Алдан улууһугар ыам ыйын сорох күннэригэр арыгы атыыта бобуллуоҕа
Алдан улууһун дьаһалтата СӨ сокуонугар олоҕуран, улуус баһылыгын уурааҕынан атыы-эргиэн маҕаһыыннарыгар, кииннэригэр, биирдиилээн урбаанньыттарга ыам ыйыгар үөрүүлээх тэрээһиннэр ыытыллар күннэригэр арыгы атыыта тохтотуллуоҕа. Бу туһунан иһитиннэрии Алдан дьаһалтатын саайтыгар таҕыста.
Ол курдук, улуус баһылыгын уурааҕынан арыгы атыыта маннык күннэргэ тохтотуллар:
— ыам ыйын 24 күнүгэр, Бүтэһик чуораан күнүгэр, Алдан куоракка, Улахан Ньымныыр сэлиэнньэҕэ, Аллараа Кураанах бөһүөлэккэ, Томмот куоракка, Ыллымах сэлиэнньэҕэ, Ленинскэй сэлиэнньэҕэ, Лебединэй бөһүөлэккэ;
— ыам ыйын 25 күнүгэр, Бүтэһик чуораан күнүгэр, Алдан куоракка, Угоян, Хатыстыыр, Кутана, Чагда сэлиэнньэлэргэ;
— бэс ыйын 25 күнүгэр, Бүтэһик баал күнүгэр, Алдан куоракка, Аллараа Кураанах бөһүөлэккэ;
- бэс ыйын 28 күнүгэр, Бүтэһик баал күнүгэр, Аллараа Кураанах бөһүөлэккэ, Томмот куоракка, Кутана сэлиэнньэҕэ;
— бэс ыйын 29 күнүгэр, Бүтэһик баал күнүгэр, Алдан, Томмот куораттарга, Ленинскэй сэлиэнньэҕэ.
Бу күннэргэ уурааҕынан үөрүүлээх тэрээһиннэр ыытыллар күннэригэр үөһээ ыйыллыбыт нэһилиэнньэлээх пууннарга арыгы атыыта булгуччулаахтык бобуллар. Сокуонунан ылыллыбыт уурааҕы кэһии түмүгэр урбаанньыттар, атыы-эргиэн маҕаһыыннарын уонна кииннэрин хаһаайыттара административнай эппиэтинэскэ тардыллыахтара диэн уураахха этиллэр. Уурааҕы кытта Алдан улууһун дьаһалтатын саайтыгар билисэххэ сөп.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: