Хаартыска: Тырааныспар министиэристибэтэ
Алдан оройуонун Хатыстыыр нэһилиэгин таһынааҕы айан суолун күргэтэ алдьанна. Онон суолга хаайтарааһын буолбутун туһунан социальнай ситимҥэ тарҕанна.
Аллараа Кураанах уонна Хатыстыыр нэһилиэктэр икки ардыларыгар баар тиэхиньикэлэр сырыыларын хааччыйар күргэ алдьаммыт. Ол курдук, халаан уутуттан сылтаан күргэ биир тирэҕэ ууга баран сууллубут диэн сабаҕалыыллар. Алдан оройуонун дьаһалтата иһитиннэрбитинэн, бүгүн, ыам ыйын 27 күнүгэр, сарсыарда балаһыанньа хайдаҕын быһаара анал хамыыһыйа сылдьыбыт. Билиҥҥи туругунан, быстах кэмҥэ понтоннай туоратыы туһунан кэпсэтиһии барар. Итини таһынан дьону өрүһү туоратарга нэһилиэктэр икки өттүлэриттэн оптуобустар сырыылара сөргүтүллүөҕэ. Онон бу хайысханан айан-сырыы быстах кэмҥэ тохтотулларын туһунан дьаһал ылыммыттар.
Саха сирин синоптиктара билгэлииллэринэн бүгүн, ыам ыйын 13 күнүгэр, Ленскэйгэ, Мииринэйгэ, Өлүөхүмэҕэ, Алдаҥҥа ардыыр, хотугулуу-илин…
Бу күннэргэ Улуу Кыайыы 80 сылыгар улуустарга уонна нэһилиэктэргэ Бэтэрээннэр искибиэрдэрин саҥардан оҥордулар, Кыайыы болуоссаттарыгар…
Ыам ыйын 8-9 күннэригэр Үөһээ Бүлүү улууһун Мэйик нэһилиэгэр Кыайыы 80 сылын көрсөр тэрээһин үрдүк…
Улуу Кыайыы 80 сылын көрсө, Аҕа дойду Улуу сэриитин кыттыылааҕа, ууну-уоту ортотунан ааһан, Улуу Кыайыыны…
Ыам ыйын 6 күнэ. Ил Дархан дойду Үөрэҕин миниистирэ Сергей Кравцовы кытта Дьокуускайдааҕы кадетскай оскуолаҕа…
Сунтаарбыт саамай элбэх үөрэнээччилээх, улахан кээмэйдээх оскуолатыгар быйыл улахан өрөмүөн үлэтэ ыытыллар. "Модернизация школьных систем"…