Альберт Соров: “Үс күнү быһа пикеттээбиппит…”

Share

Балаҕан ыйын 27 күнүгэр Саха Өрөспүүбүлүкэтин Судаарыстыбаннаһын күнүн бэлиэтиибит. Ол иһин ону көрсө оччотооҕу ыччат лиидэрин, «Эдэр саас» хаһыакка эрэдээктэрбит, Кадрдары бэлэмниир департамеҥҥа үлэлэспит Альберт Соровы кытта кэпсэтиибитин таһаарабыт. 

1990 сыл атырдьах ыйыгар РСФСР Үрдүкү Сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ Борис Ельцин: “Суверенитеты төһөнү кыа­йаргытынан ылыҥ” диэн аатырбыт этиитин кэнниттэн, биир эрэ ыйынан, балаҕан ыйын 27 күнүгэр дойдуга бастакынан “Саха Сэбиэскэй Социалистическай Өрөспүүбүлүкэтин судаарыстыбаннай суверенитетын туһунан декларация” ылыллыбыта.

Өссө биир сылынан Саха Өрөспүүбүлүкэтин судаарыстыбаннай статуһун туһунан со­­куон ылыллыбыта. Бу со­­куон чэрчитинэн, өрөспүүбүлүкэ бэйэтэ быраапка систиэмэлээх, Арассыыйаны, атын дойдулары кытары сыһыанын, судаарыстыбаннай тылын уонна тутулун быһаарар кыахтаах буол­бута.

1992 сыл муус устар 4 күнүгэр Саха сирэ бэйэтэ Конституцияны ылыммыта.

Бастакы оһуокай, ыһыах…

Отучча сыллааҕыта суверенитеты, Конституцияны ылынар кэмҥэ, оччотооҕу олох-дьаһах, уопсастыбаннай тыын, өй-санаа хайдах этэй? Ыччат тугунан тыынан олорбутай? Ол күүрээннээх хамсааһыннар үөстэригэр сылдьыбыт ыччат лиидэрэ Альберт Соровы кытары кэпсэттибит.

– Мин 1986 сыллаахха аармыйаттан кэлбитим. Оччолорго пааркаҕа буолар, куорат үрдүнэн соҕотох дискотекаҕа сахалары киллэрбэттэр этэ. Туох эрэ иккис суортаах дьон курдук, сылдьар этибит. Оптуобуска, маҕаһыыҥҥа сахалыы саҥартарбаттар – саба саҥаран, үөҕэн кэбиһэллэрэ. Ити курдук балаһыанньа этэ. 1986 сыллааҕы саба баттааһын, омугумсуйууга буруйдааһын өссө да сибиэһэй этэ.

1987 сыллаахха тыа хаһаайыстыбатын институтугар үөрэнэ киирбитим. 3-с куурустан саҕалаан, 18-с куорпуска коменданнаабытым. “ДНД” этэрээттэрин тэрийэн, 90-с сылларга Сэргэлээххэ бэрээдэк биллэ тупсубута. 1990 сыллаахха уолаттары мунньан, Доҕордоһуу болуоссатыгар аан бастаан оһуокайы тэрийбиппит.

Горисполком бэрэссэдээтэлэ Пал Палыч Бородиҥҥа икки ыйы быһа киирэн, куоракка ыһыахта тэрийиҥ диэн туруорсубуппут. Куруутун мунньахтаах, солото суох буолан, күнүс кыайан туппат этибит. Сарсыарда 5 чаастан уолаттарбын кэрийэ сылдьан уһугуннартаан, 6 чааска горис­полком (билиҥҥинэн мэрия – аапт.) иннигэр отучча буолан кэлэн турабыт. Пал Палыч үлэтигэр олус эрдэ кэлэр этэ. Үүртэлээбэт, кэбиниэтигэр киллэрэн, олордор, наһаа үчүгэйдик кэпсэтэр. “Хайдах ыһыах оҥортороору гынаҕыт? Ханнык да куоракка хаһан да ыһыах буолбатаҕа, Дьокуускайга итинник кыаллыбат” эҥин диэн аккаастыыр. Биһиги: “Оччотугар пикет оҥо­руохпут” диэн эппиппит. Бу курдук 7 чааска диэри кэпсэтэн бүтэн, 8 чааска паарабытыгар олорор буолабыт, үөрэхпитигэр хойутаабаппыт.

Ити курдук хаста да киирэн кэпсэппиппит түмүгэр, син уураах ылыммыта. Бастаан Комсомольскай болуоссакка, пааркаҕа оҥоруохпут диэбиттэрин, ипподромҥа ордук буолуо диэн туруорсубуппут. “Чэ, быйыл үп-харчы суоҕунан, тэрээһин да тиийбэтинэн кыаллыбат, эһиил оҥоруохпут” диэн эрэннэрбитэ. Пал Палыч тылын толорбута, Туймаада ыһыаҕа 1991 сыллаахха аан бастаан ипподромҥа ыытыллыбыта. Бу кэннэ Сэргэлээххэ икки хара “Волганы” ыытан, уонча уолу горисполкомҥа ыҥыран, туспа аһаппыта. Кэлин Москваҕа көрсө түһэн, бастакы ыһыаҕы санаппыппар: “Как же! Помню, помню, вы молодцы…” диэбитэ.

Ыччат модун күүһэ

– 1992 сыллаахха Кон­ституция туһунан кэпсэтиилэр буолбуттара. Боропсойуустар урукку умайбыт дьиэлэригэр уопсастыбаннас мунньаҕа буол­бута. Устудьуоннары эмиэ ыҥыр­быттара, онно отучча буолан тиийбиппит.

“Сарсын Үрдүкү Сэбиэт мунньаҕа буолар, Конституцияны ылынары утаран олороллор. Устудьуоннар эһиги тахсан пикеттээтэххитинэ, түргэнник ылыныах этилэр”, – диэтилэр.

Мунньах 6 чааска саҕаламмыта, 8 чааска бүтэригэр устудьуоннартан иккиэйэх эрэ буолан хааллыбыт. Тахсан баран, уолум: “Мин дойдулуур эбиппин”, – диэт, баран хаалла. Хомойон да хайыахпыный, Сэргэлээхпэр бардым. Ол иһэн, толкуйдаатым. Устудьуоннар хайаан да кыттыстахпытына сатанар диэн быһаарынным. “Биһиги сирбит баайа бэйэбитигэр хаалыахтаах, бэйэбит дьаһаныахтаахпыт, бары бүгэн олордохпутуна, баттабыл, туоратыы салҕанан бара туруо. Биһиги оҕолорбут эмиэ туоратылла олоруохтара дуо? Кинилэр “оччолорго тугу гыммыккыный?” диэн ыйыттахтарына, туох диэн хоруйдуохпунуй?” диэн толкуйдаах буоллум.

Сэргэлээххэ кэлэн, соҕотоҕун уопсайдары барыларын кэрийбитим. Лиидэр диэн эрэммит оҕолорум бары аккаастаабыттара.

Түүн 1 чаас саҕана 19-с куорпуска Григорьев Сашаҕа тиийдим. Комендант буоламмын быһыылаах, миигин уопсайдарга түүн да киллэрэллэр этэ. Ити курдук сарсыарда 5 чааска диэри хостору барыларын кэрийдибит. Төлөпүөн, батсаап диэн кэлиэ дуо, эт тилэххинэн сүүрдэххинэ сатанар буоллаҕа. Бэйи, 19-с куорпус Сэргэлээхтэн син тэйиччи турар ээ. Сүрүннээн онно олорор педфак устудьуоннара өйөөбүттэрэ.

Сарсыарда 9 чааска 1-кы №-дээх Бырабыыталыстыба дьиэтин иннигэр сүүһүнэн уол муһуннубут. “Конституция!”, “Суверенитет!”, “Саха сирэ!” диэн хаһыы-ыһыы бөҕө. Эбиэккэ Сэргэлээххэ тиийэн, куорпустары барыларын кэрийэн, устудьуоннары таһаартаатыбыт. Онон өссө эбилиннибит, училищелартан, ПТУ-лартан оҕолор кэллилэр. Ити курдук икки күнү быһа пикеттээтибит. Тыһыынчанан ыччат сирэ­йэ-хараҕа туран, модун күүс буолан, Ленин болуоссатын толору долгулдьуйа турарын онно көрбүтүм.

Үрдүкү Сэбиэт сессиятыгар “Конституцияны ылынабыт” диэн бэбиэскэҕэ киллэрбиттэрэ, ол эрээри “бириэмэбит бүттэ, аныгыскы сессияҕа көрүөхпүт” диэбиттэригэр, үһүс күнүгэр өссө күүскэ пикеттээн, уочарата суох сессияны ыҥырбыппыт.

Муус устар 4 күнүгэр Үрдүкү Сэбиэт уочарата суох сессиятыгар көрөн, Саха сирэ 89 эрэгийиэнтэн биир бастакынан бэйэтин Конституциятын ылыммыта.

“Уопсастыбаннай үлэттэн тэйбэппин”

– 1992 сыллаахха “Эдэр саас” ыччат түмсүүтүн тэрийбиппит. “Үтүөнү үксэт” диэн девизтээх этибит. Сүүһүнэн ыччат түмэн, аһымал аахсыйалары, кэнсиэртэри, куонкурустары тэрийэр этибит.

1997 сыллаахха ракета тобохторо түһэн, искэн ыарыыта элбээтэ диэн аймалҕан тахса сылдьыбыта. Оччолорго мин дьокутаат Зоя Корнилова көмөлөһөөччүтэ этим. Зоя Афанасьевна омук уонна Арассыыйа телеханаалларын ыҥыран, брифинг оҥорон, аан дойду үрдүнэн айдаан таһааран, ол ракета тобохторо түһэллэрин тохтоппуппут.

“Эдэр саас” ыччат хаһыатын эрэдээктэринэн үлэлээбитим. Саамай элбэх тиражтаах, үгүс ааҕааччылаах хаһыат этэ. Улуустарга далааһыннаах “Эдэр саас” күннэрин” тэрийэрбит. Томпоҕо барарбытыгар ЛОРП тойонун кытары кэпсэтэн, бүтүн катеры ылан барбыппыт, олус элбэх тэрээһини ыытан, дьону хамсатан, сэргэхситэн, үгүс матырыйаалы хомуйан кэлбиппит.

Онтон СӨ Каадырдары бэлэмнээһиҥҥэ, аттаран туруо­рууга департаменыгар, отдел начаалынньыгынан үлэлээбитим. Тыһыынчанан оҕону талан, федеральнай бүддьүөттэн буор-босхо дойду бастыҥ үөрэх кыһаларыгар үөрэттэрэ ыытар этибит. Сүрүннээн техническэй уонна технологическай хайысхаларга үөрэттэрэрбит. Быйыл департамент тэриллибитэ 30 сылыгар выпускниктары түмэр үлэни саҕалаатыбыт. Кинилэр бары салааларга салайар, айар үлэҕэ сылдьаллар, федеральнай таһымнаах салайааччылар да бааллар. Онон уопсастыбаннай үлэттэн билигин да тэйбэппин.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Быһылаан

Дьокуускайга кыбартыыра умайан, биэс киһи эчэйдэ

Бүгүн, ахсынньы 15 күнүгэр, Дьокуускайга 36 кв.м. иэннээх кыбартыыраҕа баһаар буолла. Өлбүттэр суохтар, биэс киһи…

4 часа ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Олох амтанын сүтэримэҥ

Оҕо эрдэххэ дьаабылыка сыта, мандарин амтана наһаа да минньигэс уонна ураты буолара. Саҥа дьыл үөрүүтүн,…

8 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Өлүүнү кыайбыт улуу саллаат

Сыл – хонук. Номнуо үйэ чиэппэрэ ааһа охсубут.  Оттон киэн туттан бүгүн кэпсээри  оҥостор  киһибит …

9 часов ago
  • Сонуннар
  • Тыа хаһаайыстыбата

Одунуга айрширскай боруодалаах бастакы ньирэй күн сирин көрдө

Горнай улууһун Одуну нэһилиэгэр айрширскай боруодалаах ынах бастакы ньирэйин төрөппүтүн туһунан "Үлэ күүһэ" хаһыат телеграм-ханаала…

10 часов ago
  • Култуура
  • Сонуннар

ОНЛАЙН: Сахалыы киинэлэри босхо көрүҥ

"Сахафильм" киинэ хампаанньата уонна СӨ Национальнай бибилэтиэкэ 10 сахалыы киинэни босхо көрдөрөллөр. "Киинэни ааҕабыт!" аахсыйа…

10 часов ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Саха киинэтэ салгыы хайдах сайдыаҕай?

Саха киинэтэ 1990 сылтан силис-мутук тардар. Бу сыл “Северфильм” киинэ устуудьуйата тэриллибитэ, ол 1992 сыллаахха…

10 часов ago