Алдаҥҥа бөртөлүөт саахалланыытынан иккис холуобунай дьыаланы тэрийдилэр

Share

Алдан оройуонугар бу сайын Robinson R44 II бөртөлүөн саахалламмытынан иккис холуобунай дьыаланы тэрийдилэр. Тырааныспар борокуратууратын үлэһиттэрэ суудуна регистрационнай судаарыстыннай бэлиэтэ подделка буоларын быһаарда.

Илин-Сибиирдээҕи тырааныспар борокуратуурата, бөртөлүөт регистрационнай бэлиэтэ сотуллубутун уонна үрдүнэн кырааскаламмытын туһунан иһитиннэрэр.

Эрдэ бу саахалга дьон өлүүлэринэн холуобунай дьыала эмиэ тэриллибитэ.

Robinson R44 II бөртөлүөт бу сайын от ыйын 19 күнүгэр түүн радаартан сүппүтэ. Онтон от ыйын 22 күнүгэр Алдан оройуонугар саахалланан сытарын булбуттара. Борт иһигэр баар пилот уонна үс пассажир өлбүттэрэ.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
4
+1
0
+1
2

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Мэҥэ Хаҥаласка хаарбах дьиэттэн көһөрүү бырагыраамата 3,6 тыһ.киһини хабыаҕа

Бүгүн Саха сирин бастакы вице премьерэ Дмитрий Садовников Мэҥэ Хаҥалас оройуонугар "Дьиэ-уот уонна куорат эйгэтэ"…

42 секунды ago
  • Итэҕэл
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Сүбэһит: Дьиэни ыраастааһын ньымалара

Киһиэхэ иэримэ дьиэтэ, сылаас уйата саамай хаххата, олоҕун биир сүрүн сорҕото буолар. Хас биирдии дьиэ…

3 минуты ago
  • Куонкурус
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Быйаҥныырга – биир бөрөнү

Аллайыаха улууһун Быйаҥныыр нэһилиэгин сиригэр-уотугар быйыл бөрөлөр биллэн эрэллэр. Бу адьырҕалар кэтэх хаһаайыстыбалар сылгыларын үрүө-тараа…

31 минута ago
  • Интервью
  • Култуура
  • Сонуннар

“Щепкиннэр”  кэккэлэрин хаҥаппыт Петр Домотов

... Кини математикаҕа Биир кэлим эксээмэнин (ЕГЭ) кыайан туттарбакка,  күһүн кэлэн туттарарга мэктиэлэммит. Ол эрээри…

56 минут ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Сүтүктээх ийэ оҕотун булуо дуо?

Елена устудьуоннуу сылдьан, 18 сааһыгар кэргэн тахсан, ыарахан буолан, төрүүр дьиэҕэ киирбитэ. Хантан билиэй, аан…

2 часа ago
  • Итэҕэл
  • Сонуннар

Сэрэнэр — сиэрдээх

Эдьиий Дора сүбэтэ. Эккэ-хааҥҥа иҥэмтэлээх, ыраас, туһалаах эбиликтээх ас сүмэтэ биһиэхэ баарын сотору аан дойду…

2 часа ago