Алдаҥҥа «Лена» трасса айан суола 18 км аспаалланна

Алдаҥҥа «Лена» трасса айан суола 18 км аспаалланна

Ааптар:
03.09.2024, 19:30
Хаартыска: СИА
Бөлөххө киир:

Алдан улууһугар өссө эбии 18 км усталаах «Лена» трасса айан суолун аспааллаатылар.

Суол икки учаастагынан (936944 км уонна 990 – 1000 км) үс араҥалаах аспаал бүрүөһүннэри уурдулар диэн «Лена» суол управлениетын пресс- сулууспата иһитиннэрэр.  Бу учаастакка ордук 990-1000 км өрөмүөн үгүс үлэтэ ыытылынна. Манна 11 уу аүардар турбаны уһаппыттар, онтон мөлтөх туруктаах турар алта миэтэрэлээх күргэни тимир-бетон турбаҕа солбуйбуттар. Суолунан сылдьыы куттала суох буолуутун сөптөөх таһымынан уопсайа 13 км устатын тухары мэһэйдээх хааччахтары, 44 суол бэлиэлэрин уонна 400-тэн тахса сигнальнай остуолбалары туруорбуттар. Айан суол 991-с км сэттэ улахан таһаҕас массыынаны туруорар стоянка оҥорбуттар, эстакада туруорбуттар, сынньанар былаһаакканы уонна туалеты туппуттар. Ол иһигэр айылҕаны харыстыыр, олохтоох уулары киртитиини мэһэйдиир, харгыстыыр сэттэ локальнай тутуулары оҥорбуттар. 2024 сыл түмүгүнэн 46 км (ыйыллыбыт 18 км) суол аспаалга көһөрүллүөҕэ. «Лена» трассатын уопсай уһуна 1153 км уонна суол устатын тухары кэриэтэ (97 %) аспаал бүрүөһүнэ оҥоһулунна. Онтон хаалбыт 31 километры айан суола 2025-2026 сылларга аспаалланара күүтүллэр.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
3 ноября
  • -26°C
  • Ощущается: -33°Влажность: 76% Скорость ветра: 2 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: