РФ Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин бүгүҥҥү пресс-кэмпириэнсийэ кэмигэр Арассыыйа экэниэмикэтин саппааһа дойду иннин диэки бигэтик хардыылыыр кыахтааҕын бэлиэтээтэ.
Бу туһунан СӨ урбаанньыттарын бырааптарын көмүскүүр боломуочунай Альбина Кычкина Урбаан министиэристибэтин телеграм-ханаалыгар санаатын үллэһиннэ:
— Быһа эпиир кэмигэр Арассыыйа Бэрэсидьиэнэ ис ырыынакка дойду оҥорон таһаарар бренд бородууксуйата уонна табаара 30% улааппытын уонна эрэгийиэннэр оҥорон таһаарыыларын өйүөххэ наадатын бэлиэтээтэ. Саха сиригэр оҥорон таһаарыччаларга бу улахан сорук. Биһиги өрөспүүбүлүкэбит тарбахтарыгар талааннаах, көхтөөх, сонун сүүрээннэри тобулар дьонунан баай. Эрэгийиэн брендэ — өрөспүүбүлүкэҕэ саамай өйөнүллэр уонна сайдар өрүт. Бу үлэ биһиэхэ тиһигин быспакка ыытыллар. Дойду баһылыга маннык бэлиэтээһинин кэнниттэн араас дириҥ ис хоһоонноох бырайыак өссө элбиэҕэ — «Саха сиригэр оҥоһулунна» хамсааһын сайдыы саҥа саҕахтарын саҕыаҕа.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: