«Алдан» киинэ — саха уолаттарын хорсун быһыыларын туоһута
“Цифровой алмаз” III федеральнай пуорум бастакы күнэ Саха сирэ уонна Запорожье уобалаһын айар кэлэктииптэрин холбоһуктаах бырайыактарын — «Алдан» киинэни билиһиннэриинэн түмүктэннэ.
Киинэни уһулууну көҕүлээччинэн Ил Дархан Айсен Николаев буолар. Бырайыагы олоххо киллэриини РФ Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин уонна Запорожье уобалаһын губернатора Евгений Балицкай өйөөбүттэрэ.
Суолталаах тэрээһиҥҥэ киинэни айааччылар уонна “Алдаҥҥа” оонньообут артыыстар, туһааннаах дьон кыттыыны ыллылар.
Хаартыскаҕа Елена Потоцкая түһэриитэ.
Сүрүн оруолу толорооччу, култуура туйгуна Илья Яковлев, бразильскай джиу-джитсуга аан дойду чөмпүйүөнэ, актер Джефф Монсон (Уфа) кыттыыны ылбыттара суруналыыстар болҕомтолорун тарта.
«Алдан» киинэ режиссера — Аҕа дойду сэриитин саҕанааҕы кэми көрдөрөр английскай уонна дьоппуон тылларыгар тыбаастаммыт «Рядовой Чээрин» киинэни устубут, “Үлэ кыбартаала” айар кластер көмпүүтэр графикатын устуудьуйатын салайааччыта Дмитрий Кольцов. «Алдан» сүрүн дьоруойун прототиба байыаннай дьайыы кыттыылааҕа Николай Потапов бэйэтинэн кэлэн кыттыыны ылан, тэрээһини бэрт улахан суолталаата.
— Киинэҕэ байыаннай дьайыы буола турар дьиҥнээх көстүүлэрэ уһуллубуттарын, передовойга сылдьар уолаттар көстүбүттэрин бэлиэтиир тоҕоостоох. Саха ыччаттара олоххо бэлэмнээхтэрин, кэпсэлгэ сылдьар өрүттэрин дьиҥнээхтик көрдөрөн, бу норуот хорсун-хоодуот разведчик уонна снайпер уолаттардааҕа илэ көһүннэ. Онон киинэ табылынна, көрөөччүгэ интэриэһинэй буолуо дии саныыбыт, — диэн “Алдан” киинэ генеральнай продюсера Данил Куликов бэлиэтээтэ.
Улахан суолталаах улахан бырайыакка Арассыыйа киинэтин сулустара Иван Охлобыстин, Дмитрий Дюжев оонньоон, «Алдан» таһымын биллэ үрдэттилэр. Кэрэхсэбиллээҕэ баар, киинэ үгүс графиката “Үлэ кыбартаала” креативнай кластер көмпүүтэр графикатын устуудьуйатыгар уһуллубута – саха киинэтэ бу хайысханы муҥутуурдук баһылаабытын уонна креативнай кластер дойду таһымыгар үлэлиир кыахтаммытын туоһута.
“Алдан” киинэ кэлэр сылга олунньуга киинэ прокатыгар тахсыаҕа.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: