Салгыы
Альцгеймер ыарыыта пандемия кэнниттэн элбээтэ

Альцгеймер ыарыыта пандемия кэнниттэн элбээтэ

24.03.2024, 12:01
Хаартыска: С.Титова (СИА)
Бөлөххө киир:

Пандемия кэнниттэн өйгө тутар дьоҕурдара (память) мөлтөөбүт дьон ахсаана эбиллэрин эмчиттэр бигэргэтэллэр. Альцгеймер ыарыыта өй мөлтүүрүн (деменция) 60-70 бырыһыаныгар төрүөтүнэн буолар.

Бу туһунан деменцияны быһаарарга уонна оннук ыарыылаах дьону эмтииргэ анаммыт өрөспүүбүлүкэтээҕи сэминээргэ дьүүллэстилэр.
Сэминээргэ Москва уонна Саха сирин сүрүннүүр эспиэрдэрэ кытыннылар.

«Саха сиригэр гериатрия -– кырдьаҕас ыарыһахтарга көмөнү оҥорор эйгэ сайдар. Өйгө тутар дьоҕурдара уонна өйдөрө мөлтүүр дьон ахсаана дойдуга сылтан сыл аайы эбиллэр. Саха сиригэр ити кыһалҕа эмиэ баар. Сорох чахчынан, Арассыыйаҕа 2 мөлүйүөн курдук киһи деменциялаах, 1,5 мөлүйүөн курдук киһи — Альцгеймер ыарыылаах. Хомойуох иһин, маннык диагноһы олох сэдэхтик туруораллар, тоҕо диэтэххэ, олус хойукку түһүмэҕэр эрэ биллэр. Биһиги сорукпут -– ыарыыны быһаарыы таһымын үрдэтии», -– диэн невролог-быраас, Арассыыйа Доруобуйатын харыстабылын министиэристибэтин Пирогов аатынан Арассыыйа национальнай чинчийэр мэдиссиинэҕэ университетын нейрогериатрия уонна когнитивнай кэһиллиилэр лабораторияларын сэбиэдиссэйэ Элен Мхитарян эттэ.

Ыарыһах болҕомтото суох буолар, соторутааҕыта эрэ буолбут түгэннэри умнар. Ол гынан баран, кинилэр ааспыты: оҕо сааһын доҕотторун ааттарын, араас түгэннэри уонна ханнык эрэ күнү-дьылы олус үчүгэйдик өйдүүллэр. Аймахтара кини ааспыты умнубат буолла да, ол аата барыта үчүгэй дии саныыллар. Дьиҥэр, төттөрүтүн, сэрэхэдийиэхтээхтэр.

«Киһи урукку үлүһүйүүлэрин кэрэхсээбэт буолан хааларыгар болҕомтону ууруллуохтаах. Урукку майгытыттан, үгэс буолбут дьарыктарыттан аккаастаныы сэрэхэдитиэхтээх. Холобур, кини чугас дьонун кытары алтыспат буолар, бэйэтэ бэйэтигэр бүгэр, дьиэҕэ олорорун ордорор (урут аһара кэпсэтинньэҥ, аһаҕас киһи). Кырдьаҕас киһи күнү-дьылы булкуйар буоллаҕына, ити түһүмэххэ исписэлиистэргэ көрдөрүөххэ наада. Үгүстэр итини кырдьыы сибикитин курдук саныыллара сыыһа», -– диэн Арассыыйа Доруобуйатын харыстабылын министиэристибэтин Пирогов аатынан Арассыыйа национальнай чинчийэр мэдиссиинэҕэ университетын кырдьыы ыарыыларын кафедратын доцена, мэдиссиинэ наукатын хандьытаата Мария Чердак бэлиэтээн эттэ.
Быраастар этэллэринэн, кырата суох оруолу эдэр уонна орто сааска үчүгэйдик утуйуу ылар. Ону таһынан чөл уонна көхтөөх олоҕу тутуһуохха наада. Ыарыы сайдарыгар ону таһынан хаан баттааһына үрдүгэ уонна холестерин элбэҕэ, табахтааһын уонна төбө уҥуоҕун-мэйии эйэчиилэрэ «көмөлөһөллөр». Ол иһин, быраас анаабыт препараттарын тиһигин быспакка иһэ сылдьыахха наада.

«Хомойуох иһин, Саха сиригэр деменцияны быһаарыы сайда илик, чопчу сыыппаралар суохтар. Альцгеймер ыарыытыттан өлүү аан дойдуга сэттис миэстэҕэ сылдьар. Саха сиригэр кырдьаҕас ыарыһахтар когнитивнай кэһиллиилэрэ коронавирус пандемиятын кэнниттэн элбэхтик биллэр буолла. Бу ыарыынан гериатр-быраастар, неврологтар дьарыктаналлар. Ыарыыны чопчулуурга биһиги көмпүүтэр томографитын уонна тустаах тиэстэри оҥоробут», -– диэн Өрөспүүбүлүкэтээҕи 3 №-дээх балыыһатын Гериатрияҕа киинин сэбиэдиссэйэ Светлана Обутова иһитиннэрдэ.

+1
4
+1
0
+1
1
+1
0
+1
4
+1
0
+1
4
Бары сонуннар
Салгыы
23 ноября
  • -24°C
  • Ощущается: -30°Влажность: 77% Скорость ветра: 2 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: