Альбина Винокурова: «Кыайыыны ситиһэр санаа сүрэхпитигэр күүс киллэрэр»
Аҕа дойду буойуннарын дьиэ кэргэттэрин кэмитиэтин Саха сиринээҕи ыстаабын солбуйааччыта Альбина Винокурова Владимир Путин инаугурациятын кэннэ санаатын үллэһиннэ:
«Ыам ыйын 7 күнүгэр Российскай Федерация Бэрэсидьиэнэ Владимир Владимирович Путин үөрүүлээх инаугурациятын сиэрэ-туома ыытылынна. Кини этиитэ ордук ылыннарыылаах уонна быһаарыылаах буолла. Владимир Владимирович биһиги судаарыстыбабыт сайдыытын тутаах хайысхаларын бэлиэтээтэ. Бэрэсидьиэммит Арассыыйа кэскилэ биһиги инники көлүөнэбит интэриэстэригэр туһуланарын чопчулаата. Кини биһиги түмсүүлээх уонна улуу норуот буоларбытын эттэ, ону тэҥэ «бары ыарахаттары туоруохпут, Кыайыыны ситиһиэхпит!» диэн этиитэ биһиги улуу дойдубут гражданнарын сүрэхпитигэр сэҥээриини ылла.
Арассыыйаҕа Кыайыы саҥа ис хоһооно, идеологията үөскүүрүн туһунан Марина Константиновна эппит тылларын кытта чопчу сөбүлэһэбин. Биһиги араас интэриэстэрбититтэн уонна дьарыктарбытыттан тутулуга суох, бары биир санаанан Кыайыыны ситиһэргэ дьулуһабыт. Биһигини, мөлүйүөнүнэн ахсааннаах норуоту, Кыайыыны ситиһэр санаа сүрэхпитигэр күүс киллэрэр, дьулууру түмэр».
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: