майгылаах-сигилилээх омук тойонун сыаҕа сууламмыт сүрэҕэ билигин үгүрүө курдук куһугуруу мөхсүбүт: «Бэйи ити Ыйга киһи атаҕа үктэнэр күннээх эбит да буоллаҕына, Ыйы ким да урут баһылыах баҕайыный?» ..О, һо-һо, ол иһин даҕаны. Көр эрэ, өйүкэтин, кини киһи. Джон Харрисон биэс тарбаҕыныы бэркэ биллэҕэ: Ый ньууругар сирдээҕи эттик ыйааһына алта төгүл чэпчиирин. Суоттаатаҕа: сирдээҕи табаар сыаната онно да чэпчэки буолуохтаах диэн. Аҕыйах харчынан Ый эрэйдээҕи ким-хайа иннинэ атыылаһа охсон ылан, мультимиллионер солотугар тиксээри соруннаҕа. Кини наука өрөгөйүн, киһи баһыламматах кыаҕын мэнэгэйдээх ымсыы хараҕынан баһылла сытар бараммат кыһыл көмүстүү кылааттар эбит буоллаҕа. Кини түүлүгэр даҕаны ол лирическэй настарыанньалаах ыйбыт барахсан, күтүр баҕайы көһөҥө манньыат буолан төкүнүйэ уһуннаҕа, ымманыйа-ымманыйа маачыктаан ахан эрдэҕэ…».
Пафмлет маннык түмүктэнэр:
«Оо, дьэ, Ый барахсан. Баччааҥҥа диэри түүҥҥү ыйдаҥа сырдыга буолаҥҥын, сандаарыйан бэйэҥ, аны туох-туох буоларыҥ хаалбата? Капитал туолбат маҕалайдаахтара халлааҥҥа харбаһалларыттан дьиксинэн, бэл итальянскай кинорежиссер Джузеппе де Сантис: «Советскай киһи космоска төһөнөн үрдүккэ ыттан иһэр да, соччонон дьоннор сиргэ үчүгэйдик уонна дьоллоохтук олороллорун эрэнэ саныахтарын сөп», — диэн бэрт сөпкө суруйбуттаах. Кырдьыга да оннук».
Бүлүүйүскэй бу памфлетын түмүк санаатын суолтата билигин да сүппэт. Оччолорго Сэбиэскэй Сойуус, билиҥҥитэ Арассыыйа бэлиитикэтэ эрэ аан дойдуга баһылыыр-көһүлүүр оруолу ылар түгэнигэр, аан дойду бүттүүнэ эйэлээх, дьоллоох олоххо олоруохтара диэбит. Биһиги санаабытыгар, бу боппуруос билигин өссө сытыырхайда — Сэбиэскэй Сойуус утумнааччыта, аныгы Арассыыйа судаарыстыбата эрэ аан дойду бэлиитикэтин сүрүннүүр кыахтаах. Билигин, Арассыыйаны арҕааҥҥы дойдулар араас сааҥсыйаларынан кыһарыйар, байыаннай эпэрээссийэ ыытылла турар кэмигэр, сиэрдээх бэлиитикэни тутуһааччылар Арассыыйаны биһирииллэр-өйүүллэр, «однополярнай эйгэ» уурайан, «многополярнай эйгэ» кэллэҕинэ эрэ, аан дойду олоҕор-дьаһаҕар куттал суох буолуоҕа диэн бэлиэтииллэр.
Билиҥҥи быһыыны-майгыны өтө көрбүт
Алексей Елисеевич Кулаковскай-Өксөкүлээх Өлөксөй «Ойуун түүлүгэр» сүнньүнэн Германия сэриинэн ииригириитин ойуулаабытын бары бэркэ билэбит. Оттон «Оо, Ый барахсан» памфлекка Альберт Бүлүүйүскэй арҕааҥҥы дойдулары уонна Амыарыканы, итиэннэ билиҥҥи биһиги кэммитигэр буола турар быһыыны-майгыны көрдөрбүт. Бу памфлет нөҥүө эмиэ сэриинэн ииригирбит, ону таһынан аһары байан-сайдан, акаарытыҥы быһыытыйан эрэр, маҕалайдара туолбат хапыталыыстары дьүһүннээн ойуулаабыт. Түмүгэр аан дойду бэлиитикэтэ уларыйыаҕын, сиэрдээх бэлиитикэни тутуһар Арассыыйа эрэ бүтүн аан дойдуга эйэни, эйэлээх олоҕу мэктиэлиир кыахтааҕын өтө көрбүт. Айылҕаттан айдарыылаах бэйиэккэ Үрдүкү Айыылар оннук этиттэрбит буолуохтарын сөп. Наталья Харлампьева «Дьэҥкир сурук» кинигэтин киирии тылыгар эппит тыллара («… сир-дойду, айылҕа бэйэтин туһун көрүнэн, анаанминээн кини туһунан этэр-тыынар, хоһуйар, аһаҕастык тапталын кэпсиир киһини үөскэтэр…») бу санааны өссө төгүл бигэргэтэр, чиҥэтэр курдуктар.
Анетта Егорова, литэрэтиирэ кириитигэ
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: