Салгыы
Альбина Трубина: «Аҕа дойдуну көмүскээччилэр» пуонданы кытта бииргэ үлэлииллэр

Альбина Трубина: «Аҕа дойдуну көмүскээччилэр» пуонданы кытта бииргэ үлэлииллэр

Ааптар:
17.07.2023, 15:00
Хаартыска: СИА
Бөлөххө киир:

СӨ Үлэҕэ уонна социальнай сайдыыга миниистирин бастакы солбуйааччы Альбина Трубина байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын доруобуйаларын чөлгө түһэриигэ, кинилэр үлэлээх буолууларыгар наадалаах идэҕэ үөрэтиигэ, буойуттар дьиэ кэргэттэригэр, оҕолоругар уйулҕа туругун тупсарыыга көмөнү оҥоруу үлэлэрэ хайдах бара туралларын туһунан кэлин ыыппыт брифинигэр билиһиннэрдэ.

— Министиэристибэ дьаһайыытыгар баар доруобуйа туругун чөлүгэр түһэриигэ үлэлиир кииннэр баазаларыгар байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын доруобуйаларын чөлгө түһэриигэ, кинилэр үлэлээх буолууларыгар наадалаах профессиональнай үөрэхтээһиҥҥэ, буойуттар дьиэ кэргэттэригэр, оҕолоругар психологическай көмөнү оҥорууну социальнай өттүнэн арыаллааһыҥҥа анал бырагыраама үлэлиир. Бу үлэҕэ култуура уонна успуорт тэрилтэлэрэ эмиэ кытталлар. Өрөспүүбүлүкэ реабилитациялыыр кииннэригэр кэлим чэбдигирдэр, чөлгө түһэрэр көмөнү 353 байыаннай эпэрээссийэ кыттыылааҕа, ол иһигэр 97 оҕо ылла.
Маны таһынан идэҕэ үөрэтии, идэни уларытан атыҥҥа үөрэниигэ уонна салгыы үлэ булууга көмөлөһүү, босхо юридическай көмө, социальнай көмөлөр, чэпчэтиилэр тустарынан сүбэлэр оҥоһуллаллар. Идэҕэ туһулуур үлэнэн барыта 169 байыас уонна кинилэр дьиэ кэргэттэрин чилиэннэрэ хабылыннылар. Кыра дохуоттаах дьиэ кэргэҥҥэ көмөлөөх социальнай хантараагынан 44 байыаннай дьайыы кыттыылааҕа уонна дьиэ кэргэнэ туһанна.
Өрөспүүбүлүкэ Реабилитационнай кииннэрэ бэс ыйыттан тэриллэн үлэлии турар «Аҕа дойдуну көмүскээччилэр» пуонданы кытта бииргэ үлэлииллэр. Ол быһыытынан билигин чөлүгэр түһэриигэ наадыйыы туһунан сайабылыанньаны, араас сүбэлэри, быһаарыылары байыастар уонна кинилэр дьиэ кэргэттэрэ мантан ылыахтарын сөп.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
8 ноября
  • -18°C
  • Ощущается: -18°Влажность: 78% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: