Алдаҥҥа кыһыл көмүһү хостооһуну элбэтэр былааннаахтар
2028 сылга Алдан оройуона сылга 25–30 туоннаҕа диэри кыһыл көмүһү хостуур былааннаах. Онно саҥа технологиялар, сири таҥастааһын уонна Саха сирин уонна дойду бырабыыталыстыбаларын өйөбүллэрэ көмөлөһүөхтэрэ.
Ол туһунан быйыл СӨ Бырабыыталыстыбатын отчуотун кэмигэр нэһилиэнньэҕэ оройуон баһылыга Александр Шестопалов иһитиннэрбитэ.
«Биһиги оройуоммут бырамыысыланнаһы кытта ыкса сибээстээх. Былырыын 17 туонна кыһыл көмүһү хостообуппут. Өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн 50 туоннаны куоһарбыппыт. Саха сирэ кыһыл көмүһү хостооһуҥҥа Уһук Илиҥҥэ бастакы, дойдуга иккис миэстэҕэ турар. Былааҥҥа Алдан оройуонугар сиртэн хостонор баайга күүскэ үлэлиэхпит», — диэн Александр Шестопалов иһитиннэрбитэ.
«Саха сиригэр көмүһү хостооһун саҕаланаатын өрөспүүбүлүкэбит дойду биир бөдөҥ индустриальнай эрэгийиэнинэн буолбута», – диэн Ил Дархан Айсен Николаев бэлиэтиир.
Бэлиэтээн эттэххэ, Саха сирэ бүгүҥҥү күҥҥэ сыллата 50 кэриҥэ туонна көмүһү хостуур, дойдуга иккис миэстэҕэ сылдьар. Көмүһү хостооһун — Саха сирин пионер-бырамыысыланнаһа. Бодойбо Саха уобалаһын састаабыгар киирэр эрдэҕиттэн, 19 үйэ иккис аҥаарыттан, көмүстээх бириискэлэр тигинэччи үлэлии турбуттара. Быйыл Саха сиригэр көмүһү хостооһун бырамыысыланнаһа 100 сылын бэлиэтиир.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: