Альберт Сахатаев – биһиги кэммит дьоруойа
Билигин байыаннай дьайыы бара турдаҕына, биһиги дьоруойдарбыт – саллааттар көҥүл олох туһугар сарын-сарыннарыттан өйөһөн, Аҕа дойдуларын хорсуннук көмүскүү сылдьаллар. Кинилэри кытары олоҕу саҥа билэн эрэр эдэркээн уолаттар оргуйар уот ортотугар, кимтэн даҕаны хаалсыбакка, эһээлэрин, хос эһээлэрин дьыалаларын салгыыллар. Бу эдэркээн эр санаалаах уолаттар аармыйаҕа тиийэн баран, хантараагынан байыаннай дьайыыга бараллар.
Бүгүн мин иннибэр олус холку көрүҥнээх, сэмэй, ол гынан баран, бэйэтин сааһыгар холооно суох боччумнаах эдэр киһи олорор. Кини баара эрэ 20-н ааспыт, ол эрээри олох эриирин-мускуурун, аһыытын-ньулуунун этинэн-хаанынан билбит, Сунтаар улууһун Сунтаар нэһилиэгиттэн төрүттээх Альберт Сахатаев буолар. Бу эдэркээн киһи – биһиги кэммит дьоруойа, байыаннай дьайыы кыттыылааҕа – чиэс, суобас, эр санааланыы тыыннаах холобура.
Альберт байыаннай дьайыыга бэйэтин баҕатынан, хантараак түһэрсэн барбыт. Ол иннинэ оҕо-оҕо курдук оскуолаҕа үөрэнэн, бүтэрэн баран салгыы быраабы араҥаччылааччы буолар баҕа санаалаах сылдьыбыт. Ол эрээри, күһүн сокуоннай сааһын ситэр буолан, тута аармыйа сулууспатыгар ыҥырыллыбыт. Онтон сулууспалыы сылдьан хантараак баттаһан, дойдутун иннигэр ытык иэһин толоро барбыт.
Аармыйаттан – байыаннай дьайыыга
«Оскуоланы бүтэрэн, 2019 сыллаахха аармыйаҕа сулууспалыы барбытым. Онно тиийэн баран биэс ыйынан бэйэм баҕабынан үс сылга хантараак баттаспытым. Сулууспалыы сырыттахпына, хантараагым бүтэһик сылыгар – 2022 сыллаахха арҕаа бараҕыт диэн буолбута. Белоруссияҕа байыаннай үөрэххэ баран балтараа ый үөрэммитим. Ол сыл олунньу 22 күнүгэр Украинаҕа киирэҕит диэн бирикээс кэлбитэ. Биһиги олунньу 24 күнүгэр Белоруссия өттүнэн Украинаҕа киирбиппит, Киевкэ диэри тиийбиппит. Ол кэнниттэн Андреевка дэриэбинэтигэр кырыктаах кыргыһыы саҕаламмыта. Өстөөх тохтоло суох снарядынан, саа сэбинэн ытыалыыра, өлүү-сүтүү да баара, элбэх киһи бааһырбыта», – диэн Альберт кэпсиир.
Дьэ онтон саҕаланнахтара уот буулдьа ардаҕын аннынан, ыыс-быдаан быыһынан тыын харбаһыылаах тыҥааһыннаах киирсиилэр. Хорсун-хоодуот, өй-санаа өттүнэн бэлэмнээх саха уола Альберт маҥнайгы сүрэхтэниитин эрдээхтик ааспыта. Бастаан кыргыһыыга киирэргэр куттаммытыҥ-долгуйбутуҥ дуо диэн ыйыппыппар: «Суох, олох куттамматаҕым, эрдэттэн ханна-туохха барарбын билэр уонна өй-санаа өттүнэн бэлэмнээх этим. Оттон улахан кыргыһыыны аастыҥ даҕаны, куттаммат буолаҕын, илбиһирэр эбиккин», – диэн уол сэмэйдик эппиэттиир.
Бааһырыы…
Альберт Сахатаев Андреевка дэриэбинэтин ылыыга уот ыһыллар кырыктаах кыргыһыытын кэмигэр аттыгар снаряд эстэн, оскуолактан бастакы эчэйиитин ылбыт, бааһа син халымыр буолан, салгыы сэриилэспит. Ол кэнниттэн эмиэ снаряд эстэн иккиһин улаханнык бааһырбыт. Онно суһаллык эвакуациялаан, Санкт-Петербург госпиталыгар ыыппыттар.
Хорсун буойун икки ый эмтэнэн, доруобуйатын чөлүгэр түһэрэн баран, Хабаровскайга тиийэн өссө биир ый сыппыт. Байыаннай сулууспалаахтарга уоппуска көрүллэр диэн, дойдутугар, Сунтаарга, кылгас да кэмҥэ буоллар, кэлэ сылдьыбыт.
«Билигин санаатахпына, бу түгэннэр биһигини кытаанах майгылаах буоларга үөрэппиттэр, куппут-сүрбүт бөҕөргүүрүгэр, өйбүт-санаабыт ситэригэр көмөлөспүттэр. Оччолорго биһигини чугас дьоммут күүтэллэрэ, саныыллара, ахталлара санаабытын бөҕөргөппүтэ. Оттон уонна биир иһиттэн аһаан-сиэн, биир окуопаҕа утуйа сылдьыбыт дьон, бэйэ-бэйэбитигэр хардарыта көмөлөсүһүүбүт, өйөһүүбүт көмөлөспүтэ – ким эрэ санаата түстэҕинэ, бэйэбитигэр сыһыаран, аралдьытан аһарынар этибит», – диэн дьоруойбут кэпсиир.
Дойдутун кэскиллээх олоҕун туһугар эр санаанан олоҕун кэрэйбэккэ киирсибитин, хорсун быһыыны көрдөрбүтүн иһин Альберт Сахатаевы 2022 сыл кулун тутар 17 күнүгэр «Хорсунун иһин» мэтээлинэн наҕараадалаабыттара.
Эйэлээх олоххо төннүү
Альберт ытык иэһин төлөөн, үс сыллаах хантараага бүтэн, 2022 сыл сайыныгар дойдутугар эргиллибит. Уол тута Саха сиринээҕи Росгвардияҕа үлэҕэ киирбит. Ол кэнниттэн өрөспүүбүлүкэтээҕи Бойобуой дьайыылар бэтэрээннэрин ассоциацияларын бэрэссэдээтэлэ, «Боотур» үөрэтэр киин салайааччыта Иван Петрович Черкашин таба көрөн, инструкторынан ыҥырбыт.
Билигин Альберт байыаннай дьайыыга барар байыастары пилота суох көтөр аппарааты салайарга үөрэтэр. Бэйэҕинээҕэр аҕа саастаах дьону аныгы көтөр аппарааты салайарга үөрэтэр төһө уустугуй, бары ылыналлар дуо диэн ыйыппыппар: «Ылынан, сатыыллар, бары убай-быраат курдук сыһыаннаахпыт», – диэн хоруйдаата. Эдэр оҕо диэтэххэ, байыаннай дьыала үөрүйэхтэрин барытын баһылыырга дьулуһар эбит. Байыаннай дьайыы бара турар сиригэр тиийэн, үс ый инструктор буоларга үөрэҕи ааспытын ахтар.
Иван Черкашин Альберт туһунан олус истиҥник кэпсиир: «Олус сэмэй, күүстээх, хоһуун санаалаах, кытаанах майгылаах, дьоҕурдаах уол. Биһиэхэ маннык уолаттар наадалар. Билигин байыаннай дьайыыга дойдуларын көмүскүү барар «боотурдары» бэлэмнэһэр. Эрдэ туох да бэлэмэ суох байыастар барар эбит буоллахтарына, билигин баҕа өттүнэн барааччылары аан бастаан мэдиссиинэ көмөтүн оҥорорго үөрэтэбит. Онтон байыаннай эрчиллиигэ үөрэтэбит, үөрүйэхтэри иҥэрэбит. Кинилэр атыттартан итэҕэһэ суох инники кирбиигэ сылдьаллар».
Альберт Сахатаев кэпсэтиибит түмүгэр маннык эттэ: «Мин билигин кэтэхтэн Дьокуускайдааҕы гуманитарнай кэллиэскэ «быраабы араҥаччылыыр үлэ» диэн идэҕэ үөрэнэбин. Үөрэхпин бүтэрдэхпинэ баҕа санаабын толорон, сөбүлүүр идэбин баһылыам дии саныыбын. Билигин дьиэ кэргэммэр, оҕобор улахан болҕомтобун уура сатыыбын. Хас биирдии саха эр киһитин курдук айылҕаҕа сылдьарбын, бултуурбун-алтыырбын ордоробун. Бэйэм холку майгылаах буоламмын быһыылаах, өйүм-санаам ыһыллыбатаҕа, майгым уларыйбатаҕа. Киһи араас буолар, сорох айманар, ыһыллар, атыттар киэҥ көҕүстээх буолан аһарыналлар. Олох салҕанар…»
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: