Альцгеймер ыарыыта — түөһэйии көрүҥэ
Альцгеймер ыарыытын утары охсуһуу аан дойдутааҕы күнэ балаҕан ыйын 21 күнүгэр, 1994 сылтан ыытыллар буолбута. 2012 сылтан бу ыарыыны утары охсуһуу ыйа ыытыллар.
Доруобуйа харыстабылын аан дойдутааҕы тэрилтэтин (ВОЗ) чахчыларынан, аан дойдуга 50 мөлүйүөнтэн тахса киһи түөһэйии ыарыытынан ыалдьар. 2050 сылга 130 мөлүйүөн киһиэхэ тиийиэ диэн сабаҕалыыллар. Сыл аайы 50 мөлүйүөн кэриҥэ киһи саҥа ыалдьыбыта биллэр, эбиллэ турар.
Бу балартан 60–70%-нара Альцгеймер ыарыытынан ыалдьаллар. Альцгеймер ыарыыта – түөһэйии биир көрүҥэ. Арассыыйаҕа маннык ыарыылаах дьон ахсаана 1 мөлүйүөн 800 тыһыынча киһиэхэ тэҥнэһэр. Ол эрээри, ахсааннара мантан өссө элбэх буолуон сөп.
Бу ыарыыны аан бастаан 1907 сыллаахха Алоис Альцгеймер диэн быраас чинчийбитэ. Бу ыарыыга ылларбыт киһи ортотунан 8-10 сыл олорор, ол эрээри, 20-чэ сыл уһуон, эбэтэр, 2-3 сыл эрэ олоруон сөп.
“Мэйии арахсарыгар тиэрдибэккэ…”
Наталия Иванова, Паллиативнай көмө психологическай сулууспатын салайааччы, психолог:
– Бу эйгэҕэ үлэлээбитим биир сыл буолла. Манна кэлэн, түөһэйии диэн ыарыы элбэҕиттэн олус сөхпүтүм. Наһаа элбэх киһи эрэйдэнэр, ыалдьар эбит. Түөһэйии үтүөрбэт уонна олус түргэнник сайдар ыарыыларга киирсэр. Эмтээн үтүөрдүллүбэт эрээри, мэдиссиинэ да, психология да этэринэн, бу ыарыыны тохтотуохха, биир таһымҥа хаалларыахха, киһи үйэтин уһатыахха сөп.
Ыарыы бастаан улаханнык биллибэт, киһи кыратык умнуган буолар. Холобур, сарсыарда ханнык эми испитин, тугу сиэбитин умнан кэбиһэр, ол эрээри, урут буолбуту чуолкай өйдүүр. Онтон олоххо интэриэһэ сүтэр, урукку сөбүлүүр дьарыктарын быраҕар, тугу да баҕарбат, туохтан да үөрбэт буолан хаалар. Куруук дьиксинэ, дьону уорбалыы сылдьар. Сааһырдаҕын аайы, умнугана күүһүрэн иһэр, бириэмэни булкуйар, сыыйа дьон аатын, урукку олоҕун умнар, чугас дьонун билбэт буолар.
Түөһэйии киһи толкуйдуурун, өйгө тутарын (память) уонна майгытын алдьатар. Өйдүүр, толкуйдуур, үөрэ-көтө сылдьар кыаҕын суох оҥорон кэбиһэр. Төһөнөн бириэмэ барар да, бу кэһиллиилэр дириҥээн, бүтэһик уһугар кыра оҕотугар түһэн, бэйэтин кыайан хараммат, дьон көрүүтүгэр сылдьар киһи буолан хаалар.
Ол иһин чугас киһигитин эрдэттэн өйдөөн көрүөххүтүн наада. Сааһыттан, үлэтиттэн, балаһыанньатыттан туох да тутулуга суох. Олоххо көстөрүнэн, былаастаах, кыахтаах, өркөн өйдөөх дьон эмиэ ыалдьаллар, ким да онтон кыайан быыһаммат. Холобур, Уинстон Черчиль, Маргарет Тэтчер бу ыарыыттан өр сылларга эрэйдэммиттэрэ. Аатырбыт артыыстар Шон Коннери, Брюс Уиллис эмиэ бу ыарыынан ыалдьаллара биллэр.
Мин бу тиэмэни уйулҕа өттүнэн көрдөрүөхпүн баҕарабын. Тоҕо бу ыарыы үөскүүрүй? Хайдах гынан тохтотуохха сөбүй? Психологтар бу ыарыы айылҕатын арыый атыннык көрөллөр. Холобур, киһи олоҕор эрэй-муҥ, кэлэйии син биир баар буолар. Ону ааспатах киһи диэн суох. Ол эрээри киһи-киһи итини атыннык ылынар: сорох кэмигэр ытаан-соҥоон баран, бэйэтин кытта үлэлээн, бырастыы гынан, хомолтотуттан босхолонор. Сыллар ааспыттарын кэннэ, бу киһиэхэ туох да хом санаа хаалбат.
Иккис киһи хомолтотун иһигэр тута сылдьар, кыайан ыыппат, үлэлэспэт, ол туһунан кэпсэппэт, наар онтун саныы сылдьар. Эбэтэр, наһаа элбэх дьиксинии, куттаныы баар буолар. Иһигэр ыарахан санаалары төттөрү-таары хатайдаан, түүннэри-күнүстэри толкуйдаан, куруук төбөтүгэр тута сылдьар буоллаҕына, киһиэхэ баар итинник “блоктар” (хомолто, кэлэйии, бэйэни буруйданыы, хоргутуу) наһаа элбэх эниэргийэни эрэйэллэр.
Мэйии үлэтигэр эмиэ эниэргийэ наада. Хомолтону күүскэ тута сырыттахха, эниэргийэ онно баран хаалар, мэйии үлэтигэр тиийбэт. Оччотугар айылҕа киһини сынньатаары, мэйиитин “арааран” кэбиһэр. Онон киһини кыра оҕо туругар түһэрэн кэбиһэр. Түөһэйии психологическай айылҕата итинник.
Ол иһин киһи иһигэр баар ыарахан санааларыттан кэмигэр босхолоноро наһаа наадалаах. Онон бэйэтигэр үлэлэниэхтээх, кинини алдьатар санааларыттан, иэйиилэриттэн босхолонуохтаах. Билигин наһаа балысхан тэтимнээх олох кэлэн турар. Киһи бэйэтигэр үлэлэнэрэ, сааһыланара, дууһата уоскуйан, олохтон дуоһуйан, холкутук сылдьара олус наадалаах, туһалаах.
Мэдиссиинэ эйгэтигэр үлэлии киирэн баран, түөһэйиигэ, бу ыарыыны сэрэтэргэ үлэлэһэбит. Хаһан да күһэйэн буолбакка, киһи бэйэтэ баҕарар, бэлэм буоллаҕына, аргыый наллаан кэпсэтэбит, иһигэр тута сылдьар хом санаатын ыытарыгар көмөлөһөбүт. Онон, мэйии “арахсарыгар” тиэрдибэккэ, эрдэттэн үлэлэһэбит.
Киһи хайдах гынан түөһэйбэккэ кырдьыан сөбүй? Хас биирдии киһи дьоло – кырдьыар диэри өйө-санаата чөл буолара, чугас дьонун, бэйэтин да эрэйдээбэтэ. Онон киһи түөһэйии туһунан эрдэттэн, 30 сааһыттан саҕалаан ылсан үлэлэһиэхтээх.
Хайаан да сөпкө аһыахтаах. Атеросклероз диэн тугуй – наһаа элбэх сыалаах, холестериннаах аһы сиэтэххэ үөскүүр ыарыы. Ол иһин киһи аһын көрүнэн, элбэх оҕуруот аһын сиэн, хамсанан-имсэнэн, үлэлээн-хамсаан сылдьыахтаах. Сытан хаалбыт киһи тымырдарын үлэтэ мөлтүүр.
Иккиһинэн, мэйиитин сайыннара сылдьыахтаах, олоҕун тухары саҥаттан саҥаҕа үөрэниэхтээх. Кырдьаҕас дьон кроссворду, ребустары кыбына сылдьыахтаахтар, саахыматы, дуобаты оонньуохтаахтар. Тугу да интэриэһиргээбэт буолуу – түөһэйиигэ бастакы хардыы. Сөбүлүүр киинэлээх, кинигэлээх, дьарыктаах буолуохтаах. Төһөнөн интэриэһэ элбэх, соччонон олоҕун хаачыстыбата, үйэтэ уһуур.
Кырдьаҕас дьонноох буоллаххытына, дьиэҕэ олордон кэбиһимэҥ. Төһө кыалларынан, элбэх дьону кытта алтыһыахтаах, айанныахтаах, кэнсиэртэргэ, түмсүүлэргэ сылдьыахтаах. Кэнники кырдьаҕастары кытта кэпсэтэн көрдөхпүнэ, айар-тутар, толкуйдуур үлэлээх, иистэнэр, ыллыыр, үҥкүүлүүр киһи сэргэх, өйө-санаата чөл буолар.
“Мэйии ыарыылара түөһэйиигэ тиэрдэллэр”
Виктория Местникова, 3-с №-дээх Өрөспүүбүлүкэтээҕи килиниичэскэй балыыһа невролога:
– Түөһэйии сүрүн биричиинэлэринэн нейродегенеративнай ыарыылар: Альцгеймер ыарыыта, Пик ыарыыта, ону тэҥэ мэйии тымырын ыарыылара (инсульт, мэйии ишемията, атеросклероз, о.д.а.) буолаллар. Мэйии атын да ыарыылара түөһэйиигэ тиэрдэллэр: нейроинфекция, чөмчөкө эчэйиитэ, искэн, арыгылааһын, о.д.а. Инсульт кэннэ түөһэйии олус элбэх.
Сыллата түөһэйии ахсаана эбиллэн иһэр. 65-80 саастаах дьон 5%-нара Альцгеймер ыарыытынан ыалдьаллар. Бу бырыһыан улаатан иһэр, 80-рын ааспыт дьон 25%-ра ыалдьаллар.
Чугас киһигитигэр “түөһэйии” диэн диагноз турбут буоллаҕына, бастакы көмө быһыытынан, дьиэҕитин бэлэмниэхтээххит. Дьиэ иһэ түөһэйбит киһиэхэ куттала суох буолуохтаах. Иккиһинэн, биллэн турар, исписэлиискэ эмтэниэхтээх.
Оттон түөһэйиини сэрэтэргэ, бастатан туран, бэйэ доруобуйатын көрүнэн, диспансеризацияны барыллыахтаах, олохсуйбут ыарыылары уһаппакка, эмтэниллиэхтээх. Чөл олоҕу тутуһуу, хамсаныы, битэмииннээх үчүгэй аһылык, “транс-сыалары” аҕыйатыы, саахары, хаан баттааһынын, холестерины бэрэбиэркэлээһин баар буолуохтаах. Өссө биир ирдэбил – күн аайы мэйии үлэлиэхтээх.
Альцгеймер ыарыыта түөһэйиигэ тиэрдэр. Түөһэйии (деменция) – ыарыы түмүгэр үөскээбит ыарахан когнитивнай кэһиллии, мэйии эмсэҕэлээһинэ буолар.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: