Салгыы
Алдан олохтооҕо буруйу оҥорор бөлөххө курьердаан сууттанна

Алдан олохтооҕо буруйу оҥорор бөлөххө курьердаан сууттанна

Ааптар:
23.12.2024, 14:44
Хаартыска: СИА
Бөлөххө киир:

Нерюнгрига Алдан куорат олохтооҕо түөкүттэр буруйу оҥорор бөлөхтөрүгэр курьерынан үлэлээн, үс сылга көҥүлэ быһыллар буолла диэн СӨ Борокуратуурата иһитиннэрэр.

Суут быһаарбытынан, 2023 сыл алтынньытыгар сууттанааччы интэриниэт ситимигэр курьер үлэтин көрдөөн булбут. Кэлин ол бөлөх кураатарын этиитинэн бэйэтин массыынатынан Алдантан Чульмаҥҥа эмсэҕэлээччигэ кэлбит.

Манна кэлэн бу киһи эмсэҕэлээччигэ сымыйа аатын этэн уонна силиэдэбэтэлбин диэн кубулуммут. Эмсэҕэлээччи дьахтартан тастыҥ быраата суол саахалыгар түбэспитигэр эмтэнэригэр диэн 1,2 мөл.солк. ылбыт.

Бу харчыны сууттанааччы 30 тыһ.солк. манньаҕа түөкүттэр счеттарыгар ыыппыт.

Суут эр киһини уопсай эрэсиимнээх холуонньаҕа 3 сылга көҥүлүн быһарга уураахтаабыт.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
2
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
23 декабря
  • -33°C
  • Ощущается: -40°Влажность: 75% Скорость ветра: 2 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: