Салгыы
Алдан олохтооҕо ыт атыылаһаары 80 тыһ. солк. уордарбыт

Алдан олохтооҕо ыт атыылаһаары 80 тыһ. солк. уордарбыт

18.05.2023, 18:30
Хаартыска: PxHere
Бөлөххө киир:

Алдан оройуонун олохтооҕо мальтипу диэн боруода ыты атыылаһаары биллэрии нөҥүө сибээскэ тахсан 40 тыһыынча солкуобайы ыыппыт. Ол эрээри ыт атыылааччы харчы туппутун туһунан иһитиннэрбэтэх. 

Эмсэҕэлээччи ыыппыт харчытын төнүннэрэригэр диэн атыыһыт атын сыылканы ыыппыт. Кини бу сыылканан киирээтин кытта, каартатыттан эбии 40 тыһыынча солкуобайы устубуттар. Ити эрэ кэнниттэн түөкүттэр албыннаабыттарын өйдөөн полицияҕа үҥсүбүт.

Хоромньу уопсай суумата 80 тыһыынча солкуобайга тэҥнэспит.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
8 ноября
  • -18°C
  • Ощущается: -18°Влажность: 78% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: