Альбина Борисова саҥа кинигэтэ сүрэхтэннэ

Share

Ахсынньы 1 күнүгэр Национальнай бибилэтиэкэ Историческай саалатыгар Арассыыйа Суруйааччыларын чилиэнэ, СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ, тылбаасчыт Альбина Борисова-Слепцова “В поисках золотого зерна” диэн кинигэтин сүрэхтэниитэ буолла.

Бу кинигэҕэ тылбаасчыт 90-с сыллартан, саха литературатын классиктарыттан – Өксөкүлээх Өлөксөйтөн, Былатыан Ойуунускайтан саҕалаан, аныгы суруйааччылар айымньыларын тылбаастаабыта киирдилэр. Кинигэ халыҥ тастаах, 400-чэ илиистээх.

“Тылбаасчыт идэтин ындыы оҥостон, үйэтин тухары көмүс көлөһүнүн тохпут үлэлэриттэн бастыҥнарын талан, түмэн, кинигэ оҥорон таһаарда. Бу кинигэ – биир тылбаасчыт оҥорбут саха литературатыгар нууччалыы антологията. Онон саха литературатыгар олус улахан суолталаах уонна өтөрүнэн тахсыбат үлэ” диэн биир идэлээхтэрэ үрдүк сыанабылы биэрдилэр.

“Альбина Андриановнаттан хаһан да биир да куһаҕан тылы истибэтэхпит. Куруук үөрэ-көтө сылдьар, эйэҕэс, үтүө санаалаах доҕор”, — диэн Литературнай институкка бииргэ үөрэммит уонна тыйаатырга, Ил Түмэн аппараатыгар, кинигэ кыһатыгар бииргэ үлэлээбит үөлээннээхтэрэ этэллэр.

Бу дьоро түгэҥҥэ Саха тыйаатырын артыыстара кэлэн, айымньылары ааҕан иһитиннэрдилэр, ону тэҥэ, Альбина Андриановнаҕа туһаайан, элбэх үтүө тыл сүмэлээҕэ этилиннэ.

Сэмэн Тумат, норуодунай суруйааччы:

— Саха литературатын кытыан кыһалҕатын үллэстэ сылдьар дьонтон биирдэстэрэ буолар. Эдэр чэгиэн, эрчимнээх, тобуллаҕас эрдэҕинэ, саха классиктарын улуу айымньыларын тылбаастаан кэбиспитэ, сүрдээх улахан олук буолла. Тылбаас улуу оскуолатын утумнааччылартан биирдэстэрэ. Альбина Андриановна биһиги дьолбутугар төрөөбүт киһи.

Елена Слепцова-Куорсуннаах, норуодунай суруйааччы:

— Бу түгэни биһиги өр күүппүппүт. Сардаана Платоновна баарыгар Альбина Андриановна Ойуунускайы тылбаастаабыта. Сардаана олус үөрбүтэ, »Платон Алексеевиһы бу курдук үчүгэйдик ким да тылбаастыы илигэ», — диэбитэ. Тылбааска ыксаабакка, адьас кикирийэн, иҥэн-тоҥон үлэлиир. Бэйэтэ поэтическай дууһалаах буолан, хоһооннорго тылбааһа сатанар. Саха мифологияҕа тиэрдэр философиятын дириҥник өйдүүрэ киниэхэ олус көмөлөһөр. Ойуунускай бэйэтэ этэринэн, »100 сыллаах былаанын» ситэтэ суох айымньым диир эбит. Ситэ чочуйбакка хаалбыт эбит. Ол ону Андриановна нууччалыы сиппит-хоппут айымньы гынан таһаарбыта сөхтөрбүтэ.

Лидия Манчурина, ХИФУ сахалыы-нууччалыы тылбааска тылбаас хаапыдыратын доцена:

— Альбина Борисова поэзияны, прозаны, бөлүһүөктүү айымньылары тэҥинэн тылбаастыыр. Аан бастаан »Улуу Кудаҥсаны» тылбаастаабыта нууччалыы тыллаах эйгэҕэ саҥаны арыйбыта, хамсааһыны таһаарбыта. Кини үлэлэрэ тылбаас наукатын үөрэҕэр ырытыллар матырыйаал, холобур буолаллар. Биһиги устудьуоннарбытын үөрэтэбит. Бу кинигэтинэн нууччалыы тыллаах ааҕааччыга улахан бэлэх оҥордо.

Олег Сидоров, “Саха сирин суруйааччылара” ассоциация бэрэссэдээтэлэ:

— Кинигэҕэ Ойуунускай тылбаастарын көрөн олус үөрдүм. Былатыан Ойуунускай тылын-өһүн, өйүн-санаатын дириҥник арыйар тылбаас диэн сыаналыыбын.

Аита Шапошникова, тылбаасчыт:

— Олох устар, саас эбиллэр, ол эрээри үчүгэй идэлээх, дьарыктаах буолан, дьон болҕомтотунан тутайбаппыт. Иккиһинэн, үлэбит дьоҥҥо туһалаах буолан, үөрэ-көтө үлэлиибит. Ыраах да сырыттарбын, дьүөгэбин бэлиэ күҥҥүнэн истиҥник эҕэрдэлиибин! Бу кинигэҕэ үлэҥ барыта киирбэтэҕэ биллэр, ол эрээри, аата да этэрин курдук, “кыһыл көмүһүн” хомуйан, мунньан киллэрбиккин. Литинститукка Альбина Борисованы нууччалыы тылы төрөөбүт тылын курдук баһылаабыт, киһи хараҕар көрөн олорорунуу итэҕэтиилээхтик ойуулуур дэгиттэр тылбаасчыт диэн сыаналыыллар.

Альбина Борисова Ил Түмэн аппараатыгар үлэлии сылдьыбыт буолан, кэлиэгэлэрэ, бүтүн дэлэгээссийэ кэлэн, эҕэрдэлээтилэр. Александр Жирков көмөлөһөөччүтэ Валентина Бочонина сибэкки дьөрбөтүн туттаран туран, дьокутаат аатыттан сылаас тылларын анаата.

“Айар” кинигэ кыһатыгар эрэдээктэрдээн, тутан-хабан таһаарбыт Ольга Янцен: “Бу кинигэҕэ үлэлэспитим чиэс, улахан уопут буолар. Кэлэр көлүөнэ тылбаасчыттарга остуолга ууруна сылдьар, үөрэтэр учуобунньук курдук буолар кинигэ” диэн билиннэ.

“В поисках золотого зерна” кинигэ “Айар” кинигэ кыһатын маҕаһыыннарыгар атыыланар.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Интэриэһинэй
  • Сонуннар

Түүл туһунан чахчылар

Түүл туһунан тугу билэбитий? Киһи түүлүн 90 бырыһыанын умнар уонна 10 бырыһыанын эрэ өйдөөн хаалар.…

4 часа ago
  • Сонуннар
  • Сүбэһит
  • Уопсастыба

СҮБЭҺИТ: Үлүйбэт туһугар…

Саха сиригэр тыйыс-тымныы кыһыммытыгар киһи организма араас охсуулары ылар. Ол иһигэр үлүйүү биир саамай сүрүн…

4 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Ороһуоспа түүнүгэр кэлэр сайыны билгэлииллэр

Өбүгэлэрбит былыр-былыргыттан күн-дьыл туругун уонна инникитин хайдах буолуохтааҕын айылҕа уларыйыытынан, кыыл-сүөл, көтөр-сүүрэр хамсаныытынан кэтээн көрөллөрө…

5 часов ago
  • Култуура
  • Сонуннар

Быйыл «Почему мамонты вымерли» саҥа киинэ киэҥ экрааҥҥа тахсыа

Быйыл Арассыыйа саамай уһук сиргэ - Хотугу байҕал пордугар биир  артыыстаах уонна бэлэмэ суох сценарийдаах…

5 часов ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Эдьигээннээҕи квартальнай хочуолунай биир хочуолун үлэлэттилэр

Эдьигээн сэлиэнньэтин 6 №-дээх хочуолунайын үлэҕэ киллэриитин тэрээһинэ түмүктэннэ, оттон 4 №-дээх хочуолунай салгыы оҥоһуллар.…

6 часов ago
  • Быһылаан
  • Сонуннар

Киин куоракка уот ситимэ быстыбытын оҥордулар

Дьокуускайга бүгүн, тохсунньу 6 күнүгэр, энергетиктэр уот ситимэ быстыбытын оҥордулар. Киин РЭС энергетиктэрэ киин куоракка …

6 часов ago